Салгыы
Михаил Мишустин Госдумаҕа Бырабыыталыстыба 2023 сылга ыыппыт үлэтин отчуоттаата

Михаил Мишустин Госдумаҕа Бырабыыталыстыба 2023 сылга ыыппыт үлэтин отчуоттаата

Ааптар:
03.04.2024, 20:43
Хаартыска: Госдума саайтыттан
Бөлөххө киир:

Премьер-миниистир Михаил Мишустин 2023 сыл түмүгүнэн дойдуга ис  баалабай бородуукта 3,6% улааппытын, сайдыылаах дойдуларга бу көрдөрүү ортотунан 1,6% эрэ үрдээбитин туһунан иһитиннэрдэ.

Кини этэринэн, маннык көрдөрүүлэр тас дойдулар экэниэмикэлэригэр бэйэлэрэ көҕүлээбит сааҥсыйаларын дьайыыларын төрүөтүнэн буолар. Кини бу дааннайдары Госдумаҕа Бырабыыталыстыба 2023 сыллааҕы ыыппыт үлэтин отчуотугар кэпсээтэ. Михаил Мишустин 2024 сыл тохсунньутугар дойдуга ис  баалабай бородуукта үүнүүтэ 4,6% тэҥнэспитин чуолкайдаата.

Премьер-миниистир дойду экэнэмиичэскэй көрдөрүүлэрин тустарынан этиититтэн сүрүнэ:

— 2023 сылга  бырамыысыланнай оҥорон таһаарыы 3,5% улааппыт, саамай улахан көрдөрүүлэри 21 %- нан массыына оҥоруутун комплекса ситистэ;

— үлэтэ суох буолуу икки төгүл намтаан, 3% диэри түспүт;

— федеральнай бүддьүөт дохуота 29 трлн солк. куоһарбыт — сыл ахсын 5% кэриҥэ улаатар;

— 2022 сыллааҕы дааннайы кытта тэҥнээтэххэ ньиэп-гаас дохуота улааппыт;

— сыллааҕы инфляция 7,4%-нан бытаарбыт;

— страховой биэнсийэ уопсайа 15% эбиллибит;

— үлэ төлөбүрүн алын кээмэйэ 18%-тан тахса эбиллибит;

— наймылааһыны көҕүлүүр бырагырааманан 50 тыһ. киһи үлэ булуммут;

— биир кэлим босуобуйа 11 мөл. кэриҥэ оҕоҕо анаммыт;

— бу сылга 1,5 сааһыгар диэри оҕо көрөн олорор босуобуйа икки төгүл улааппыт уонна 50 тыһ. солк. диэри тэҥнэспит;

— дойдуга олох уһуна 73,5 сылга тэҥнэспит;

— үөрэх тэрилтэлэрин хапытаалынай өрөмүөнүн бырагырааматын чэрчитинэн 4 тыһ. тахса дьиэ тутуллубут;

— 2023 сылга уопсайа 110 мөл. кв. м. тахса иэннээх олорор дьиэ тутуллубут;

— олорор усулуобуйаларын 4,5 мөл. кэриҥэ ыал тупсарыммыт;

— дойду үрдүнэн 31 тыһ. тахса км уһуннаах суол тутуллан өрөмүөннэммит;

— сыл устата тоҕус куоракка аэропортар көтөр-түһэр балаһалара саҥардыллан, үлэҕэ киллэрилибиттэр;

— 2023 сылга федеральнай бүддьүөттэн тыа сирин сайыннарыыга 64 млрд солк. кэриҥэ үп-харчы ыытыллыбыт;

— 2022 сылы кытта тэҥнээтэххэ, былырыын  гааска 40% элбэх олорор дьиэ холбоммут;

—  бойобуой дьайыы бэтэрээннэригэр дастабырыанньа бэриллииитин бэрээдэгэ судургутуллубут;

— байыаннай дьайыы кыттыылаахтара баайга-дуолга нолуоктан босхолономмуттар, кинилэр үрдүк үөрэх кыһатыгар киирэргэ ордук көмөнү туһанналлар.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: