Михаил Дегтярев: «Успуорт барыстаах буолуон сөп, ол эрэн сүрэҕэлдьээбэккэ үлэлиэххэ наада»

Share

Хабаровскай кыраай экс-губернатора Михаил Дегтярев Арассыыйа  успуордун миниистирин дуоһунаһыгар  ыам ыйын 14 күнүгэр бигэргэммитэ.

Эрэгийиэн салайааччытынан үлэлиэҕиттэн аҕыйаҕа суоҕу ситистэ – Росстат чахчытынан,  эрэгийиэн ис баалабай бородууктата 24% улаатта, сүрүн хапытаалга инвестициялар улааттылар, үлэтэ суох буолуу аҕыйаата. Дегтярев успуорка ситиһиилэрэ эмиэ бэлиэтэннилэр – “Амур” хоккей кулууба бонкуруоттан тахсан,  үп өттүтэн туруктаах хамаанданан буолан, КХЛ плей-офф киирдэ. Онтон хабаровскайдар «СКА-Нефтяник» кулууптарын бэрэстэбиитэллэрэ мээчиктээх хоккейга Арассыыйа-2023  чөмпүйүөнүн аатын уонна Арассыыйа-2022 кубогын ыллылар.

Михаил Дегтярев Физкультурник күнүн иннинэ ТАСС биэрбит интервьютугар саҥа дуоһунаска үс ыйдаах үлэтин, успуорт сэбиэскэй систиэмэтэ тугунан күүстээҕин уо.д.а. кэпсээтэ.

— Бэйэҕин физкультурнигынан ааҕынаҕын дуо?

— Биллэн турар. Мэлдьи эти-хааны чэбдигирдиинэн дьарыктанабын, ону барыгытыгар сүбэлиибин. Булгуччу ханна эрэ стадиоҥҥа эбэтэр успуорт эбийиэктэригэр барыахха диэн буолбатах. Ону сарсыарда да оҥоруохха сөп – гимнастиканы,  уунаҥныырга, пресскэ эрчиллиилэри оҥоруохха сөп. Бу барыта бэйэҕин үчүгэйдик сананаргар сөп буолар. Биһиги бэрэсидьиэммититтэн холобурда ылыҥ.

Биһиги дойдубут олус киэҥ уонна эрэгийиэннэргэ успуорт араас интэриэһинэй, маассабай көрүҥнэрэ бааллар, онтон аҕыһа билиниллибитэ. Ол мас тардыһыыта, уһуҥҥа ыстаныы, корэш, хапсаҕай уо.д.а. Мин санаабар, мас тардыһыыта саамай маассабай. Мин Дьокуускайга сырыттым, Успуорт национальнай көрүҥнэрин сайыннарар киини көрдүм. Олус үчүгэй. Биһиги бу хайысханан үлэлиэхпит, успуорт бу көрүҥнэрэ сайдалларын өйүөхпүт.  Баҕар, туох эрэ саҥа арыллыа, саҥа тыын кэлиэ. Онон успуорт национальнай көрүҥнэрэ – биһиги материальнайа суох баайбыт. Сайыннарыахпыт, кыаллар ньымаларынан өйүөхпүт.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тымныыттан, дьаҥтан хайдах харыстанабыт?

Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…

20 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Ленскэйгэ оһоҕунан оттуллар дьиэ умайда, Уус Маайаҕа оҕо массыынаҕа киирэн биэрдэ

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…

25 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айылҕаттан иэйии ылар тыа сирин худуоһунньуга

Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…

39 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Степан Аржаков туһунан дойдубут тэбэр сүрэҕэр…

Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…

1 час ago
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Юрий Трутнев Москваҕа кэллиэгийэҕэ кытынна

Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Атахпыт анныгар харалла сытар түҥ былыргы олохтон

Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…

2 часа ago