Михаил Николаев биһиги норуоппут духуобунай лиидэрэ этэ уонна оннук үйэлэргэ хаалыаҕа
Саха сирин аан бастакы бэрэсидьиэнэ, ытыктыыр, сүгүрүйэр, тумус туттар киһибит, уһуйааччыбыт Михаил Ефимович Николаев олохтон туораата.
Бу ыар сүтүгү тылбытынан сатаан эппэппит… Кини биһиэхэ аҕабыт тэҥэ киһи этэ, күннэтэ кини харысхаллаах санаата биһигини арыаллыыра… Этэр тыла, ыйыыта-кэрдиитэ биһиэхэ суолбутун ыйара. Муударай салайааччы, ирдэбиллээх, сороҕор кытаанах, ол эрэн куруутун чугас, уратытык киһи туругун өйдүүр.
Кини биир да тылын аһардыбакка истэр этибит, хас этиитэ, санаата, көрүүтэ барыта дириҥ суолталаах, төрөөбүт норуотун, бар дьонун олоҕо тупсарыгар туһаайыллар этэ… Кини олохтоохтук, киэҥник-дириҥник хорутан аан дойду сайдыытын дьүөрэ Саха өрөспүүбүлүкэтин сайдыытын көрөрө. Кини биир да күнүн дойдутун туһунан санаабакка олорботоҕо, бүтэһик күннэригэр диэри тутаах боппуруостары быһаарыыга үлэлии сылдьыбыта. Санаабытын көтөҕөр, бэйэ кыаҕар эрэниини үөскэтэр, бэйэтин курдук көрүүлээх — туох баар барыта өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар туһуламмыт буолуохтаах — диэн үөрэтэрэ-такайара.
Ытыктабыллаах Михаил Ефимович чугас дьонугар дириҥ кутурҕаммытын биллэрэбит, норуоппутун кытта бииргэ курутуйабыт… Кини Саха сиригэр тугунан да кэмнэммэт өҥөлөөх — ол кини бар дьонун санаатын бөҕөргөтүүтэ, сайдыыга эргитиитэ этэ. Хас биирдии саха ыалыгар бүгүн кутурҕан күнэ. Саха сиригэр олорор дьоҥҥо бука барыларыгар кини туһунан өйдөбүл үйэлэргэ хаалыаҕа. Кини саха норуотун духуобунай лиидэрэ этэ уонна оннук үйэлэргэ хаалыаҕа…
Николаев Киинин кэлэктиибэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: