Михаил Мишустин быстах хомуур кэмигэр дойду экэниэмикэтин хааччыйар миэрэлэри бигэргэттэ
РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин быстах хомуур кэмигэр дойду экэниэмикэтин үлэтин хааччыйар инники күөҥҥэ турар миэрэлэри бигэргэттэ. Бу туһунан РФ үлэҕэ уонна социальнай көмүскэлгэ миниистирин бастакы солбуйааччы Ольга Баталина брифинг кэмигэр билиһиннэрдэ.
Анал байыаннай дьайыыга ыҥырыллыбыт дьон быраабын харыстыыр инниттэн, дойду Бырабыыталыстыбата, Оборона министиэристибэтин кытта урбаанньыттарга уонна уопсайынан, экэнимикэ сайдыыта бигэ тирэхтэнэригэр көмөлөһөр кэккэ быһаарыылары оҥорбут.
Хомуурунан байыаннай сулууспаҕа ыҥырыллыбыт урбаанньыттар биисинэс бас билээччилэринэн хаалыахтарын сөп. Сотору кэминэн маныаха туһааннаах федеральнай сокуон бырайыага бэлэмнэниэҕэ диэн этэллэр.
— Хомуурга ыҥырыллыбыт урбаанньыттар үпкэ-харчыга эбэһээтэлистибэлэрин хайдах толороллор? Нолуок, страховой усунуос төлүүллэр дуо?
— Хомуурга ыҥырыллыбыт урбаанньыттарга нолуок уонна страховой усунуос төлөбүрүн болдьоҕун уһатан биэриэхтэрэ. Ону таһынан, урбаанньыттар нолуокка уонна страховой усунуоска декларацияларын булгуччулаах туттарыытын болдьоҕун көһөрүөхтэрэ.
— Хомуурга ыҥырыллыбыт урбаанньыттар эрдэ ылбыт кирэдьииттэрин хайдах төлүүллэр?
— Урбаанньыттарга (ИП) кирэдьиит каникулун оҥорторор быраап номнуо көрүллүбүтэ, туһааннаах сокуон РФ бэрэсидьиэнинэн бигэргэммитэ.
Кирэдьиит каникулунан ыйыллыбыт кэм устата кирэдьииттэрин төлөөмүөхтэрин сөп. Бу кэмэ — хомуурга ыҥырыллыы бары болдьоҕо, манна өссө 30 күн эбиллэр. Өскөтүн урбаанньыт хомуурга ыҥырыллыы кэнниттэн балыыһаҕа киирбит түгэнигэр, мэдиссиинэ тэрилтэтигэр эмтэнэрин тухары кэмэ хабыллар.
Кирэдьиит каникулунан туһаныан баҕарар урбаанньыт кирэдьиит ылбыт тэрилтэтигэр сайабылыанньа суруйара ирдэнэр. Кирэдьиит каникула бу сыл балаҕан ыйын 21 күнүттэн саҕаланар итиэннэ кэлэр сыл бүтүүтүгэр диэри сайабылыанньаны ылаллар.
Онтон юридическай сирэйдэр – аччыгый уонна орто урбаан тэрийээччилэрэ, генеральнай дириэктэрдэрэ хомуурга ыҥырыллар түгэннэригэр, кинилэргэ урбаанньыттарга (ИП) көрүллэр кирэдьиит каникулун курдук сокуону бэлэмнии сылдьаллар.
— Хомуурга ыҥырыллыбыт урбаанньыттарга түүлэһии төлөбүрүгэр (арендный платеж) болдьоҕу уһатыы көрүллэр дуо?
— Баар, урбаанньыттар судаарыстыбаннай бас билиигэ сылдьар эбийиэктэри түүлэһиигэ төлөбүрү уһатан биэриэхтэрин сөп. Ону сэргэ, кинилэр судаарыстыбаннай бас билээччини кытта түүлэһии дуогабарын ыстарааба суох тохтотор кыахтаахтар.
— Сорох тэрилтэҕэ (предприятие, организация) лиссиэнсийэнэн чопчу сатабыллаах уонна квалификациялаах үлэһит баара ирдэнэр. Бу үлэһит хомуурга ыҥырыллыбыт түгэнигэр хайдах буолаллар?
— Судургутутуу бэрээдэгинэн баар көҥүллэрин (лиссиэнсийэ, аттестат) уһатан бэриллэр. Маннык сорох көҥүлү “автоматически” уһатыахтара.
Маны таһынан, судургутутуу бырамыысыланнай куттал суох буолуутугар, култуура нэһилиэстибэтин эбийиэктэрин харыстыыр, сыаналыыр үлэлээх бэйэлэрэ салайар тэрилтэлэр (саморегулируемые организации) уонна национальнай систиэмэ аккредитациятын сорох чааһыгар көрүллүөҕэ.
— Судаарыстыбаннай хантарааҕы толоруу хайдах буоларый?
— Өскөтүн урбаанньыт бэйэтэ дуу, үлэһиттэрэ дуу хомуурга ыҥырыллыбыттарынан сибээстээн, судаарыстыбаннай хантарааҕы кэмигэр хаачыстыбалаахтык толорор кыаҕа суох түгэнигэр, икки өрүттэр сөбүлэһэн, хантараах усулуобуйатын уларытыахтарын сөп.
Бисинисимиэннэртэн отуойканы төлөтүөхтэрэ суоҕа уонна суобаһа суох тиэрдээччилэр (недобросовестный поставщик) испииһэгэр киллэриэхтэрэ суоҕа. Бу инникитин судаарыстыбаннай хантарааҕы түһэрсэргэ мэһэй буолбатын, атахтаабатын диэн толкуйданар.
— Хомуурга ыҥырыллыбыт урбаанньыттар граннарыгар көрүллэр усулуобуйа уларыйыа дуо?
— Маннык граннар усулуобуйаларын хат көрүөхтэрэ. Чуолаан, Экэнэмиическэй сайдыы министиэристибэтинэн көрүллэр социальнай уонна эдэр урбаанньыттар граннара.
Өскөтүн урбаанньыт бырайыагынан граны номнуо ылбыт буоллаҕына, туох даҕаны ыстарааба, төлөтүүтэ суох эбэһээтэлистибэни толоруутун тохтотуон эбэтэр грант сууматын олоччу төнүннэриэн сөп.
Анал байыаннай дьайыыга ыҥырыллыбыт буоллаҕына граны ылааччы бырайыагын олоххо киллэрэргэ көрүллэр ирдэбиллэрин чэпчэтэргэ суоттанар кыахтаах.
Быстах хомуур иитинэн ыытыллар тэрээһиннэр бүттэхтэринэ граны ылбыттар эбии сөбүлэҥ түһэрсиэхтэрин уонна бырайыактарын болдьоҕун, түмүгүн көннөрөн биэриэхтэрин сөп. Холобур, бырайыак олоххо киириитин болдьоҕун уһатыы.
Хаартыска: СИАтан.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: