Михаил Николаев: «Айсен Николаев — дьиҥнээх лиидэр»
Бүгүн, ыам ыйын 29 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путины кытта көрсөн, өрөспүүбүлүкэ сайдар олуктарын туһунан кэпсэттилэр.
СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев бу туһунан санаатын үллэһиннэ:
— Дойдубутугар биир идиэйэ тула күүспүтүн түмэр кэммит кэллэ. Билиҥҥи уустук кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ аҕа баһылыгынан сайдыыга сирдиир дьиҥнээх лиидэр үлэлии-хамсыы сылдьарыттан биһиги табылынныбыт диэххэ наада.
Биэс кылгас сыл иһигэр Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ да, федеральнай кииҥҥэ да улахан аптарытыаттанна. Кинини дойду бэрэсидьиэнэ истэр, өйдүүр, өйүүр. Ону Владимир Владимирович Ил Дархаммыт национальнай бырайыактар тустарынан этиитин истэрин көрөн, итэҕэйбитим. Холобур, Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа Ил Дархан этиилэрин бэрэсидьиэн тутаах сорук курдук ылынан, бырабыыталыстыбаҕа сорудахтары биэртэлээбитэ. Бу элбэҕи этэр. Мин санаабар, норуотун туһугар ис сүрэҕиттэн «ыалдьар» Айсен Николаев – Саха сирин эрэ буолбакка, улуу Арассыыйа дьиҥнээх патриота буолар.
Айсен Сергеевич Казахстан бэрэсидьиэнэ Касым-Жомарт Токаевтыын көрсүһүүгэ Арассыыйа интэриэһин сирэйдээбитэ, онно икки дойду бииргэ үлэлэһиилэрин сүрүн хайысхаларын торумнаабыттара. Бу Владимир Путин үрдүк итэҕэлин уонна Айсен Сергеевич норуоттар икки ардыларынааҕы таһымҥа аптарытыатын көрдөрөр дии саныыбын.
Айсен Сергеевич эрэгийиэн салайааччыта норуотун кытта бииргэ буоларын холобурун бүтүн дойду үрдүнэн көрдөрдө. Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан кини байыастары кытта бииргэ буолла. Бүттүүн кыайыыбыт туһугар өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун сомоҕолоото. Ол туһунан билигин Арассыыйаҕа бүттүүнүгэр кэпсэнэр. Түмсүүбүт, хардарыта көмөлөһүүбүт бүтүн Арассыыйаҕа холобур буолар.
Айсен Сергеевич, инники үлэлээбит салайааччыларга тирэҕирэриҥ иһин махтанабын. Федеральнай таһымҥа сатабыллаахтык үлэлээн, аптарытыатыҥ үрдээн иһэрэ миигин сөхтөрөр. История да көрдөрөрүнэн, Арассыыйа барыбытын, омугуттан тутулуга суох түмпүтүн кимнээҕэр да ордук эн өйдүүгүн. Саха, нуучча, эбээн, эбэҥки, долган, азербайджанец – бары биир дойдуга биир дьиэ кэргэн курдук олоробут, биир дьылҕалаахпыт!
Саха сирэ чахчы ыарахан усулуобуйаҕа олорор: ирбэт тоҥ, суола ииһэ-суох киэҥ сирдэр, оҥорон таһаарыы ыарахана, научнай кииннэртэн ыраах олоруу, о.д.а. Бу маннык тыйыс усулуобуйаҕа олорон, Айсен Сергеевич кылгас кэм иһигэр өрөспүүбүлүкэни сайыннарда, элбэх көҕүлээһиннэри киллэрдэ, үгүс үбү киллэрдэ, тутуу бөҕөтүн туттарда, дьону түмтэ. Чахчы элбэх үчүгэй уларыйыы баарын көрөбүн.
Саха сирэ ураты эрэгийиэн быһыытынан чахчы күүскэ сайдыа, атаҕар туруо диэн күүтэбин уонна эрэнэбин. Владимир Владимирович Сибиири уонна Уһук Илини сайыннарыы 21-с үйэҕэ национальнай сорук буолар диэн мээнэҕэ эппэтэҕэ. Онон сотору кэминэн Сибииргэ уонна Уһук Илиҥҥэ Айсен Николаев баһылыктаах Саха сирэ лиидэр буолуоҕар саарбахтаабаппын.
Сотору быһаарыылаах быыбардар буолуохтара. Онно мин Саха сирин уонна Ил Дархан Айсен Николаевы өйүүргүтүгэр ыҥырабын. Кини дьиҥнээх лиидэр, Саха сирэ эрэллээх илиигэ баар!
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: