Михаил Николаев пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар

Share

Бүгүн, сэтинньи 13 күнүгэр, Саха сирэ бүттүүнэ бастакы бэрэсидьиэнэ, биллэр-көстөр судаарыстыбаннай, бэлитиичэскэй уонна уопсастыбаннай диэйэтэл – Михаил Ефимович Николаев төрөөбүтэ 87 сыла бэлиэтэннэ.

Бу бэлиэ күн төрөөбүт Хаҥалаһын улууһугар киниэхэ анаммыт пааматынньыкка сибэкки дьөрбөтүн уурдулар. Бу туһунан Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Улуус баһылыга Олег Иринеев дьаһалта ыытар үлэтэ барыта, бастакы бэрэсидьиэн кэриэһин үйэтитиини кытта сибээстээх диэн бэлиэтээтэ.

“Михаил Ефимович Николаев саха норуотун өйүгэр-санаатыгар дириҥ өйдөбүлү хаалларбыт уһулуччулаах салайааччылартан биирдэстэрэ.   Бу бэлиэ күҥҥэ аналлаах улууспутугар уон күн устата култуура, үөрэх, успуорт тэрилтэлэригэр, нэһилиэктэргэ үгүс тэрээһиннэр буоллулар. Биһиги ытык иэспит – уһулуччулаах биир дойдулаахпыт кэриэһин үйэтитии! Бүгүн, Михаил Ефимович төрөөбүт күнүгэр, эһиги манна кэлэн тураргытыгар махтанабын!”, — диэн улуус баһылыга эттэ.

Сибэкки ууруутугар өссө СӨ Ил Түмэн Бүддьүөккэ, үпкэ, нолуокка уонна сыана бэлиитикэтигэр, баайга-дуолга уонна приватизация боппуруостарыгар сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Юрий Николаев, култуура уонна духуоубнас сайдыытын миниистирэ Афанасий Ноев, норуот дьокутааттара Афанасий Владимиров, Алиш Мамедов, Александр Атласов, Георгий Балакшин уонна Хаҥалас улууһун олохтоохторо кытыннылар.

Хаартыска Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспатыттан
What’s your Reaction?
+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Түмэҥҥэ саха киинэтин сайдыытын туһунан кэпсэттилэр

Ахсынньы 4 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ "Саха киинэтин сайдыыта" диэн "төгүрүк остуол" буолла. Манна саха киинэтин…

3 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Тыа хаһаайыстыбата

Ньурба оройуонугар Мэҥэдьэк боруода сылгытыгар бааза арыйдылар

Ньурба оройуонун Маалыкай уонна Хатыы сэлиэнньэлэригэр “Саха сүөһүтэ” генофонднай      хааһына тэрилтэтэ сылгы баазаларын…

6 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Николай Матчитов: «Үөрүүбүт уонна махталбыт муҥура суох»

Биллэрин курдук, Саха сирин сайдыытыгар улахан  үлэни ыыппыт “Мин Сахам сирэ 21-с үйэҕэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи үтүө…

19 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспалаахтары хоруупсуйаны утары үөрэтэр үлэни күүһүрдэллэр

Ахсынньы 4 күнүгэр Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспалаахтар идэлэрин баһылааһыҥҥа…

38 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тааттаҕа «Манчаары оонньууларыгар» бэлэмнэнэллэр

Ахсынньы 3 күнүгэр Таатта улууһун олохтоох дьаһалтатыгар «Манчаары оонньууларын» тэрийиигэ уонна ыытыыга аналлаах сүбэ мунньах…

49 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Толоон сэлиэнньэтигэр саҥа култуура дьиэтин тутуута түмүктэннэ

Чурапчы улууһун Толоон сэлиэнньэтигэр саҥа култуура дьиэтин тутуута түмүктэннэ. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн бырайыактыыр докумуон ирдэбилигэр сөп…

1 час ago