Салгыы
Михаил Ефимовиһы ханна да  хабыллар ытыс тыаһа доҕуһуоллуура

Михаил Ефимовиһы ханна да  хабыллар ытыс тыаһа доҕуһуоллуура

07.08.2023, 18:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Саханы иккис тыыннаабыт, иккис өрөспүүбүлүкэни олохтообут, улахан улугуруу кэннэ Сахабын диэн төбөбүтүн өндөтөргө кыах, ис турук, күүс биэрэн көҥүл тыыннаабыт, сайдыы суолугар киллэрбит, чулуу норуоттары кытары биир тэҥҥэ алтыһан сылдьарбытын олохтообут тумус киһибит Михаил Ефимович Николаев хас биирдии саха сүрэҕэр сырдык өйдөбүл буолан хаалыа!

Кэм-кэрдии эргиирин тохтоппут ким да суох… Ол эрэн күндү киһибит этэҥҥэ сырыттар, сүүс сааһын томточчу туоллар диирбит… Ону баара дьылҕа хаан ардыгар тыйыс… хаарыан киһибитин илдьэ барда. Кутурҕан  күнэ   Михаил Ефимович суол үктээн  хаалларбыт олоҕун эргийэн көрөн, кини биһиги норуоппут олоҕугар, сайдыытыгар сабыдыалын сөптөөхтүк сыаналыырбытын ситиһэр толкуйдатар, ахтылҕан, сүппэт өйдөбүл күнүнэн буолуо.

Киһи бу сиргэ бэйэтин кэнниттэн аатын эрэ хаалларар дииллэр. Михаил Ефимович олоҕо үгүспүтүгэр холобур буолар. Үгүс элбэҕи норуотун туһугар оҥорбута, ардыгар кэмигэр сыаналамматаҕа билигин дьэ, суолталааҕа биллэн-көстөн эрдэҕэ. Олохпут бары араҥатыгар сырдык күүс буолан саҥалыы толкуйга, ситиһиигэ сирдээбитэ.

Хаһан эрэ Михаил Николаев ыытар сиэрдээх үлэтин хомуруйан,  “Тыйаатыр олус элбэх, успуорт эбийиэктэрэ аһара элбээтилэр, муусуканан айахтарын ииттэллэр дуо?” — диэн ис хоһоонноох ыстатыйалар тахсаллара. Ону баара,  билигин саха ыччаттара аан дойду таһымыгар улуу норуоттары кытары тэҥҥэ алтыһан,  албан ааттаах муусукааннар, спортсменнар, ускуустуба  араас эйгэтигэр, үөрэххэ, билимҥэ ситиһиилээхтэр, аан дойдуга Саха диэн сатараатахпыт. Урут хаһан саха оҕото художественнай гимнастика, фигурнай хаҥкылааһын курдук көрүҥнэргэ кыттан бириистээх миэстэҕэ тиксиэ этэй? Классическай муусуканы араас континеннар ааттаах-суоллаах уораҕайдарыгар саха ыччата оонньоон улахан биһирэбили ылыа этэй? Саха төрүт култууралааҕын  аан дойду билиммитэ.  Бу барыта Михаил Ефимович ырааҕы өтө көрөн, киэҥ далааһыннаах толкуйдаах үлэтин түмүктэрэ…

“Хаһан да суох диэмэҥ, кыаллыбат, сатаабаппын диэн кэтэмэҕэйдэммэккэ, ытамньыйбакка, кэп туоммакка, сэнэммэккэ аан дойду чулууларын кытары бииргэ, тэҥҥэ сананан сылдьыаҕыҥ” диэн көҥүл тыыннаах саҥа көлүөнэ саха ыччата үөскүүрүн ситиспит сүдү киһибит буолар.

Элбэҕи да тулуйан кэллэҕэ. Ол эрэн,  кини сырдык мөссүөнэ онтон күлүгүрбэккэ, тыйыһырбакка… Биир кэм үрдүктүк санаммыт сорох  салайааччылар улахан мунньахтарга остуол кытыытыгар үтүрүйэ сатаан, аат эрэ харата тыл биэрэр түгэннэрэ эмиэ баара… Ол эрэн,  Михаил Ефимович ханна да киирэн кэллэр,  норуота кинини ытыһын үөһэ түһэрэрэ, хабыллар ытыс тыаһа Михаил Ефимовиһы доҕуһуоллуура. Барахсаммыт ол түгэннэргэ төһө эрэ үөрдэҕэ да, уйадыйдаҕа да буолла?!  Бу барыта билигин устуоруйа. Ол эрэн Михаил Ефимович бэйэтин ситиһиитигэр, кыаҕар, таһымыгар, норуотун биһирэбилигэр  бигэ эрэллээх этэ. Халбаҥнаабат ис туруктааҕа уонна дьонун, норуотун диэки сирэйдээҕэ.

Ыраах 90-с сылларга кини даачатын халаабыттарыгар силиэстийэлиир бөлөх састаабыгар киирэн,  үлэбинэн барбыттаахпын. Куттанабыт, толлобут бөҕө. Онуоха Михаил Ефимович мөхпөккө-эппэккэ, таныйбакка олус холкутук көрсүбүтэ. Ону олус сөхпүппүт. Бу курдук судургу, холку, эйэҕэс эбит этэ. “Төһөнөн киһи улуу да, соччонон судургу” диэн сөпкө да этэллэр эбит дии санаабытым.

Михаил Ефимович сүдүтүн өссө биир түгэн бэлиэтиир дии саныыбын. Мин оҕом — саҥа үйэ киһитэ олус  хараастан, хомойон Михаил Николаев суох буолбутун эттэ…ис сүрэҕиттэн уйадыйда. Бу курдук көлүөнэттэн көлүөнэҕэ улуу киһибит туһунан сырдык сылаас өйдөбүл бэриллэ туруохтун.

Үгүс дьон Михаил Ефимович үрдүк ыра санаалаах, дойдубут тупсуоҕун хас эмэ сылы нөҥүөлээн кэрэтитэн көрөр дьоҕурдааҕын бэлиэтииллэр. Оһох уота кыымнаах буоларыныы, кини  бу сир үрдүттэн барбытын ыар санаа оҥостубакка,  кини саҕалаабыт санааларын сайыннаран, ситэрэн Сахабыт сирэ барҕарарын туһугар биир сомоҕо санаа буолан үлэлиэҕиҥ-хамсыаҕыҥ! Ол хас биирдии салайааччы, бүттүүммүт ытык иэһэ буолар.

Михаил Ефимович Николаев  — дьоллоох киһи. Кини үгүс элбэх сахатын ыччатын үөрэтэн-такайан, ааттаах-суоллаах үөрэх кыһаларыгар үөрэттэрэн, ол оҕолор улахан салайааччы буолан дойдуларын туһугар ситиһиилээхтик үлэлииллэрин көрөн, дуоһуйуу, биһирэбил ылан сырыттаҕа. Билиҥҥи кэм салайааччылара, чуолаан Айсен Сергеевич Николаев бу 90-с сыллардааҕы Михаил Ефимович төрүттээбит көҥүл тыыныгар иитиллибит, кини санаатын илдьэ сылдьар дьоһун дьоммут буолаллар. Онон олох салҕанар…

Антонина УСКЕЕВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
28 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: