Михаил Ефимович Николаев бөлөһүөктүү көрүүлэрин туһунан кинигэ сүрэхтэннэ
«Михаил Ефимович Николаев: вклад в государственную семейную политику Российской Федерации» диэн кинигэ сүрэхтэниитэ бүгүн, ыам ыйын 15 күнүгэр, бастакы бэрэсидьиэн М.Е.Николаев аатынан бибилэтиэкэ-архыып Николаев-Киинигэр буолла.
Тэрээһин СӨ Уопсастыбаннай палаататын өйөбүлүнэн уонна бибилэтиэкэ-архыып, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ Педагогическай института, «Арассыыйа дьиэ кэргэнэ» национальнай уопсастыбаннай кэмитиэт Саха сиринээҕи салаата тэрийиилэринэн ыытылынна. Кинигэ кэлэктиибинэй монография быһыытынан тахсыбыт. Манна РФ судаарыстыбаннай дьиэ кэргэн бэлиитикэтэ, «Арассыыйа дьиэ кэргэнэ» национальнай уопсастыбаннай кэмитиэт, СӨ дьиэ кэргэн судаарыстыбаннай бэлиитикэтин курдук хайысхалар киирдилэр. М.Е.Николаев уһун сыллар усталара Арассыыйа дьиэ кэргэнэ Национальнай уопсастыбаннай кэмитиэтин бочуоттаах бэрэсидьиэнэ этэ.
Кинигэ сүрэхтэниитин үөрүүлээх дьоһун тэрээһинэ саҕаланыан иннинэ Николаев-Киин бибилэтиэкэ-архыып дириэктэрэ Юрий Иванович Семенов кэлбит ыалдьыттарга бибилэтиэкэни көрдөрдө, билиһиннэрдэ. Ол кэнниттэн кинигэ сүрэхтэниитэ сахалыы алгыс тылынан саҕаланна. Хомус доҕуһуолунан алгыс сиэрин-туомун норуоттар икки ардыларынааҕы уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустар лауреаттара Сахая Нохсорова толордо. Ону сэргэ Кристина Винокурова салалтатынан Хатастааҕы ускуустуба оскуолатыттан кэлэн муусука тыыннаах доҕуһуолун толордулар. Николаев-Киин салайааччыта Юрий Иванович Семенов тэрээһини иилээн-саҕалаан ыытта. Дьоһун тэрээһиҥҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Олег Иринеев, СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистири солбуйааччы Иннокентий Коротких, Ил Түмэн социальнай бэлиитикэтин уонна дьарыктаах буолуу сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова, Арассыыйа ийэлэрин Саха сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ Прасковья Борисова, кинигэ ааптара, социологическай наука хандьыдаата Анастасия Божедонова, Александр Ким-Кимэн, Хаҥалас улууһун дьаһалтатын дэлэгээссийэтэ кыттыыны ыллылар.
Научнай кинигэ ааптардарынан Галина Ивановна Климантова, Мария Михайловна Прокопьева, Лена Павловна Ефремова о.д.а. буолаллар.
Кинигэ ааптара «Арассыыйа дьиэ кэргэнэ» Национальнай уопсастыбаннай кэмитиэт Саха сиринээҕи салаатын салайааччы, Уопсастыбаннай палаата чилиэнэ Лена Павловна Ефремова санаатын үллэһиннэ:
— Бүгүн, дьиэ кэргэн аан дойдутааҕы күнүгэр Николаев-кииҥҥэ биһиги «Михаил Ефимович Николаев: вклад в государственную семейную политику Российской федерации» диэн кинигэтин сүрэхтэниитигэр муһуннубут. 2004 сыллаахха М.Е.Николаев көҕүлээһининэн Национальнай уопсастыбаннай «Арассыыйа дьиэ кэргэнэ» кэмитиэти тэрийии туһунан быһаарыы ылыныллыбыта. «Арассыыйа дьиэ кэргэнэ» Национальнай уопсастыбаннай кэмитиэт сүрүн хайысхатынан Арассыыйа дьиэ кэргэттэрин туруктаах олоҕо, чөл доруобуйалара, эдэр дьиэ кэргэн кыһалҕата, тыа сирин дьиэ кэргэнин балаһыанньата, дьиэ кэргэн үтүө үгэстэрэ, үүнэр көлүөнэни патриотическай хайысхаҕа иитии сүрүн болҕомтоҕо ылыллыбыттара. Кэмитиэт эрэгийиэннээҕи салаатын уһун сыллар усталара профессор, педагогическай наука дуоктара Мария Михайловна Прокопьева салайан кэлбитэ. Кини кэллэктиибинэй монография кинигэ ааптардарыттан биирдэстэрэ буолар. Кинигэ ааптардарынан Дьиэ кэргэн, демография кэмитиэтин өр кэмҥэ салайан кэлбит Божедонова Анастасия Николаевна, Сергучев Алексей Егорович о.д.а буолаллар. Кинилэр бэйэлэрин кэмнэригэр судаарыстыбаннай дьиэ кэргэн бэлиитикэтин төрүттэниитигэр үгүс сыраларын уурбут дьон буолаллар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит дьиэ кэргэн уонна демография хайысхатыгар дойду үрдүнэн сүрүннүүр эрэгийиэн буолар. Биһиги оҕо төрөөһүнүгэр Уһук Илиҥҥэ бастакы сылдьабыт, оттон дойду үрдүнэн сэттис миэстэҕэ баарбыт. Бу уһун сыллар усталара өрөспүүбүлүкэбитигэр ыытыллыбыт уонна уопсастыбаннаска, ону сэргэ биһиги бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Николаев идиэйэтигэр, уһун сыралаах үлэтигэр тирэҕирбит түмүктэр буолаллар. Биһиги Национальнай уопсастыбаннай кэмитиэт бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович туһунан кинигэни таһаарыы туһунан быһаарыныыбыт түмүгүнэн, ыам ыйын 24 күнүгэр, Москва куоракка Арассыыйа дьиэ кэргэнэ кэнгириэс ыытыллыаҕа. Бу кэнгириэс иккис күнүгэр монографиябыт сүрэхтэниитэ буолуоҕа. Манна дойду эрэгийиэннэрин бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ылыахтара.
Профессор, педагогическай наука дуоктара, Саха сиригэр дьиэ кэргэн уонна оҕо саас кыһалҕаларын научнай оскуолаларын төрүттээччи Мария Михайловна Прокопьева:
— Михаил Ефимович Николаев — биһиги дьолбутугар төрөөбүт киһи. Биһиги саха норуота, норуот быһыытынан туруктаах олохтоох дьиэ кэргэн буолан олорорбутугар элбэх наадалаах ыйаахтары ылбыта. Холобур, ийэ күнэ, аҕа күнэ, кыыс, уол оҕо күннэрэ. Ону таһынан дьиэ кэргэн бэлиитикэтин кэнсиэпсийэтэ буолар. Ыал иннин диэки сайдар тускулун кэрэһэлээбит киһи. Национальнай бырайыактары 90-c сыллартан саҕалаан олоххо киллэрбитэ. Ол туһунан биһиги кинигэҕэ барытын сааһылаан киллэрдибит. Хасыһан, сыныйан аахтахха, барыта сурулла сылдьар. Биһиги кинигэни хомуйан оҥоро сылдьан Михаил Ефимович олоҕу киэҥник ырытарын, хайдахтаах курдук инникини өтө көрбүтүн сөхтүбүт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: