Норуодунай суруйааччы Софрон Данилов аҕа доҕорун Амма Аччыгыйын кытары кэпсэппитин “Кэмигэр этиллибит үтүө тыл” диэн бэлиэтээһинигэр суруйан хаалларбыта баар. Онно кини Николай Егорович: “Өлөр өлүү, кэллэҕинэ, ыҥырыыта-ыйдарыыта суох бэйэтэ да булуоҕа. Бу күн сиригэр букатын кэлбит курдук сананан сырыт!” – диэн мөҕөр-сүбэлиир икки ардынан эппитин ахтан ааһар. Кырдьыга да, бу Орто дойдуга букатын кэлбит суох эрээри, Михаил Ефимович биһиги ортобутугар өрүү баар буолуоҕун курдук саныырбыт. Хомойуох иһин, атырдьах ыйын 4 күнэ биһиги бары ытыктыыр, убаастыыр, тумус туттар киһибитин, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы бэрэсидьиэнин, судаарыстыбаннай деятели, Платон Ойуунускайдаах, Максим Аммосовтаах, Исидор Бараховтаах кэннилэриттэн өрөспүүбүлүкэбитин өрөспүүбүлүкэ дэттэрбит аҕа баһылыкпытын, нациябыт аҕатын Михаил Ефимович Николаевы илдьэ барда…
“Көҥүлү ылыы дьоло”
Михаил Ефимович Сахатын сиригэр айан-тутан, олохтоон хаалларбытын киһи ааҕан сиппэт. Хас биирдии эйгэбит кини аатын кытары ыкса сибээстээх. Доруобуйа харыстабыла, тыа хаһаайыстыбата, бырамыысыланнас, үөрэх, наука, култуура буоллун барытыгар кини саҕалаабыт, тэрийбит үлэтэ. 90-с сыллар саҕаланыыларыгар Саха сирэ Арассыыйа киинин кытары Федеративнай дуогабар баттаһыыта, бэйэтин суверенитетын ылыныыта, Төрүт Сокуонун саҥалыы оҥоруута, сирин-уотун бас билиитэ, өрөспүүбүлүкэ сайдыы суолун аартыгар үктэниитэ барыта Михаил Ефимович дьулуурунан, кимиилээх үлэтинэн ситиһиллибитэ.
“90-с сыллар саҕаланыыларыгар эһиги көрүө этигит, хайдахтаах курдук дьон хараҕа умайа түспүтүн. Бэл диэтэр, биир харыс үрдээбиккэ дылы буолбуттара. Ол – көҥүлү ылыы дьолун билии этэ. Биһиги дьылҕабыт бэйэбит илиибитигэр баар диэн хас биирдиибит уруйдаабыппыт”, — диэн Михаил Ефимович “Саха сирэ” хаһыакка биэрбит бүтэһик интервьютугар хараҕа уоттанан олорон этэн аһарбыта.
Ил Түмэн Бастакы уонна иккис ыҥырыылаах мунньахтарын дьокутаата, Саха сирин Төрүт сокуонун оҥорсууга үлэлэспит Ульяна Винокурова: “Михаил Ефимовичка сүүрбэһис, сүүрбэ биирис үйэлэр кирбиилэрин атааннаах уларыйыыларыгар биһиги өрөспүүбүлүкэбит тулуктаһан, сайдыы саҥа суолугар тахсарын туһугар килбиэннээх үлэтин иһин олус махталлаахпын”, — диэн Михаил Ефимовиһы кытары бырастыылаһыы кэмигэр эппитэ. Ульяна Алексеевна санаатын Михаил Ефимович бииргэ үлэлээбит доҕотторо бары да кэриэтэ үллэстэллэрэ буолуо дии саныыбын. Тоҕо диэтэргин, оччолорго өрөспүүбүлүкэ салайааччытын быһыытынан эппиэтинэһи ылыы ама киһи сүкпэт сүгэһэрэ этэ.
Федерация Сэбиэтин сенатора, Саха сирин үһүс аҕа баһылыга Егор Борисов: “Өрөспүүбүлүкэбит саамай уустук кэмигэр ким эрэ эппиэтинэһи сүгүөхтээҕэ. Оннук киһинэн оччолорго САССР Верховнай Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Михаил Ефимович буолбута. Бу сүгэһэри сүгүү судургута суоҕа эрдэттэн биллэрэ. Михаил Ефимович онно салайааччы, лидер быһыытынан норуотун суолдьут сулус курдук бэйэтин кэнниттэн сирдээн барбыта. Кини ханнык баҕарар боппуруоска норуотун инники күөҥҥэ туппута. Ол кини атын эрэгийиэннэр салайааччыларыттан уратыта этэ”, — диэн бэлиэтиир.
Михаил Ефимович ити кэмҥэ бэйэтин эрэ дойдутун буолбакка, Арассыыйа национальнай өрөспүүбүлүкэлэрин бэйэтин кэнниттэн батыһыннарбыта. Ол курдук, 90-с сылларга Татарстан, Башкирия, Кавказ өрөспүүбүлүкэлэрин курдук национальнай эрэгийиэннэр Арассыыйа киинин кытары биир тылы булбакка олордохторуна, Михаил Ефимович бэйэтин хардыытынан атыттарга холобур буолбута. Национальнай өрөспүүбүлүкэлэр хайа да түгэҥҥэ бэйэ-бэйэбитин өйөнсүһэ, хас биирдии хамсаныыбытын кэтэсиһэн көрө сылдьар үгэспитинэн, бу өрөспүүбүлүкэлэр Саха сирин холобурун ылыммыттара. Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы бэрэсидьиэнэ Минтимер Шаймиев: “Михаил Ефимовиһы уруккуттан билэбин. Кини айылҕаттан бэриллибит муударай өйүн-санаатын, ханнык баҕарар боппуруоһу дириҥник хорутан өйдүүрүн, быһаарарын, норуотугар, дьонугар-сэргэтигэр, дойдутугар олус бэриниилээҕин куруутун бэлиэтии, сөҕө көрөрүм”, — диэн телеграмматыгар бэлиэтиир. Манна даҕатан эттэххэ, башкирдар быйыл эмиэ улахан сүтүктэммиттэрэ. Дойдуларын сүүрбэччэ сыл салайбыт бастакы бэрэсидьиэннэрэ Муртаза Рахимов тохсунньуга бу олохтон туораабыта. Михаил Ефимович кинини кытары эмиэ үлэлэһэрэ.
Михаил Николаев кэнниттэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин муоһатын тутан хаалбыт иккис бэрэсидьиэммит Вячеслав Штыров: “Михаил Ефимович Сахатын сирин эрэ буолбакка бүтүн Арассыыйа туһун көрөрө. Вице-бэрэсидьиэнинэн үлэлии сырыттахпына бырабыыталыстыбаҕа өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн, кыһалҕатын эрэ көрүмэҥ, федерация иннигэр турар соруктарбытын, эбэһээтилистибэбитин умнумаҥ, Арассыыйа чөл туруктаах буолуутугар биһиги эмиэ эппиэтинэстээхпит диэн этэрэ”, — диэн бэлиэтээн, Михаил Ефимович Арассыыйа уустук кэмигэр улахан сирдээх-уоттаах эрэгийиэн быһыытынан бэйэтин куолаһын күүскэ иһитиннэрбитин бэлиэтээн этэр.
Арассыыйа сайдарыгар бэйэтин кылаатын киллэрсибитэ
Кырдьыга да оннук. Манна Михаил Николаев оччолорго Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Борис Ельцинныын бииргэ үлэлээн, Арассыыйа Төрүт сокуонун олоххо киллэриигэ кылаатын киллэрсибитин бэлиэтиир тоҕоостоох.
“Маннык уустук кэмҥэ биһиги курдук аҕыйах ахсааннаах омуктар автономиялара федеральнай киини кытта хайдах сыһыаны олохтуохтааҕа барыбытын да долгутара. Мин Арассыыйа норуоттарын бастакы съеһигэр дойдубут Конституциятын барыллыыр хамыыһыйатын чилиэнинэн талыллан барбытым. Мэлдьэспэппин, олус уустук кэмнэр этилэр”, — диэн Михаил Ефимович оччотооҕу үлэтин туһунан өрүүтүн долгуйа ахтара.
Бу күннэргэ Арассыыйабыт салалтатыттан — бэрэсидьиэн Владимир Путинтан, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлиттэн Михаил Мишустинтан, Федерация Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Валентина Матвиенкоттан – Ил Дархан Айсен Николаев уонна Саха сирин бары олохтоохторун аатыгар телеграммалар кэллилэр.
Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин: “Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев бу олохтон туораабытынан Саха сирин бары олохтоохторугар дириҥ кутурҕаммын тиэрдэбин. Михаил Николаев төрөөбүт төрүт дойдутун ис сүрэҕиттэн олус таптыыра, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар, норуот үгэһин, култууратын тутан хааларыгар, сайыннарарыгар, нэһилиэнньэ олоҕун тупсарыыга сүдү кылаатын киллэрсибитэ. Ону таһынан кини дойдубут туһугар норуоттар икки ардыларыгар сыһыаннаһыыга киллэрбит кылаата сүҥкэн. Ити Арассыыйа сайдыытыгар улахан оруоллаах”, — диэн иһитиннэрдэ.
Оттон Федерация Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Валентина Матвиенко: “Михаил Ефимович бэйэтин Сахатын сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар эрэ буолбакка, бүтүн Арассыыйа судаарыстыбаннаһа атаҕар туруутугар дириҥ кылаатын киллэрсибит киһибит. Парламентаризм, сокуон эйгэтэ сайдарыгар олус элбэҕи оҥорон барда. Михаил Николаев дьонугар-сэргэтигэр куруутун өйөбүл, дурда-хахха буола сылдьыбыта. Биир дойдулаахтара эрэ буолбакка кинини билэр дьон бары олус убаастыыллар, ытыктыыллар. Михаил Ефимович айылҕаттан бэриллибит муударай өйдөөх-санаалаах, кини көрүүтэ хаһан баҕарар ураты уонна киэҥ буолааччы, ис сүрэҕиттэн дьонум-сэргэм, норуотум туһа диэн үлэлиирэ-хамсыыра. Биһиги кинини Арассыыйа дьиҥнээх патриотун быһыытынан өрүүтүн өйдүү-саныы сылдьыахпыт”, — диэн иһитиннэрэр.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин Михаил Ефимович уопуттаах салайааччы, инникини өтө көрөр бэлиитик буоларын этэн туран: “Михаил Николаев ханнык да бэйэлээх уустук боппуруостарга куруутун сөптөөх суолу таба тайанара, кини – стратегическэй көрүүлээх бэлиитик”, — диэн эттэ.
Дойду салайааччыларыттан итинник телеграммалар кэлэллэрэ Михаил Николаев үлэтэ-хамнаһа Арассыыйа таһымыгар билиниллиэн билиниллибитин кэрэһэлиир.
Ийэ уонна оҕо туһугар
Михаил Ефимович Верховнай Сэбиэт бэрэссэдээлинэн үлэлии сылдьан, 1991 сыллаахха ахсынньыга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы бэрэсидьиэнинэн талыллыбыта. 1996 сыллаахха иккиһин быыбарданан, өрөспүүбүлүкэни иккис болдьоҕор салайар эппиэтинэһи салгыы сүкпүтэ. “Михаил Ефимович дьон-норуот хара маҥнайгыттан ылыммыт киһитэ этэ. Кини өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар өссө 70-с сыллардаахха кэлбитэ. Ол саҕаттан бэттэх норуота кинини сылайбат сындааһыннаах, булгуруйбат күүстээх санаалаах, туруоруммут сыалын ситиһэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ сааһыттан, дуоһунаһыттан тутулуга суох аламаҕайдык сыһыаннаһар, үлэҕэ-хамнаска олус ирдэбиллээх, бэйэтин тула үгүс киһини түмэ тардар салайааччы быһыытынан ылыммыта. Ол ону норуот сэһэн оҥостубута”, — диэн Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы, норуот дьокутаата Александр Жирков Михаил Ефимовиһы кытары бырастыылаһыы кэмигэр эппитэ.
Александр Николаевич ити этэн аһарбытын курдук, Михаил Николаев хара үлэлиэҕиттэн нэһилиэнньэ чөл туруктаах, үөрэхтээх, духуобунай сайдыылаах буолуутугар сүрүн болҕомтотун уурбута. Кини итинэн сирэйдээн кэлэр көлүөнэҕэ үлэтин анаабыта. Бастатан туран, манна кини дьиэ кэргэн, ийэ, аҕа оруолун үрдэппитэ. Өрөспүүбүлүкэ таһымыгар Ийэ, Аҕа күннэрин, Оҕо сылын тэрийэн ыыппыта, кэлин бу саҕалааһыннара бүтүн Арассыыйа үрдүнэн тарҕаммыттара. Нэһилиэнньэ чөл туруктаах буолуутугар аҥаардас Медицина, Оҕо уонна ийэ харыстабылын кииннэрин туттарбыта да элбэҕи этэллэр.
Аны “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулары тэрийэн, өрөспүүбүлүкэбит киин куоратыгар “Самородок” бассейн, “Туймаада”, “Юность” стадионнар, “Кыайыы 50 сыла” спортивнай дыбарыас курдук улахан спортивнай тутуулар үлэҕэ киирбиттэрэ.
«Азия оҕолоро» оонньуу кэмигэр.“Михаил Ефимович спортка улахан болҕомтону ууран кэлбитэ. Билигин санаатахха, кини олус да ырааҕы өтө көрбүт эбит. Холобур, оччотооҕуга олохтообут “Азия оҕолоро” оонньуута билигин аан дойду таһымыгар таҕыста. Мин бэйэм бастакы ыытыллыбыт “Азия оҕолоругар” кыттыбытым. Миэхэ бу аан дойду таһымнаах күрэхтэһиилэргэ кыттарбар бастакы хардыым этэ”, — диэн спорт миниистирэ Леонид Спиридонов иһитиннэрэр.
Кырдьык, “Азия оҕолоро” бу оҕо спордун сайыннарыыга эрэ буолбакка, олус улахан далааһыннаах тэрээһин этэ. Оччотооҕу кэмҥэ, сорох дойдулар Сэбиэскэй сойуус эстибитигэр күлүктэригэр имнэнэ олорор кэмнэригэр, Арассыыйа тас дойдулары кытары үлэлэһиитигэр далаһа уурбута. “Азия оҕолорун” нөҥүө 90-с уонна 2000 сыллардаахха Казахстаны, Монголияны, Киргизияны, Арменияны, Таиланы, Тайваны, Вьетнамы, Индияны, Мьянманы, Малайзияны, Филиппинаны, Япония, Кытайы, Соҕуруу Кореяны, Корея Народнай-Демократическай Өрөспүүбүлүкэтин, Турцияны, о.д.а. дойдулары кытары доҕордуу сыһыаны олохтообута.
Үөрэхтээһин эйгэтин тыа сирдэригэр саҥа таас оскуолалар тутууларыттан саҕалаан төрөөбүт төрүт тылы үөрэтиигэ тиийэ киһи туспа ылан олус элбэҕи этиэн сөп. Манна бэйэбиттэн биир суолу бэлиэтиэхпин баҕарабын. Биһиги көлүөнэ дьон оскуола боруогун Михаил Ефимович аатын ааттаабытынан, кини биэртэлээбит бартыбыалын сүкпүтүнэн, мин сахабын, мин бэрэсидьиэннээхпин диэн киэн туттубутунан, Сахабыт сирин былааҕын үөһэ өрө туппутунан киирбиппит. Уонна оннук оскуоланы бүтэриэхпитигэр, устудьуоннуур да сылларбытыгар кини үөрэххэ анаабыт уларытыыларын эппитинэн-хааммытынан билэн улааппыппыт. Циркаҕа оскуолаҕа оҕолорун Кытайга баран үөрэттэрии, Саха-Корейскай оскуолатын, бэрэсидьиэн оскуолаларын, лицейдарын арыйыыта, оскуола оҕолорун Саҥа Дьыллааҕы тэрээһинигэр ыҥыран бастыҥнарга өрөспүүбүлүкэҕэ саҥа тарҕанан эрэр компьютердары бэлэх биэриитэ – бу барыта биһиги оскуолаҕа үөрэнэр кэммитигэр этэ. Ол да иһин: “Сүрэххэ баар умнуллубат, хаһан да сотуллубат. Михаил Ефимович биһиги сүрэхпитигэр баар киһибит”, — диэн норуоттар дьыалаларыгар, федеративнай сыһыаннаһыыга департамент салайааччытынан үлэлээбит Афанасий Мигалкин этиитин олус чугастык ылынныбыт.
Үөрэх хайысхатыгар бу кэлин “Музыка барыбытыгар” диэн бырайыагы олохтообута. Бырайыак научнай-методическэй киинин салайааччыта Ольга Харайбатова: “Михаил Ефимович бу бырайыагы толкуйдуон иннинэ бастаан Музыка үрдүкү оскуолатын, Култуура Арктикатааҕы институтун, Хореография училищетын арыйбыта. Бу бырайыактары кини үөрэх хаачыстыбатын тупсараары толкуйдаабыта. Кини киһи мэйиитин сайыннарар музыкаттан ордук улахан инструмент суох диэн этэр этэ. Кэлиҥҥи сылларга бу бырайыагын наһаа иитиэхтиир этэ. Бу бырайыагын сайыннаран, өссө хас улуус аайы духовой оркестр баар буолуохтааҕын этэрэ. Тыа сирин оскуолаларын кытары үлэлэһиини болҕомтотугар тутара, куруутун ыйыталаһара”, — диэн бэлиэтиир.
Үрдүк үөрэххэ, наукаҕа, эдэр исписэлиистэри бэлэмнээһиҥҥэ сыһыаннаан эттэххэ, Михаил Ефимович дьаһалынан тыа сирдэригэр орто, үрдүк үөрэх кыһалара арыллыбыттара. Туһааннаах департамент тэриллэн, Саха сирин оҕолоро Арассыыйа киин эрэгийиэнэрин үөрэхтэрин кыһаларын таһынан аан дойду биллэр-көстөр үөрэхтэригэр үөрэнэ барар кыахтаммыттара. Бу барыта, биллэн турар, бэрэсидьиэн ыччакка, кэлэр көлүөнэҕэ туһулаабыт үлэтэ этэ.
“Үөрэх, наука сайдыыта барыта Михаил Ефимович аатын кытары быһаччы сибээстээҕэ. Өскөтүн урукку сылларга Москватааҕы судаарыстыбаннай университекка дойдубут киин куоратыттан устудьуоннар – 75 %, эрэгийиэннэртэн – 25 % киирэр эбит буоллахтарына, Михаил Николаев этии киллэриитинэн, аҕыйах сылынан эрэгийиэннэртэн оҕолору ылыы бырыһыана үрдээбитэ. Ити курдук Саха сирин оҕолоро Арассыыйа киин эрэгийиэннэригэр, тас дойдуларга баран үөрэммиттэрэ”, — диэн бэлиэтиир М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-илиҥҥи федеральнай университет бэрэсидьиэнэ Евгения Михайлова.
“Саха сирин оҕолорун тас дойдуларга үөрэттэрии бырагыраамматынан мин эмиэ үөрэнэн кэлбитим. Онно сылдьан киһи бэйэтин дойдутун атын дойдуну кытары тэҥнээн көрөр эбит этэ. Михаил Ефимович ханна да сырыттаргыт дойдугутун сайыннарар, дойдугутугар туох саҥаны киллэрэр туһугар үлэлэһиҥ диэн этэрэ”, — диэн бэйэтин санаатын иһитиннэрэр кутурҕан күнүгэр Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев.
Өр сылларга Михаил Ефимовиһы кытары үлэлэспит Матвей Мучин: “Биһиги Михаил Ефимович үлэлэрин биэс сүрүн хайысханан көрүөхтээхпит дии саныыбын. Бастатан туран, кини судаарыстыба сайдыытыгар туох үлэни ыытта? Иккиһинэн, тугу төрүттээтэ? Үсүһүнэн, туох саҥаны киллэрдэ? Төрдүһүнэн, тугу туттарда? Бэсиһинэн, эдэр исписэлиистэри үүннэрэн таһаарыыга үлэтин көрүөххэ”, — диэн эппитэ сөп.
“Духуобунаһа суох нация суох”
Михаил Ефимович – биһиги духуобунай салайааччыбыт. Кини Алексей Кулаковскайы-Өксөкүлээх Өлөксөйү саҥа таһымҥа таһаарбыт киһибит буолар. Былырыын Хаҥаласка киниэхэ анаан улахан симпозиум ыыттаран турар. Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан 2023-2027 сыллар Алексей Кулаковскай сылларынан биллэриллибиттэрэ.
“Духуобунаһа суох нация суох. Алексей Кулаковскайы-Өксөкүлээх Өлөксөйү биһиги нациябытын көрдөрөр духуобунай лидербит, өрөспүүбүлүкэбит уобараһын быһыытынан ылыныах тустаахпыт. Кини үлэлэрин Арассыыйа, аан дойду таһымыгар таһаарыахха”, — диэн Михаил Ефимович симпозиум кэмигэр кэс тылын этэн хаалларбыт эбит.
“Михаил Николаев өрөспүүбүлүкэ салайааччыларыттан аан бастакынан Өксөкүлээх норуокка суолтатын өйдөөн, киэҥ далааһыннаах үлэни иилээн-саҕалаан ыыппыта. Бэйэтин үлэлэрин Алексей Елисеевич үлэлэригэр тэҥҥэ дьүөрэлээн илдьэ сылдьыбыта. Биһиги Михаил Ефимовичка махталбыт муҥура суох”, — диэн Өксөкүлээх Өлөксөй сыдьааннарын ааттарыттан Лариса Кулаковская иһитиннэрэр.
Михаил Ефимович духуобунаһы өрө тутан култуура министиэристибэтигэр духуобунас сайдыытыгар туспа департамент тэрийтэрэн үлэлэппитэ. Ол иһин биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр Арассыыйаҕа биир бастакынан Култуура уонна духуобунас сайдыытын министиэристибэтэ баар буолбута. “Мин Михаил Ефимович “Андрей, биһиги Сахабыт сирин туһугар улахан эппиэтинэстээхпит” диэбитин хаһан да умнубаппын”, — диэн сүүрбэттэн тахса сыл култуура уонна духуобунас сайдыытын миниистиринэн үлэлээбит Андрей Борисов кутурҕан күнүгэр иһитиннэрбитэ ураты суолталаах этэ.
Бастакы бэрэсидьиэммит айар эйгэҕэ сылдьар дьону кытары атах тэпсэн олорон элбэхтэ сүбэлэһэрэ, санаабытын истэрэ диэн айар сойуустар бары ахталлар. “Саха театрын тутуутун Михаил Ефимович бэйэтин тус хонтуруолугар илдьэ сылдьыбыта. “Туох солуннааххыт, тугу саҥаны туруораары сылдьаҕыт” диэн киирэн кэлэрэ. Биир дьыл сойуустары барыбытын мунньан баран тыа сирдэрин кэрийиҥ, нэһилиэнньэни кытары тахсан көрсүһүҥ диэн барыбытыгар массыына биэртэлээн турар”, — диэн санаатын үллэстэр норуот артыыһа Анатолий Николаев.
Михаил Ефимович ити үөһээ этэн аһарбытым курдук, Арассыыйа таһымыгар үлэни-хамнаһы ыытара. Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Наталья Харлампьева Михаил Ефимович 1995 сыллаахха Арассыыйа суруйааччыларын түмүүгэ сүрдээх улахан хамсааһыны таһаарбытын бэлиэтиир. “Кини ССРС суруйааччыларын сойууһа ыһыллан, баһа-атаҕа биллибэт кэмигэр Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун улаханнык өйөөн турар. Саха сиригэр ити сылга Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун көһө сылдьар мунньаҕа ыытыллыбыта. Михаил Николаев “АЛРОСА” сөмөлүөтүнэн суруйааччылары тиэйэн, Өлүөнэ очуостарын көрдөрөн, Дьокуускайга мунньаҕы үрдүк таһымнаахтык ыытан, Сойууспут тэриллиитигэр төһүү буолбута. Кэлин Сойууспут салайааччыта Валерий Ганичев: “Михаил Николаев Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун тэрийэрбитигэр көмөтө улахан. Сойууспут бастакы пленума Саха сиригэр ыытыллыбыта,” – диэн олус махтанан туран этэрэ. Ити пленумҥа эрэгийиэннэртэн сойуус бэрэссэдээтэллэрэ бары кэриэтэ кэлбиттэрэ”, — диэн этэр Наталья Ивановна.
Култуураны, духуобунаһы сайыннарыы бэйэ нациятынан, дьонунан-сэргэтинэн киэн туттуутуттан, историятын ааҕа билэринэн саҕаланарын Михаил Ефимович сүрдээх үчүгэйдик билэрэ.
“Мин Саха сирин олохтооҕобун”
Ол иһин Михаил Ефимович ити 90-с сылларга Саха сирин олохтоохторо төбөлөрүн өрө көтөҕөн мин сахабын дэниилэригэр Сэбиэскэй сойуус саҕана тахсыбыт икки улахан ыйааҕы көтүттэрэн турар. Бастакытынан, Саха сириттэн репрессияҕа түбэспит дьоммут үтүө ааттарын төнүннэриигэ үлэлэспитэ. 1994 сыллаахха Михаил Николаев кэпсэтэн, “О восстановлении справедливости в отношении репрессированных в 20-30-е годы представителей якутского народа” диэн Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин илии баттааһыннаах ыйаах тахсыбыта. Бу бүтүн саха норуота бэйэтин сахабын диэн билиниитигэр сүҥкэннээх улахан ыйаах этэ.
Иккиһинэн, Михаил Ефимович Аҕа дойду сэриитин кэмигэр Чурапчы колхуостарын көһөрүллүүтүн туһунан КПСС уобаластааҕы кэмитиэтин быһаарыытын көтүттэрбитэ. Бу быһаарыыны көтүрүү аҥаардас Чурапчы улууһун эрэ дьонугар буолбакка Саха сирин историятыгар олус улахан суолталаах хардыы этэ. Бу туһунан норуодунай суруйааччы Сэмэн Тумат: “Михаил Ефимович бэйэтэ көһөрүллүү кыһалҕатын, хоту дойду олоҕун көрбүт киһи буолан, норуотун иэдээнин наһаа дириҥник ылынара, билэрэ. Саамай сүрүнэ баартыйа үлэтэ тохтотуллуон иннинэ ити быһаарыыны көтүттэрбитэ. Онон бүтүн Саха сиригэр улахан суолталаах хардыыны оҥорбута”, — диэн бэлиэтиир.
90-с сыллардаахха саха норуота бэйэтин тылын-өһүн, култууратын, духуобунаһын, олоҥхотун, ырыатын-тойугун, ыһыаҕын, оһуохайын инники күөҥҥэ таһаарбыта. Онуоха мин сахабын дэниитигэр историяҕа хаалбыт хара мэҥ сотуллуохтааҕын норуот өйө-санаата уһуктарыгар олус наадатын биһиги бастакы бэрэсидьиэммит өтө көрбүтэ.
Михаил Ефимович Арктика, хоту дойду сайдыытыгар ураты болҕомтотун уурара. Хоту дойду кыһалҕатын Арассыыйаны ааһан аан дойду таһымыгар таһаарбыта. Ол курдук, кини этиитинэн Хотугу форум, Арктика сэбиэтин курдук норуоттар икки ардыларынааҕы түмсүүлэр тэриллибиттэрэ. Ил Түмэн хоту дойду аҕыйах ахсааннаах норуоттарын уонна Арктика боппуруостарыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева: “Михаил Ефимович 90-с сыллардаахха Хотугу муустаах муоранан сырыыны сайыннарыахха наада диэн этэрэ. Ону сэргэ манна олорор норуоттар култуураларын, тылларын-өстөрүн, духуобунастарын сайыннарыыга үлэлэһэрэ. Биир сүрүн боппуруоһунан экология боппуруоһун туруорара. Бу хайысханан Арассыыйаны ааһан аан дойду таһымыгар үлэлэһэрэ. Кини салайар кэмигэр “Хотугу форум” Канаданы, Кытайы, Финляндияны, Японияны, Монголияны, Норвегияны, Швецияны, Америка Холбоһуктаах Штаттарын, Корея Өрөспүүбүлүкэтин кытары үлэлэһэрэ”, — диэн этэр.
Михаил Ефимович бэйэтин эрэ норуотугар буолбакка ыаллыы сытар эрэгийиэннэр аҕыйах ахсааннах норуоттарыгар сүбэ-ама, дурда-хахха буола сылдьыбыта. Бу күннэргэ Красноярскай кыраай бүтүн дьэһиэй сахаларын ааттарыттан маннык ис хоһооннох сурук кэллэ. “Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев көмөтүнэн биһиги, дьэһиэй сахалара, иккис тыыммытын ылбыппыт. Оччолорго Сэбиэскэй Сойуус эстэн, дойду хайа диэки салаллара биллибэт кэмигэр биһиги бөһүөлэкпит Ессей кимиэхэ да наадата суох буолан, сир-халлаан икки ардыгар хаалар кутталламмыта. Красноярскай кыраай да, саҥа тэриллибит Эбэҥки автономнай уобалаһа да биһиги диэки хайыспатахтара. Бу кэмҥэ, хантан да үбүлэнэрбит, аспыт-үөлбүт да хантан кэлэрэ биллибэт кэмигэр, Саха сириттэн ас-үөл кэлбитэ. Ол барыта Михаил Ефимович өҥөтө этэ. Онон биһиги киниэхэ махталбыт муҥура суох”, — диэн Красноярскай кыраай Эбэҥки оройуонун Ессей бөһүөлэгин дьокутаата Алексей Эспек иһитиннэрэр.
Аны туран Михаил Ефимович Саха сирин бары олохтоохторо, омугуттан тутулуга суох, дьиэлэрин курдук сананалларыгар усулуобуйаны төрүттээбитэ. “Мин Хаҥаласка олорбутум түөрт уонтан тахса сыл буолла. Сиэмэн собуотугар үлэлээн кэллим. Михаил Ефимович: “Алиш, эн собуотуҥ күрүөтүн үрдүнэн көр, биһиги хайдах олорорбутун уонна онно тугунан көмөлөһүөххүн сөбүн толкуйдаа”, — диэн куруутун миэхэ садаача туруорара. Азербайджаннарга, биһиэхэ, аҕа киһини ытыктыыр, кини тылын быһа гыммат үгэс баар. Ол кэриэтэ мин Михаил Ефимовиһы наһаа ытыктыырым, кини эппит тылын быһа гымматым. Уонна аҕам эрдэ өлөн кинини хотугу аҕам быһыытынан ылынабын. Ол курдук кини бэйэтин норуотун ааһан, Саха сирин дьонугар барыбытыгар чугас этэ”, — диэн Ил Түмэн дьокутаата Алиш Мамедов санаатын үллэстэр.
Тыа сирин сайдыытыгар
Михаил Ефимович суох буолбутун ордук тыа сирин дьоно уй түһэн олус чугастык ылыннылар. Нэһилиэктэргэ бүгэн олорбут саха дьоно көҥүллэрин ылан түөстэрин муҥунан салгыны иҕэрийбит кэмнэрэ буоллаҕа, 90-с сыллар. Михаил Ефимович саха норуота үксэ тыа сиригэр олорор диэн тыа сирин, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга күүскэ үлэлэспитэ. Эрилик Эристиин аатынан сопхуос дириэктэрэ Семен Сергеев: “Михаил Ефимович Миниистирдэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан, тыа хаһаайыстыбатын миниистиринэн, Обком сэкирэтээринэн үлэлиир кэмнэригэр биһигини кытары ыкса үлэлэспитэ. Эрилик Эристиин сопхуос кини үлэлиир кэмигэр Бүтүн Союзтааҕы Социалистическэй куоталаһыыга икки төгүллээн кыайыылаах тахсыбыта. Сопхуостар эстэллэригэр Михаил Николаев сири-уоту, сүөһүнү-аһы, тиэхиньикэни нэһилиэк дьонугар тарҕаттарбыта. Ити оччотооҕу кэмҥэ дьиэ кэргэн экэниэмикэтин өрө тардыыга сөптөөх дьаһал этэ. Бу иннинэ кини 80-с сыллар бүтүүлэригэр түргэнник ситэр салаалары нэһилиэнньэҕэ тарҕаппыта. Онон тыа сирин дьоно 90-с сыллар кириисистэригэр аһыыр астаах этибит. Аны Михаил Ефимович илин эҥэр улуустарга уу ситимин тутан Өлүөнэ өрүс уутун аҕалтарбыта. Бу 90-с сыллардаахха баараҕай тутуулартан биирдэстэрэ этэ”, — диэн төлөпүөнүнэн Семен Иванович иһитиннэрэр.
“Миигин Бүлүү, Эдьигээн улуустарыгар баһылыгынан анаан үлэлэппитэ. Үлэлиирим тухары куруутун ыйыталаһа, билсэ олорбута, туох кыалларынан көмөнү оҥороро. Кини үлэлиир сылларыгар норуот култууратын, үгэһин, тылын-өһүн үөрэтии күүскэ барбыта. Ол курдук, эдьигээннэр эбэҥки култууратын саҥа таһымҥа таһаарбыт кэммит этэ”, — диэн бэлиэтиир Юрий Михайлов.
Манна даҕатан эттэххэ, Михаил Николаев “АЛРОСА” хампаанньаны тэрийэн, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн таҥыыга тугунан да сотуллубат улахан өҥөнү оҥорон турар. Алмаас хостонор оройуоннарыгар биирдии акцияны хааллаттарбыта. Бу барыта тыа сирин сайдыытыгар туһуламмыта. Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев: “Михаил Ефимович ити сылларга Арассыыйа киинин кытары сир баайын туһаныыга дуогабар баттаһан, “Алмазы России-Саха” хампаанньаны тэрийэн Саха сиригэр сүрдээх улахан хардыыны оҥорбута. Билигин даҕаны “АЛРОСА” хампаанньа бүддьүөппүтүгэр сүрүн нолуогу төлөөччү быһыытынан сылдьар”, — диэн иһитиннэрэр.
Ити курдук Михаил Николаев тыа хаһаайыстыбатыгар, бырамыысыланнаска, энергетикаҕа, гаастааһыҥҥа, тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа, тас дойдулары кытары үлэлээһиҥҥэ, о.д.а. эйгэлэргэ киллэрбит үлэлэрин киһи салгыы ааҕан бара туруон сөп.
Түмүк оннугар
Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан атырдьах ыйын 5-8 күннэригэр Саха сиригэр кутурҕан күнэ биллэриллибитэ. Михаил Ефимовиһы атырдьах ыйын 6 күнүгэр Москваҕа Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтиттэн, үлэлээбит сириттэн, атаарбыттара. Атырдьах ыйын 7 күнүгэр Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет театрыгар Саха сирин дьон-сэргэтэ кэлэн бырастыыласпыта. Михаил Ефимович көмүс уҥуоҕа атырдьах ыйын 8 күнүгэр Хаҥалас улууһун Өктөмүгэр тутуллубута. Михаил Ефимович биир бастакынан национальнай оҥорбут “Саха” көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньата бу күннэри быһа эпииринэн көрдөрөн, Саха сирин бары олохтоохторо, Арассыыйа эрэгийиэннэригэр, тас дойдуларга олорор Михаил Ефимовиһы билэр дьон бары кинини тиһэх суолугар атаарсыбыттара. Ил Дархан бу күннэргэ Михаил Николаев дьиэ кэргэнин кытары туох баар тэрээһиннэргэ бииргэ сырытта.
Айсен Сергеевич Михаил Ефимовичтыын арааһа өрөспүүбүлүкэбит бэрэсидьиэннэриттэн үгүстэ кинини кытары атах тэпсэн олорон кэпсэппит, норуоту долгутар боппуруостары тэҥҥэ ырытыспыт буолуохтаах.
— Михаил Ефимович Сахатын сиригэр киллэрбит кылаата, бэйэтин тус дьыалата кыайан сыаналаммат сүдү суолталаах. Ол курдук кини дириҥ, ол курдук кини үлэтэ сүрдээх улахан, киэҥ. Михаил Ефимович норуотугар күн бүгүҥҥэ диэри олус чугас. Кини ырааҕы өтө көрүүтүнэн өрөспүүбүлүкэбит бэйэтин ресурсаларынан экэниэмикэтин, социальнай сайдыытын боппуруостарын Сахабыт сирин историятыгар аан бастакытын быһаарар кыахтаммыта. 90-с сыллардаахха бар дьонун иннигэр эппиэтинэс ылынан Сахатын сирин чиҥник хардыылаппыта, Арассыыйаҕа, ону ааһан аан дойдуга үөрэхтээх, талааннаах дьоннордооҕун көрдөрбүтэ. Кини куруутун үчүгэйи, кэрэни эрэ ырыҥалыыра, ыччакка, оҕоҕо ураты сыһыаннааҕа. Михаил Ефимович булгуруйбат күүстээх санаалааҕа, кыраҕа тымтыбат киэҥ көҕүстээҕэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ аламаҕай сыһыаннааҕа, норуотун ис сүрэҕиттэн олус таптыыра, муударайа бу барыта кини биһиги нациябыт дьиҥ-чахчы лидера буоларын кэрэһэлииллэр. Күндү сүбэһиппит-амаһыппыт, учууталбыт, уһуйааччыбыт, аҕа убайбыт, духуобунай лидербит, уһун уугар сымнаҕастык утуй, төрөөбүт Хаҥалаһыҥ, Өктөмүҥ буора сылаас суорҕан, сымнаҕас тэллэх буоллун. Норуотуҥ эн ааккын өрүү махтана, киэн тутта ааттыаҕа, — диэн Айсен Сергеевич курутуйан туран, Михаил Николаевы тиһэх суолугар атаарыыга эппитэ.
Бу күн Михаил Ефимович олоҕун аргыһа Дора Никитична: “Оҕонньорум, Мэхээлиэ”, — диэн хас биирдии саха киһитин сүрэҕин ортотунан киирэр тылы эппитигэр, убай, аҕа, эһээ курдук чугастык саныыр киһибитин сүтэрбиппитин өйдөөн, бары да харахпыт уутун кыатаммакка кистии-саба туора соттубуппут. Аҕа көлүөнэ суруйааччылар бу түгэҥҥэ кытаатан биэрэр баҕайы диэн өрүүтүн этээччилэр. Ол кэриэтэ бу түгэн биһиги Михаил Ефимович этиилэрин ылынан, өйдөөн салгыы үлэлиирбитигэр, саҥа кэрдиис кэмҥэ тахсарбытыгар биир үктэлбит буоларын санатта.
Ааптар, Виктор Эверстов, СИА, М.Е.Николаев киинин хаартыскалара туһанылыннылар.
Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…
Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…
Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…
РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…
Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…
Бу үөрэнээччилэр урбаан олимпиадатыгар кыттан, 150 оҕоттон уустук сүүмэрдээһини аастылар. Олимпиадаҕа Абый, Амма, Анаабыр, Булуҥ,…