Михаил Николаев — аныгы реформатор
Ханнык баҕарар дойду бэйэтин сайдыытын туһунан устуоруйалаах. Устуоруйаҕа киирэр кэрдиис кэмнэр туохтан даҕаны тутулуга суох устан ааспаттар. Ол хамсааһыннары салайар, норуоту түмэр, уопсастыбаны хамсатар, баһылыыр-көһүлүүр күүс наада буолар.
Иэрэҥ-саараҥ сылларга
Бары өттүнэн кыахтаах салайааччы эппиэттээх кэмҥэ норуотун түмэр, араас тирээн кэлбит ыарахаттары туоруур, сайдыы суолугар таһаарар. Улуу Арассыыйа урукку уустук, аныгы даҕаны устуоруйата ону кэрэһилиир. Дьэ итини этэн туран, Арассыыйа аныгы кэмнээҕи биир биллэр-көстөр, сатабыллаах, хорсун-хоодуот салайааччытын, Саха сирин, бүтүн Арассыыйа дьиҥнээх патриотун М.Е. Ни-
колаев туһунан, кини сотору 85 сааһын туолар үбүлүөйүнэн сибээстээн, норуокка бэйэм санаабын тириэрдэбин. Биллэрин курдук, 1990-с сылларга ССРС сатарыйар, дойдуга өтөрүнэн буолбатах дириҥ экэнэмиичэскэй, бэлитиичэскэй кириисиһэ сатыылаабыт кэмэ этэ.
Ити ыарахан дьылларга дойду кииниттэн, бырамыысыланнай эрэгийиэннэриттэн ыраах сытар, мөлтөх суоллаах-иистээх Саха сиригэр олорор дьоҥҥо ордук уустук балаһыанньа үөскээбитэ. Ол дьыллар дьалхааннара, уруккута улуу Сэбиэскэй Сойуус араас муннуктарыгар күөдьүйбүт бэлитиичэскэй иирсээннэр, түгэҕэ көстүбэт таҥнары түһүүлээх экэнэмиичэскэй кириисис, туманынан бүрүллүбүт инники барыахтаах суолбутун торумнуур уустук күннэр-дьыллар бүрүүкээн ааспыттара отуттан тахса сыл буолла.
Ити иэрэҥ-саараҥ сылларга аан дойду биир бөдөҥ судаарыстыбатын укулаата күөрэ-лаҥкы баран, төрдүттэн саҥалыы дьаһанан олорууга киирии мунуулаах-тэниилээх кэмигэр Саха сиригэр уопсастыбаннай хамсааһыны иилээбит-саҕалаабыт, Саха сирин нэһилиэнньэтин быстыыттан-ойдууттан араҥаччылаабыт, салайыы төрүт атын, аныгылыы ньыматын саамай табыгастаахтык олохтообут, экэниэмикэни сөптөөх суолга киллэрбит саха норуотун чулуу уола Михаил Ефимович Николаев буолар.
Саха чулуу дьонун үтүө ааттарын тилиннэрии уонна үйэтитии
Норуот номоҕор оҥоһуллубут дьыала ыраахтан үчүгэйдик көстөр диэн этиллэринии, М.Е.Николаев бэйэтин төрөөбүт норуотугар, Саха сирин бары олохтоохторугар оҥорбут сүдү өҥөтүн дьиҥнээҕинэн сыаналыыр кэм кэллэ. Ол туһуттан биһиги төрөөбүт дойдубут устуоруйатын ырыҥалаан көрүөхтээхпит. Соторутааҕыта биһиги Саха Өрөспүүбүлүкэтин 100 сылын бэлиэтээтибит. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит 100 сыллаах устуоруйатыгар тосту уларыйыылаах икки кэрдиис кэми бэлиэтиир наада. Ол 1922 сыллаахха, гражданскай сэрии кэнниттэн, дойдуга быстыы-ойдуу кэмигэр Саха сиригэр автономия статуһун иҥэрии, судаарыстыбаннаһы олохтооһун. Ол кэнниттэн өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар реформаны ыытыы. Ити социализмы тутуу олук кэмэ. Ити социалистическай сайдыы уратыларын билигин дьон-сэргэ бэркэ билэр. Бу сүҥкэн суолталаах дьаһаллары саҕалаабыт дьонунан М.К.Аммосов, П.А. Ойуунускай, И.Н. Ба-рахов буолаллар. Кинилэр ааттара Саха сирин уһулуччулаах бэлитиичэскэй, судаарыстыбаннай диэйэтэллэрин быһыытынан биһиги устуоруйабытыгар бигэтик киирдилэр. Манна даҕатан этэр буоллахха, Михаил Николаев саха чулуу дьонун үтүө ааттарын тилиннэриигэ уонна үйэтитиигэ элбэх дьоһуннаах үлэни ыыппыта. 1994 с. муус устар 27 күнүгэр «О восстановлении справедливости в отношении репрессированных в 20-30-е годы представителей якутского народа» диэн РФ Бэрэсидьиэнин анал Ыйааҕа тахсарын тус бэйэтинэн ситиспитэ. Дьэ ол кэнниттэн саха чулуу дьонун ааттарын үйэтитиигэ элбэх үлэ ыытылынна: кинилэр ааттарынан болуоссаттар, уулуссалар, мусуойдар баар буоллулар, пааматынньыктар турдулар. Норуот чулуу дьонун кэриэстиир итинник бэлиэлэр аан дойду үрдүнэн киэҥник туттуллаллар.
Бу сыанабылы кытары сөбүлэһиэхтэрэ диэн эрэнэбин
Итини этэн туран, тус бэйэм туох даҕаны саарбахтааһына суох, Саха сирин устуоруйатыгар судаарыстыбаннаһы олохтообут, норуот хаһаайыстыбатын салайыыны сөптөөх суолга таһаарбыт саха норуотун чулуу уолаттара М.К.Аммосов, И.Н.Барахов, П.А. Ойуунускай кэнниттэн М.Е.Николаевы, өрөспүүбүлүкэ бастакы Бэрэсидьиэнин, аныгы Саха сирин реформаторын быһыытынан сыаналыыбын уонна өрөспүүбүлүкэ үгүс олохтоохторо ити сыанабылы кытары сөбүлэһиэхтэрэ диэн эрэнэбин.
1990 сыллаахха ылыныллыбыт судаарыстыбаннай суверенитет туһунан Декларацияҕа уонна 1992 сыллаахха бигэргэтиллибит Конституциябытыгар демократическай, дьон быраабын көмүскүүр судаарыстыбаннаһы олохтуур, биһиги өрөспүүбүлүкэбит экэнэмиичэскэй өттүнэн туруктаах уонна сокуоннарга олоҕуран сайдар Российскай Федерация биир тутаах өрөспүүбүлүкэтэ буоларын туһунан ыйыллыбыта.
Ити Саха сирин сайдыытын төрдүттэн уларыппыт, сайдыы саҥа суолугар киллэрбит дьоһуннаах докумуоннары бэлэмнээһини, ылыннарыыны уонна олоххо киллэриини М.Е.Николаев иилээн-саҕалаан ыыппыта. Кини судаарыстыбаннай былаас оруолун быдан үрдүк таһымҥа таһаарбыта, норуокка ордук чугаһаппыта. Өрөспүүбүлүкэ салалтатын Арассыыйа Киин былааһын кытары сибээһи хаһааҥҥытааҕар даҕаны үрдэппитэ. Саха сирин сайдыытыгар саҥа олугу уурбута. Онтон ыла Саха Өрөспүүбүлүкэтэ автономияттан көҥүл өттүнэн аккаастанан, Арассыыйа Киин былааһын кытта саҥалыы дьиҥнээх федеративнай сыһыаннаһыыны олохтообута. Сир баайын туһаныыга быраап ылан, экэнэмиичэскэй сайдыыны өрөспүүбүлүкэ бэйэтэ былааннаан норуот интэриэһигэр хайыһыннарар суолга турбута. Арассыыйа Киин былааһын кытары чугастык өйдөһөн, өрөспүүбүлүкэ үрдүк статуһун, киэҥ боломуочуйалары ылбыта. Михаил Николаев итинник суолунан сайыннаран, Улуу Арассыыйа судаарыстыбатын Уһук Илин эҥэригэр форпост буолар соругун саҕалаабыта.
Норуот өйүн-санаатын уһугуннарбыта
Өрөспүүбүлүкэ бастакы Бэрэсидьиэнэ М.Е.Николаев норуот өйүн-санаатын уһугуннарбыта, саха дьоно, олохтоох норуоттар омук быһыытынан сайдалларыгар, цивилизация үрдүк чыпчаалыгар талаһалларыгар олук уурбута, дьоҕурдарын сайыннарбыта. Өрөспүүбүлүкэҕэ ону иилии-саҕалыыр судаарыстыбаннай уорганнары кытары сэргэ, араас уопсастыбаннай тэрилтэлэр үлэлээбиттэрэ. Норуот үөрэҕириитигэр, доруобуйа харыстабылыгар, физическэй култуураҕа уонна успуорка бөдөҥ уларыйыылар барбыттара. Ити салаалары үбүлээһин улааппыта, аныгылыы сайыннарыыга, саҥаны киллэриигэ улахан хардыылар оҥоһуллубуттара. Матырыйаалынай баазалара саҥа тэриллэринэн хааччыллыбыттара, технологияны баһылааһын саҕаламмыта.
Өрөспүүбүлүкэ сайдыытын саҥалыы тэрийэри ситиһэргэ каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ күүстээх үлэ барбыта, саҥа үрдүк үөрэх тэрилтэлэрэ арыллыбыттара. Дьоҕурдаах эдэр ыччат Арассыыйа бастыҥ үрдүк үөрэҕин тэрилтэлэригэр уонна дойду тас өттүгэр үөрэнэллэрин тэрийиигэ анал департамент үлэлээбитэ, аныгы Саха сирин каадырдара уһаарыллан тахсыбыттара.
2000 сылга диэри тыа хаһаайыстыбатын олох ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн уларыта тутуу хайысхата олоххо киирбитэ. Олус ыарахан, Арассыыйа үрдүнэн сир боппуруоһун быһаарыыга бытаарыы тахсыбытын үрдүнэн, Саха сиригэр 1995 сылтан саҕалаан бастакы Бэрэсидьиэн анал дьаһалынан «Тыа сирин сайыннарыы Кэнсиэпсийэтин» олоххо киллэрии түмүгэр, дойду үрдүнэн бүрүүкээбит кириисистэн тахсан, дьон олоҕо тыа сиригэр сыыйа көммүтэ уонна аныгылыы сайдыы суолугар турбута. Төһө даҕаны бүддьүөт кырыымчыгын үрдүнэн Михаил Ефимович дьаһалынан олорор дьиэ тутуутун күүскэ сайыннаран, дьон олоҕун тупсарар кыах үөскээбитэ. Ол курдук, олорор дьиэлэри тутуу кээмэйэ 1991-2001 сылларга, ортотунан, сыл аайы 500 тыһ. кв.м тиийбитэ.
Бастыҥнар кэккэлэригэр таһаарыы
Ити ылыллыбыт дьаһаллар түмүктэригэр бастакы Бэрэсидьиэн М.Е. Николаев үлэлиир кэмигэр Саха сирэ бүтүн Арассыыйа үрдүнэн бүрүүкээбит экэнэмиичэскэй кириисиһи эрдэ туораабыта. Ону экэниэмикэ биир көрдөрүүтэ даҕаны кэрэһилиир. Отчуот сыыппаралара көрдөрөллөрүнэн, 1989 сыллаахха бырамыысыланнас баалабай бородууксуйаны оҥорон таһаарыыта Арассыыйа үрдүнэн эрэгийиэннэртэн 71-с миэстэҕэ турар буоллаҕына, 2000 сыл түмүгүнэн Саха сирин ити көрдөрүүгэ 15 бастакы эрэгийиэннэр, оттон нэһилиэнньэ, биэнсийэлээхтэр, инбэлииттэр социальнай өттүнэн көмүскэллээх буолууларыгар 10 бастакы эрэгийиэн кэккэтигэр киирбитэ. Биһиги бастакы Бэрэсидьиэммит Михаил Николаев саҥа Саха сирин тутууга, дьон уйгулаах олоҕун оҥорууга киэҥ далааһыннаах, дириҥ толкуйдаах, ситиһиилээх үлэтин түмүгүн сорох өттө итинник.
Туомтуу баайдахха
М.Е.Николаев дойдуга ыарахан историческай кэрдиис кэмигэр үлэтин кээмэйин, оҥорбут үтүөтүн ырыҥалаан көрдөххө, аныгы үйэҕэ Арассыыйа чулуу дьонун ахсааныгар киириэхтээх. Кини Арассыыйа дьиҥнээх патриота. Экэнэмиичэскэй өттүнэн кыахтаах эрэгийиэннэр Улуу Арассыыйаҕа күүс эбэллэр, оттон аҥаардас киин былаас көмөтүгэр эрэнэн, илиилэрин уунан олорор эрэгийиэннэр дойду сайдыытын мөлтөтөллөр диэн санаанан салайтарара. Кини 90-с сылларга Арассыыйа сайдар кыаҕын үөскэтэргэ аналлаах үгүс идеялары көтөхпүтэ уонна олоххо киллэрсибитэ.
М.Е. Николаев 85 сааһын туоларынан сибээстээн, кини өр сыллаах айымньылаах үлэтигэр Российскай Федерация уонна Саха сирин салалтатыттан сөптөөх сыанабыл бэриллэригэр эрэнэбит. Арассыыйа сорох эрэгийиэннэрин уһулуччулаах салайааччыларыгар үрдүк сыанабыл бэриллэр, ааттарын үйэтитии дьаһаллара ылыллаллар. Онно биир үтүө холобурунан Татарстан бастакы Бэрэсидьиэнигэр
М. Шаймиевка «Арассыыйа Дьоруойун» үрдүк аата иҥэриллибитэ, Казань куорат киинигэр киниэхэ пааматынньык туруоруута буолар. Татаар норуота бэйэтин устуоруйатын ытыктыырын, ыччаты иитиигэ чулуу дьоннорун холобуругар иитиигэ улахан суолта биэрэрин, үтүө санаалааҕын, киэҥ дууһалааҕын көрдөрдө.
Саха норуотун аныгы үйэтээҕи чулуу салайааччытын М.Е.Николаев төрөөбүт норуотун, Ийэ дойдутун иннигэр оҥорбут сүҥкэн өҥөтө сөптөөхтүк сыаналанарыгар эрэнэбит.
Климент Иванов,
СӨ бочуоттаах олохтооҕо.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: