Салгыы
Михаил Лукачевскай: “Саха киинэтин кистэлэҥэ — кими да үтүктүбэппит”

Михаил Лукачевскай: “Саха киинэтин кистэлэҥэ — кими да үтүктүбэппит”

24.09.2023, 16:00
Хаартысканы Михаил Лукачевскай тиксэрдэ
Бөлөххө киир:

Соторутааҕыта «Там, где танцуют стерхи» диэн саҥа киинэни көрбүтүм. «Сайсары Синема» айар түмсүү (режиссер Михаил Лукачевскай) Кыталык Уйбаан «Кустугу ситтэрбиэн» диэн кинигэтинэн уһуллубут оҕолорго аналлаах киинэтин үөрэнээччилэргэ, устудьуоннарга көрдөрбүттэрэ. Бу киинэҕэ хаампат оҕо эйгэтэ, дьону кытта сыһыана, күүстээх санаата, дьулуура көстөр. Көрөөччүлэр оҕолор олус үчүгэйдик оонньообуттарын бэлиэтээбиттэрэ. Маны сэргэ, Зоя Попова, Ньургуйаана Шадрина, Ньургун Бэчигэн, уо. д.а. биллэр артыыстар оонньообуттар. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, ыччат дьон киинэни олус сөбүлээн көрбүтэ: сороҕор тэҥҥэ күлэн, долгуйан, ытаан да ылбыттара. Бу кэнниттэн бэйэлэрин санааларын үллэстибиттэрэ. Онтон миэхэ ураты суоллаах режиссеру кытары кэпсэтэр санаа үөскээбитэ.

Кыталык Уйбаан кэпсээниттэн сиэттэрэн

— Михаил, бу саҥа киинэҥ туһунан кэпсии түс эрэ…

— Киинэбитин Амма улууһун Покровка бөһүөлэгэр иллэрээ сыл устубуппут. Онно чугастааҕы дэриэбинэлэртэн оҕолору хомуйталаан, икки ыйы быһа дьарыктаан баран, балаҕан ыйыгар устан саҕалаабыппыт. Бэйэм уруккуттан ити тиэмэни устар ыра санаалаах этим. Оҕо сырыттахпына Кыталык Уйбаан кэлэн, кэпсиир
этэ. Кини уутугар-хаарыгар киирэн, бэйэтин олоҕун туһунан кэпсиирин, тулаҕын барытын умнан, этэргэ дылы, айаҕар да киирэ сыһан, олоҥхо курдук истэр этибит. Оҕо сылдьан истэн баран, олох умнубатаҕым. Кэлин кинигэтин булан ааҕан баран, харахпар киинэ курдук ойуулаан көрбүтүм.

Кинигэтин булбутум эмиэ уратылаах этэ. Кыталык Уйбааны алҕас көрсө түспүтүм, онно кэпсэтэн баран, кинигэтин бэлэхтээбитэ. Ол кэнниттэн “киинэ устар эбиппин” диэн санаа кэлбитэ. Ол ыра санааны үлэлээн-хамсаан, дьэ, олоххо киллэрдибит. Билигин кыралаан оҕолорго, ыччаттарга көрдөрөбүт, санааларын истэбит. “Сөбүлээтибит” дииллэр. Эһиил кулун тутар ыйга, сааскы каникул кэмигэр киэҥ экраҥҥа таһаарар былааннаахпыт.

Киинэҕэ күүстээх санаалаах инбэлиит оҕо олоҕун уларытар дьайыылар, толкуйдар, дьону кытта сыһыана көстөр. Уопсайынан, айар үлэбэр соҕотохсуйуу тиэмэтин куруук таарыйабын. Манна дьоруойдар хас биирдиилэрэ соҕотохсуйар сорун билбит дьон, бары бэйэ-бэйэлэрин өйөһөн, тапталынан тыынан ханнык баҕарар ыарахаттары кыайыахтарын сөп диэн сүрүн санааны этэбин.

Хаартысканы Михаил Лукачевскай тиксэрдэ

— Ыччакка, оҕоҕо анаан уһулар уустук дуо?

— Оҕолорго, эдэр ыччакка аналлаах бородууксуйа аҕыйах диэн санааттан, инникитин бу хайысхаҕа ылсыахпын баҕарабын. Оҕолорго анаан киинэ устар туох да куһаҕана суох дии саныыбын. Бэйэм оҕолордоох буоламмын, олус наадалааҕын өйдүүбүн. Урут эдэр сылдьан таптал эҥин туһунан устар буоллахха, билигин ыал аҕата буолан баран, оҕолор тустарынан тиэмэҕэ көһөн хааллым. Сааһырарым саҕана ханнык тиэмэҕэ көһөрүм буолла? Режиссер, уопсайынан, айар-тутар дьон, бэйэлэрин сүрэхтэригэр-быардарыгар чугас тиэмэни ылсаллар.

Хаһан баҕарар оҕоҕо анаан устар, кинини оонньотор ыарахан. Оҕо диэн оҕо, кини бэйэтэ билэр хайдах оонньуурун-хайыырын. Онно кинини кытта биир тылы булуохха, интэриэ-
һиргэтиэххэ наада. Олох кыра оҕолорго ыарахан буолааччы, оттон улааппыт оҕо син өйдүүр буоллаҕа. Биир тылы буллахха, дьиҥэ, оҕо оонньуура уустуга суох, кини быластылыын курдук, хайдах баҕарар имитэн, оҥорон таһаарыан сөп.

«Убайдарбар ымсыыран…»

— Эйиэхэ режиссер буолар санаа хаһан киирбитэй?

— Убайдарым Санкт-Петербурга Киинэ уонна тэлэбиидэнньэ институтугар үөрэммиттэрэ, Иван Алексеев онно үөрэнэн баран, “Ленфильмҥэ” үлэлии хаалбыта. Иннокентий Аммосов “Сахафильмҥа” кэлэн, элбэх биллэр киинэлэри устан, саха киинэтин сайдыытыгар бастакы олугу уурсубут киһи буолар.

Устудьуоннуу сылдьан, сайыҥҥы сынньалаҥнарыгар кэлэн, камераҕа этюдтары усталлара, фотолаборатория оҥорбуттара. Кыра эрдэхпиттэн батыһа сылдьан, ымсыыран, кинилэр курдук буолуохпун баҕаран, режиссер буоларбын эрдэттэн билэр этим.

Бастаан Питергэ кыайан үөрэххэ киирбэтэҕим, онон култуура, ускуустуба кэллиэһигэр киирбитим. Сарсыарда эрдэттэн киэһэ хойукка диэри үөрэнэрбит, олус интэриэһинэй этэ. Дипломнай үлэм испэктээгэ Василий Николаевич Мигалкин туһунан этэ. Кини аатын үөрэммит оскуолам — Чараҥнааҕы орто оскуола сүгэр. Бу испэктээккэ 200‑тэн тахса киһи кыттыбыта.

20 саастаахпар “Эргиир” диэн бастакы улахан киинэбин устубутум. Бу киинэбинэн Санкт-Петербурдааҕы Киинэ, тэлэбиидэнньэ институтугар киирбитим. Бу киинэ бэйэм туспунан этэ. Режиссер сырыы аайы бэйэтин туһунан устар. Кини саарбахтааһына, толкуйа, куттала, дьоҥҥо сыһыана — барыта киинэтигэр тыктарыллан көстөр. Сүрүн дьоруойу оҕо гыммытым, тоҕо диэтэр, оҕолору кытта үлэлэһиэхпин баҕарар этим.

Оччолорго “Сахафильмҥа” “Мэник” диэн киинэ устуудьуйата баар этэ. Сүрүн дьоруой оруолун толорбут Айсен Лугинов ол устуудьуйаҕа дьарыктанара. Кинини көрөн баран, сценарийбын суруйбутум. Мин оннук үлэлиибин. Эрдэттэн кастиннары ыытарбын сөбүлээбэппин.

Режиссер диэн кимий?

— Режиссер диэн хайдах киһиний: дьоҥҥо дьайар күүһэ, айар умсулҕана…

— Режиссер диэн кэпсээнньит буоллаҕа. Киинэ тылынан биир устуоруйаны, биир түбэлтэни кэпсиигин. Олоҥхоһуттар ыллаан-туойан кэпсииллэр, суруйааччылар кэпсээн, арамаан суруйаллар, тыйаатыр режиссера испэктээк туруорар. Олоххо туох эрэ сабыдыаллаах, суолталаах быһыыны-майгыны кэпсииллэр.

Бу туһунан биһиги бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович миигиттэн ыйытан турардаах. Биирдэ Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэҕэ олорон эрэн, күнү быһа кэпсэппиппит. “Режиссердар туохха наадаларый? Олох устар, баран иһэр, хомунаалынай хаһаайыстыбалар оһохторун оттоллор, таксыыстар дьону таһаллар, эһигинэ да суох үлэ-хамнас баран иһэр. Оттон эһиги, айар дьон — суруйааччылар, режиссердар, артыыстар туохха наадалаах дьоҥҥутуй?” — диэн биһигиттэн ыйытта.

Онно мух-мах баран, эппиэттэһэ сатыы олордохпуна, бэйэтэ маннык диэтэ: “Оччоҕо биир боппуруос баар. Арассыыйаҕа уонна Эмиэрикэҕэ киинэ режиссердара туох уратылаахтарый? Арассыыйаҕа наар олоххо баар түбэлтэни, дьиҥнээх киһи дьылҕатын ылаллар. Оттон эмиэрикэлэр дьоруойдарын бэйэлэрэ айаллар. Холобур, Мэрилин Монро уобараһын айбыттара, дьахталлар бары кини курдук таҥнар, туттар-хаптар буолбуттара. Ол аата, кинилэр уобараһы айаллар, онтулара олоххо киирэр. Оттон эһиги олохтон ылаҕыт уонна экраҥҥа таһаараҕыт. Режиссердар инники олох оҥкулун оҥоруохтааххыт, олоххо хайысханы ыйан биэриэхтээххит. Билиҥҥи кэм дьоруойун айан таһаарыахтааххыт. Билиҥҥи кэм дьоруойун кими этиэҥ этэй? Саҥарбаккын, ол аата мөлтөхтүк үлэлиигит…

Ханнык баҕарар кэм дьоруойдардаах буолар. Урут мин Гагарин курдук буолуохпун баҕарарым. Оҕо сылдьан Гагарин мэтириэттээх кэмбиэрдэри, хаһыакка суруйуулары кырыйан мунньарым. Кини курдук бастакы буолуохпун баҕарарым. Буолбутум. Итинник күүстээх уобарастары оҥоруохтааххыт”,  — диэн эппитэ өйбөр хатанан хаалбыт, куруук саныыбын. Михаил Николаев туһунан тэлэбиидэнньэҕэ киинэ устубутум. Бу алтыһарбар киниттэн элбэххэ үөрэммитим.

Саха киинэтин туһунан…
Хаартысканы Михаил Лукачевскай тиксэрдэ

— Эн санааҕар, саха киинэтин ситиһиитин, омук дьонугар тиийиитин кистэлэҥэ туохханый?

— Саха киинэтин кистэлэҥэ — биһиги кими да үтүктүбэппит. Биһиги бэйэбит бэйэбитин оҥоробут. Бэйэбит олохпутун, үгэстэрбитин төрөөбүт тылбытынан көрдөрөбүт. Киинэ төһөнөн дьиҥнээх, олоххо чугас буолар да, быдан интэриэһинэй, тыыннаах буолар. Ис кистэлэҥэ онно сытар дии саныыбын. Ол иһин атын омуктар сөбүлүүллэр.

Режиссердар бэйэбит да аҕыйахпыт. Онон бэйэ-бэйэбитин өйөһөбүт. Ким эрэ киинэтэ тахсан эрэр буоллаҕына, туох баарынан көмөлөһөбүт. Ол да иһин саха киинэтэ таҕыстаҕа буолуо… Каадыр тиийбэтэ атахтыыр. Үүннэрэн таһаарар диэн кыра, идэҕэ бэриниилээх оҥорор диэн быдан ыарахан. Атын сиргэ сылаас, үптээх-харчылаах да буолуо. Оттон биһиэхэ наар харчы тиийбэтин айдаана. Арай, көрөөччүбүт таптала кынаттыыр.

Айар дьиэ кэргэн

— Дьиэ кэргэҥҥэр эн айар үлэҕин өйүүллэр-өйдүүллэр дуо?

— Өйөөн буоллаҕа. Кэргэним Анна “Саха” көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньаҕа сахалыы ойуулуктары оҥорор. Улахан хайысхаҕа ылсан, продюсер, тэрийээччи-эрэдээктэр быһыытынан үлэлиир. Онно биир тутаах киһи буолар. “Тооку” диэн сахалыы ойуулугу оҥорбуттара. Атын омуктар ойуулуктарын сахалыы тылбаастыыллар. Анялыын 4 оҕолоохпут. Төрдүөн Дьокуускайдааҕы национальнай гимназияҕа үөрэнэллэр. Оҕолорум бу саҥа киинэҕэ кыра кыттыгастаахтар, кинилэргэ үлэлэрбин куруук көрдөрөбүн. Киинэҕэ альбомҥа уруһуйдуур түгэни улахан кыыһым уруһуйдаабыта.

Аныгы ыал сиэринэн, көхтөөхтүк үлэлиибит, үөрэнэбит. Реклама роликтарын устааччыбын, онно барытыгар оҕолорум кытталлар, уһуллаллар. Айар дьиэ кэргэн буолан, наар ону-маны толкуйдаан, оҥорон көрөрбүтүн сөбүлүүбүт.

Уолаттарым төрөөбүттэригэр дьиҥнээх эр киһини хайдах иитэн таһаарар туһунан толкуйга түспүтүм. Аҕам миигин хайдах ииппитин санаа-
бытым. Онтон режиссер хараҕынан көрөн, бу кыһалҕаны дьон дьүүлүгэр таһаарарга санаммытым. Уолаттарга диэн анаан киинэ уһуллубат дии, онон кинилэр кэриэй дорамаларын дьоруойдарын холобур оҥостоллоруттан киһи сөхпөт даҕаны.

— Лукачевскай диэн дьиҥнээх араспаанньаҥ буолбатах эбит дии…

— Оннук, араспаанньам Васильев диэн. Килииптэри устарбар ийэм кыыс эрдэҕинээҕи араспаанньатын псевдоним курдук ылыммытым. Олус кыбыстар этим, билиэхтэрэ диэн. Онтон кэлин бэстибээллэргэ кыттарбар араас уустуктары көрсүбүтүм. Биирдэ Алма-Ата куоракка “испииһэккэ суоххун” диэбиттэрэ. Умнубуттар дии санаа-
бытым, Лукачевскайы киллэрбиттэр этэ. Пааспарбынан Васильев диэн сырыттаҕым дии. Онон пааспарбын уларытан, Васильев‑Лукачевскай диэн икки хос араспаанньаны ылынарга күһэллибитим.

“Киинэни устар диэн — улуу дьол…”

— Киинэни устар диэн — улуу дьол буоллаҕа. Миэхэ онтон атын туох да наадата суох. Ыксатымыахтарын, хааччахха хаайымыахтарын эрэ наада. Биһиги, сахалар, айылҕаттан кэрэни одуулаан кэрэхсиир, дириҥник эҥсэн, өр толкуйдуур майгылаахпыт. Ыксаллаах үлэҕэ ол кыаллыбат. Ону “Ыллыктар” диэн сэрийээлгэ үлэлиирбэр толору билбитим.

— Улуу тириэньэр Коркин, олимпиецтар тустарынан киинэни уста сылдьар диэн истибитим, ол хаһан тахсыаҕай?

— “Триумф” диэн киинэбитин саҥардыы устан бүтэрдибит, аны таҥыыта, көмпүүтэр графиката, үбэ-харчыта хамсыыра бытаан соҕус буолан, эһиил
таһаарар былааннаахпыт. Олунньуга таһаарбыт киһи диэн бэйэм баҕа санаалаахпын.

— Киинэлэргинэн туох сүрүн санааны тиэрдэ сатыыгын?

— Куһаҕан артыыс диэн суох. Кырдьыгын эттэххэ, өйдөөх артыыстары сөбүлүүбүн. Өйдөөх киһи ханнык баҕарар идэҕэ кыайар-хотор. Мин атын киһи санаатын истэбин, икки киһи бу курдук бииргэ үлэлээтэхтэринэ, туох эрэ тахсар. Сорох талааннаах артыыстар олус айымньылаахтык сыһыаннаһаллар, онон сценарийга да уларыйыы
киирэр. Биллэн турар, киинэ ситиһиитин аҥаара сценарийтан тутулуктаах, ол гынан баран, бу айар үлэ тутула хамсаабат, халбаҥнаабат, уларыйбат буолуо суохтаах. Киинэни устуу — т ыыннаах түгэн, саҥаны арыйыылар да, “бырабааллар” да буолаллар.

Мин саамай сатамматах киинэм — “Спасатель”. Ким да сөбүлээбэтэҕэ. Ол эрээри, куһаҕан уопут — син биир уопут буоллаҕа. Онно режиссер хааччахха хаайтарара, кини үлэтигэр кыттыһаллара, ыйаллара-быһаараллара хайдах курдук куһаҕанын билбитим. Ол үлэ түмүгэр көстөр. Оннугу устубатах ордук. Режиссер тугу санаабытын, иэйбитин, дууһатын нөҥүө тугу аһардыбытын кэпсээри киинэни устар. Мин киинэлэрбэр тугу көрбүппүн-истибиппин, ол туһунан тугу толкуйдаабыппын киллэрэбин.

— Оттон режиссер бэйэтин киинэтин көрөрүгэр тугу толкуйдууруй?

— Бу маны сыыһа гыммыппын, итини көннөрбөтөхпүн диэн санааргыыр да, уларытар кыаҕа суох буолар. Бэйэтэ устубут киинэлэриттэн астынар-дуоһуйар режиссер диэн суоҕа буолуо дии саныыбын. Оттон мин эспэримиэннээн көрөрбүн сөбүлүүбүн. Инникитин биир эмэ үчүгэй киинэни устуом диэн
эрэллээхпин.

+1
16
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: