Михаил Николаев пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар
Бүгүн, сэтинньи 13 күнүгэр, Саха сирэ бүттүүнэ бастакы бэрэсидьиэнэ, биллэр-көстөр судаарыстыбаннай, бэлитиичэскэй уонна уопсастыбаннай диэйэтэл – Михаил Ефимович Николаев төрөөбүтэ 87 сыла бэлиэтэннэ.
Бу бэлиэ күн төрөөбүт Хаҥалаһын улууһугар киниэхэ анаммыт пааматынньыкка сибэкки дьөрбөтүн уурдулар. Бу туһунан Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Улуус баһылыга Олег Иринеев дьаһалта ыытар үлэтэ барыта, бастакы бэрэсидьиэн кэриэһин үйэтитиини кытта сибээстээх диэн бэлиэтээтэ.
“Михаил Ефимович Николаев саха норуотун өйүгэр-санаатыгар дириҥ өйдөбүлү хаалларбыт уһулуччулаах салайааччылартан биирдэстэрэ. Бу бэлиэ күҥҥэ аналлаах улууспутугар уон күн устата култуура, үөрэх, успуорт тэрилтэлэригэр, нэһилиэктэргэ үгүс тэрээһиннэр буоллулар. Биһиги ытык иэспит – уһулуччулаах биир дойдулаахпыт кэриэһин үйэтитии! Бүгүн, Михаил Ефимович төрөөбүт күнүгэр, эһиги манна кэлэн тураргытыгар махтанабын!”, — диэн улуус баһылыга эттэ.
Сибэкки ууруутугар өссө СӨ Ил Түмэн Бүддьүөккэ, үпкэ, нолуокка уонна сыана бэлиитикэтигэр, баайга-дуолга уонна приватизация боппуруостарыгар сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Юрий Николаев, култуура уонна духуоубнас сайдыытын миниистирэ Афанасий Ноев, норуот дьокутааттара Афанасий Владимиров, Алиш Мамедов, Александр Атласов, Георгий Балакшин уонна Хаҥалас улууһун олохтоохторо кытыннылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: