Михаил Хаптагаев: «Биһиги тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар судаарыстыба туруорар сорудахтарын толоробут»

Share

Тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларын сийиэһэ салҕанар. Сийиэс дэлэгээтэ, Таатта улууһун тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Михаил Хаптагаев санаатын үллэстэр:

— Сийиэс чэрчитинэн улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын салаатын салайааччылара Өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Никифоровы уонна тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласовы кытары көрүстүбүт, атах тэпсэн олорон кэпсэттибит. Улуустарга тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар баар кыһалҕалар тустарынан сиһилии кэпсэттибит, сүбэ-ама ыллыбыт.
Биһиги тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар судаарыстыба туруорар сорудахтарын толорууга үлэлиибит. Сийиэстэргэ да эппитим курдук, олохтоох нэһилиэк баһылыктара уонна дьокутааттара күүскэ үлэлэһиэхпитин наада. Биһиги сүрүн туруорсуубутунан, сир боппуруоһа буолар. Урукку сокуонунан сир үксэ хаһаайыстыбаларга бэриллэн хаалла, инньэ гынан саҥа хаһаайыстыба тэринэр эбэтэр кэҥэтинэр киһи сирэ суох буолар түгэнэ баар. Онон сир сокуоннарыгар улахан уларытыылар киириэхтэрин наада диэн этэбит. Тыа хаһаайыстыбатыгар туттуллар сир анабылынан, хаһаайыстыбаннай кинигэнэн, бу киһи төһө сүөһүлээҕинэн-сылгылааҕынан сиргэ тиксиэхтээх дии саныыбын.
Үүт тутуутун мэхэньиисимэ биһиэхэ үһүс сылын үлэлиир. Итиннэ хаһаайыстыбалар кэтэх сүөһүлээх дьону кытары үүт туттарыытын харчыта тэҥ буолуон баҕарбаттар. Бу сыллар усталарыгар мэхэньиисим үчүгэйин, куһаҕанын ырыҥалыыр кэм кэллэ. Мин саныахпар, үүтү соҕотуопкалааччыларга улаханнык оҕуста. Оттон кэтэх хаһаайыстыбалаахтар сөбүлээтилэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кыһыммыт сылыйда диэн үөрээхтиибит да…

Кэлиҥҥи сылларга ахсынньы биллэ сылаас буолбутун бары бэлиэтии көрөбүт. Сороҕор ол сылыйбытын мэлдьэһэр курдук кулун…

25 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Кэлэр сылга уоппусканы ханнык ыйга ылар табыгастааҕый?

Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ күһүн кэлэр сыллааҕы уоппуска кыраапыгын оҥороллор. Дойду Бырабыыталыстыбата кэлэр сыллааҕы үлэ күнүн…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Һунтаар һаҥа һыла — Хатаска»

Бэҕэһээ, ахсынньы 21 күнүгэр, Дьокуускай куоракка олорор «Ыаллыылар» бөлөҕү Сунтаар улууһун араас нэһилиэктэриттэн төрүттээх,  Хатас…

2 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Уонна…»: Зоя Сылгытова

Кэлиҥҥи кэмҥэ саха тэлэбиидэнньэтигэр бээтинсэ аайы көрөөччүнү аралдьытар, киһини сынньатар, уоскутар, сэргэхситэр айылгылаах “Уонна...” биэрии…

2 часа ago
  • Сонуннар

Электрогенерация биэс улахан эбийиэгэ тутуллар

Билигин электрогенерация  биэс улахан эбийиэгэ тутуллар диэн Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Бу Ленскэйгэ тутулла…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэҕэ диализнай киин аһыллыытын былаанныыллар

Илин эҥэрдээҕи диализнай киин арыллыытын былааннаатыбыт диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов иһитиннэрдэ. -…

3 часа ago