«Украина сэриилэрэ Донбасс, Луганскай сирдэрин дэлби ытыалаан, олохтоох дьону сүгүн олордубатаҕын төрүт сыыһанан ааҕабын. Минскэй Сөбүлэһиинэн эйэлээх суолунан быһаарары толорботулар. Онон анал байыаннай эпэрээссийэ ыытыллыыта саамай сөптөөх дии саныыбын”, — диэн СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Никифоров тус санаатын үллэстэр:
— Бу кэмнэргэ быстах хомуурга ыҥырыллан барбыт дьоммутугар өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын тэрилтэлэриттэн итиэннэ бу эйгэҕэ үлэлии сылдьар урбаанньыттар өттүлэриттэн күүс-көмө оҥоһулунна. Бу үлэбит салҕанан бара турар. Тыа сиригэр үлэлии сылдьан мобилизацияламмыттарга уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр көмөнү оҥорууга улуустары кытта бииргэ үлэлии олоробут. Өрөспүүбүлүкэ тыа хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ быстах хомуурга барбыттары уонна кинилэр дьиэ кэргэннэрин өйүүр пуонда тэрийэн итиэннэ бородууктанан да көмөтүн тиэрдэр. Госпиталларга эмтэнэ сытар уолаттарбыт түргэнник чөллөрүгэр түһэллэригэр диэн бэйэ бородууктатынан көмө эмиэ оҥоһуллар.
Саха сириттэн баран ытык иэстэрин толоро сылдьааччыларбытыгар анаан Саҥа дьылы көрсө ас-үөл бородууктатын ыытар боппуруоһу өрөспүүбүлүкэтээҕи Суһал ыстаап сотору быһаарара күүтүллэр. Хотугу улуустарбытыгар «күөх рейстэринэн» «Якутоптторг» тэрилтэ хортуоппуй, хаппыыста, моркуоп, сүбүөкүлэ, луук курдук оҕуруот аһын тиэрдиэҕэ. Онно анал байыаннай эпэрээссийэҕэ барбыт дьоммут дьиэ кэргэннэригэр ити бородуукта бастакы уочарат тиксэриллиэҕэ. Рейстэр тиийдилэр даҕаны испииһэгинэн ити дьиэ кэргэннэргэ бастатан туран биэриини тэрийиигэ улуустар баһылыктарын кытта үлэлии олоробут. Биирдиилээн хаһаайыстыбалар көмөлөрүн киһи этэ да барбат: пуондаларга күннээҕи хамнастарынан, спонсордааннар, ким туох кыахтааҕынан түмсүүлээхтик көмөлөһө сылдьаллар. Нэһилиэнньэ өйдүүр уонна олус түмсүүлээх.
Украина тарда олорор иирсээнин хара бастакыттан сөбүлээбэтэҕим. Билэргит курдук, Виктор Янукович Бэрэсидьиэн быыбарыгар бастаан кыттарыгар бастакы икки туурга кыайбыта. Утарсааччылара дэлби айдаараннар, Конституцияларын кэһэн тураннар, быыбар үһүс түһүмэҕэр Петр Порошенко Украина Бэрэсидьиэнинэн буолбута. Украина Төрүт Сокуонун бастакы улахан кэһии итиннэ тахсыбыта. Мантан сылтаан 2004 сыллаахха Украинаҕа бастакы “оранжевай революция” саҕаламмыта.
Янукович 2009 сыллаахха Бэрэсидьиэн быыбарыгар кыайан, былааска төннүбүтэ. Ол эрээри 2013 сыллаахха майдаан саҕаланан, 2014 сыллаахха кинини туоратан кэбиспиттэрэ. Маны судаарыстыбаннай былааһы күүс өттүнэн былдьааһын, переворот диэн чопчу өйдүөххэ наада. Януковиһы төһө да мөлтөх Бэрэсидьиэн диэбиттэрин иһин, манна, чуолаан, геополитическай сылтах оруолу оонньообута. Былаас солбуга юридическай сокуон өттүнэн олох сыыһа оҥоһуллубута. Салгыы, Киевскэй Русь быдан инниттэн икки бырааттыы олорбут норуоту утарыта туруораннар, ордук кыра бырааты кигэн, дэлби ускайдаан, убайын утары ыыппыттара.
Збигнев Бзежинскэй диэн поляк төрүттээх киһи хайдах гынан ССРС-ы ыһар, Арассыыйаны мөлтөтөр уонна нуучча, Украина, Белоруссия норуоттарын иирсиһиннэрэр туһунан “Великая шахматная доска» кинигэтигэр ырытан суруйбутун ахтан ааһар тоҕоостоох. Онно суруллубут сценарийынан итиэннэ арҕаа дойдулар ааспыт үйэ 70-с сылларыттан биһиги дойдубутун куорҕаллыыр үлэни ыытыыларын түмүгэр күн бүгүн бу курдук иирсээҥҥэ тиэртилэр. Билиҥҥи Украина Бэрэсидьиэнэ — артыыс, туох даҕаны судаарыстыбаны салайыыга уопута да, дьоҕура да суох киһи. Кини бүгүҥҥү бары дьайыыларын АХШ кигээһининэн оҥоро сылдьар. Быыбарын кэмигэр «Арассыыйаны кытта уопсай тыл булабын, сэриини тохтотуом” диэн талыллыбыта. Тылын дорҕооно сүтэ да илигинэ, ити этиититтэн тосту уларыйан, Арассыыйаны утары турунна.
Ол түмүгэр аҕыс сыл тухары Донбаһы, Луганскайы хайдах курдук сордоотулар? Минскэйдээҕи Сөбүлэһиигэ баттаспыт арҕааҥҥы дойдулар ити докумуоннарын биир да пуунун Украинаны толорторботулар. Ол оннугар аҕыс сылы супту сэриигэ бэлэмнэннилэр. Онтулара аһаҕастык ырылыччы көстөн тахсыбытын да үрдүнэн, арҕаа дойдулар геобэлиитикэни уонна информация эйгэтин баһылаан олороллорун туһананнар, итиннэ барытыгар Арассыыйа буруйдаах, Путин куһаҕан дэһэ олороллор.
Аан дойдуга В.В.Путин курдук муударай, таһымнаах салайааччы аҕыйах. Европаны ылан көрдөххө, кэм ыллыктаах тыллаах-өстөөх Германия канцлера Ангела Меркель уурайан хаалла, уһуннук-киэҥник, дьоһуннаахтык үлэлиир салайааччылар илин диэки Кытайга, Индияҕа бааллар итиэннэ Бразилияҕа киһи элбэҕи эрэнэр салайааччыта былааска саҥа кэллэ. Оттон Америка бу кэмнэргэ ыытыллар быыбардарга кыайтардаҕына, балаһыанньа уларыйар туруктаах.
Биһиги дойдубут Бэрэсидьиэнэ В.В.Путин барытын эйэлээхтик атах тэпсэн олорон быһаарсыаҕыҥ, маннык табыллыбат диэн эрдэттэн этэ сатаабыта. Өссө 2007 сыллаахха Мюнхеҥҥа куттал суох буолуутун боппуруоһугар ыытыллыбыт улахан кэмпириэнсийэҕэ бу туһунан бастакы улахан этиитин эппитэ. Онно өссө М.С.Горбачев саҕана биир даҕаны Европа илиҥҥи судаарыстыбата НАТО-ҕа киириэ суохтаах диэн тыл биэрбиттэрин санаппыта, Европа дойдуларыгар куттал суох буолуутун бииргэ оҥоруоҕуҥ диэбитэ. Ону истибэттэр, улам кимэн киирэн иһэллэр. Анал байыаннай эпэрээссийэ саҕаланыан иннинэ В.В.Путин АХШ-ка, арҕаа дойдуларга туһаайан, бу боппуруостарга бииргэ олорон кэпсэтиэҕиҥ диэн аһаҕас этии оҥоруутун, дипломатическай да өттүттэн, хайа да өттүттэн, биир да тылы ылымматахтара. Онон бу анал байыаннай эпэрээссийэни оҥоруу сөптөөх диибин. Арассыыйа бэйэтин сиригэр-уотугар суоһуур кутталтан хайаан да көмүскэниэхтээх диэн чуолкайдык өйдүүбүн. Боростуой норуот да маны билэр уонна өйдүүр. Оттон дойду салалтата, ФСБ, Куттал суох буолуутун Сэбиэтэ, Геныстаап туох куттал суоһуурун букатын дьэҥкэтик билэн-көрөн олордохторо. Онон бу ыытыллар эпэрээссийэни нэһилиэнньэ үксэ өйүүр.
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…