Михаил Николаев аатынан проспекка саҥа дьиэ үлэҕэ киирдэ

Share

Бүгүн, тохсунньу 19 күнүгэр, Дьокуускайга СӨ Бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е.Николаев аатынан саҥа уларыйбыт проспекка  саҥа дьиэ күлүүстэрин  үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар. Бэлиэтээн суруйдахха, ааспыт сыл сэтинньи 13 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев  Бастакы бэрэсидьиэн М.Е.Николаев аатын үйэтитии туһунан 93 №-дээх ыйааҕа  тахсыбыта.

Тэрээһиҥҥэ Дьокуускай куорат дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Антон Алексеенко, СӨ тутуу  миниистирин бастакы солбуйааччы Евгений Афанасьев уонна «Сэттэ» тутуу хампаанньатын бөлөҕө кыттыыны ыллылар. Саҥа дьиэҕэ киирии сиэрин-туомун Алгыс Уйбаан аал уоту оттон толордо.

Дьон санаата

Петр Васильевич Цой:

Биһиги дьиэ кэргэн «cэттэлэртэн» икки хостоох кыбартыыра атыылаһан бүгүн күлүүспүтүн үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттубут. Бу биһиги  иккис дьиэбит буолар, оҕолорбутугар диэн анаан ыллыбыт. Кыбартыырабытын Уһук Илин ипотека  бырагырааманан, ону сэргэ ийэ хапытаалын туһанан атыыластыбыт. М.Е.Николаев өрөспүүбүлүкэбитигэр элбэх үтүөнү оҥорбут киһи буолар. Онон, кини аат сүгэр проспект бастакы дьиэ күлүүһүн туппуппутуттан олус үөрдүбүт уонна киэн туттабыт. Арассыыйа, өрөспүүбүлүкэ өйөбүлүнэн эдэр ыал дьиэ-уот тэринэллэрэ судургу диэн этиэм этэ.  Түгэнинэн туһанан өрөспүүбүлүкэбит, дойдубут салалтатыгар махталбын тиэрдэбин.

Мария Васильева хаартыскаҕа түһэриитэ

Артем Дмитриевич Набережнай:

— Биһиги Уһук Илиҥҥи ипотека  бырагыраамаҕа киирсэн  икки хостоох дьиэ атыыластыбыт. Бу иннинэ биир хостоох дьиэҕэ олорбуппут. Уол оҕолоохпут.  Оҕобут улаатан туспа хос көрдүүр, онон дьиэбитин кэҥэтиннибит диэн этиэм этэ. Түгэнинэн туһанан Ил Дархаммытыгар Айсен Сергеевичкэ махталбытын тиэрдиэхпитин баҕарабыт, Бастакы бэрэсидьиэн аатын үйэтитэн Николаев проспега диэн уларыйбыта биһиэхэ, саха дьонугар-сэргэтигэр улахан суолталаах. Онуоха бастакы дьиэ күлүүһүн туппуппут үөрүүбүтүн икки бүк үрдэтэр.

Мария Васильева хаартыскаҕа түһэриитэ
Мария Васильева хаартыскаҕа түһэриитэ

Санатан эттэххэ, дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин РФ бырабыыталыстыбатыгар «Уһук Илиҥҥи ипотеканы»  2030 сылга диэри уһатарга сорудахтаабыта.

What’s your Reaction?
+1
7
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

2 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

32 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

37 минут ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

52 минуты ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

«Поколение биZнес» өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиадаҕа 45 үөрэнээччи кытынна

Бу үөрэнээччилэр урбаан олимпиадатыгар кыттан, 150 оҕоттон уустук сүүмэрдээһини аастылар. Олимпиадаҕа Абый, Амма, Анаабыр, Булуҥ,…

1 час ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Аллараа Бэстээххэ култуура киинин тутууну түргэтэтэргэ соруйда

Култуура киинэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээххэ тутулла турар. Үлэ хаамыытын Саха сирин бастакы вице-премьерэ…

2 часа ago