Михаил Мишустин “Көмүс күһүн – 2022” XXIV Арассыыйа агробырамыысыланнай быыстапкатыгар кытынна
Быыстапка кэмигэр ыытыллыбыт тэрээһиннэргэ Михаил Мишустин туох диэн тыл эппитин кылгастык манна ааҕыҥ.
Онно Михаил Мишустин тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Дмитрий Патрушевы кытта туруоруллубут экспозициялары көрдүлэр. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ “Арассыыйа уонна аан дойду аска-үөлгэ куттала суох буолуута” стратегическай сиэссийэҕэ кытынна. Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар кылааттарын иһин бастыҥ үлэһиттэргэ судаарыстыбаннай наҕараадалары туттарда. “Үтүө үгэс олохтонно – судаарыстыбаннай наҕараадалары Тыа хаһаайыстыбатын уонна астыыр-үөллүүр бырамыысыланнас үлэһиттэрин күнүн көрсө туттарар. Бу салааҕа олус суолталаах бырааһынньык”, — диэтэ киирии тылыгар.
“Арассыыйаттан тахсар тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатыгар уонна аһыгар-үөлүгэр наадыйыы сыл аайы улаатан иһэр. Эйэтэ суох дойдулар сааҥсыйалара эбэтэр атын ыҥырыылар бүгүн агросекторга мэһэй буолбаттар. Ону “Көмүс күһүн” быыстапка итэҕэтиилэхтик көрдөрөр. Кэккэ губернатордары кытта кэпсэттим – үгүстэригэр кэриэтэ үрдүк үүнүүнү ылбыттар.
Бэрэсидьиэн биһиги иннибитигэр бүгүн дойдуну аһынан-үөлүнэн хааччыйыыга киэҥ хабааннаах соруктары туруорда. Онуоха ис ырыынакка эрэ буолбакка, экспорка таһаарыыга эмиэ үлэлиэхтээхпит. Биһиги тыабыт хаһаайыстыбабытыгар, кырдьык даҕаны, сүҥкэн түмүктэр элбэхтэр. Үһүс сылын Арассыыйа аһы-үөлү хааччыйааччынан буолар. Ол эбэтэр элбэҕи атыылыыбыт. Уруккутун курдук биһиги бурдугу таска таһаарыыга биэс дойду иһигэр киирэбит, сэлиэһинэйгэ аан дойдуга бастакыбыт, эти оҥорууга аан дойдуга төрдүс миэстэлээхпит, бэһис миэстэҕэ – мас арыытын оҥорон таһаарыыга.
Кылгастык түмүктэргэ тохтоотоххо, аска-үөлгэ куттал суох буолуутун доктринатын көрдөрүүлэрин бурдукка, үүнээйи арыытыгар уонна саахарга, эккэ, балыкка толоруохпут. Бурдук хомууругар рекорду ситиһээри олоробут. Ити биэс сыллааҕыта ситиспит көрдөрүүбүтүн куоһарыаҕа. Онно 135 мөл т бурдугу хомуйбут буоллахпытына, быйыл 140 мөл т. тэҥнэстэ.
Биһиги тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччылар кыһалҕаларыгар уонна күһүҥҥү хомуур үлэтин ыытыыга болҕомтолоохтук сыһыаннаһабыт. Бырабыыталыстыбаҕа сезон түмүктэрин уонна агробырамыысыланнай комплекс сайдыытын салгыы ситиһиини дьүүллэһиэхпит. Бу эйгэҕэ сүрүн инструменнартан биирдэстэринэн – Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын судаарыстыбаннай бырагыраамата буолар. Быйыл маны олоххо киллэриигэ 280 млрд солк. тахса үбү көрбүппүт. Ол эрээри бүгүҥҥү үөскээбит уустук балаһыанньанан бу салааны судаарыстыба өйөбүлэ 35 %-нан улаатта. Онон балаҕан ыйын бүтүүтүнээҕи чахчынан судаарыстыбананй бырагырааманы толорууга 380 млрд солк. ыыттыбыт.
Биһиги федеральнай бүддьүөттэн субсидиялары уонна трансфертары аграрийдарга тиэрдиини сорох хайысхаларга абаансалааһын ньыматын туһанан түргэтэттибит. Ону тэҥэ тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин пааркатын саҥардыыны үбүлээтибит. Өссө биир дьоһун хайысха – бу тыа сиригэр дьоҕус уонна орто урбаан. Пиэрмэрдэри уонна тыа хаһаайыстыбатын кэпэрээссийэтин өйүүргэ 5,5 млрд солк. ыытыллан, ити 13,5 тыһ киһи тыа хаһаайыстыбатын потребкэпэрээссийэтигэр үлэлиир кыахтанна. Тыһыынчаттан тахса бааһынай уонна пиэрмэр хаһаайыстыбалара “Агростартап” гранын ылыыга кыайыылаахтарынан буоллулар. Ону сэргэ 3 %-ҥа диэри ставкалаах тыа сирин ипэтиэкэтэ үлэлээтэ. Онон 103 тыһ. тахса дьиэ кэргэн олорор усулуобуйаларын тупсардылар”, — диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ Михаил Мишустин стратегическай сиэссийэҕэ.
РФ Бырабыыталыстыбатын саайтыттан
Хаартыска: тустаах саайтан
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: