Михаил Николаев төрөөбүт дойдутугар уопсастыбаннас үөрүүлээх мунньаҕа ыытылынна
Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Саха сирин Судаарыстыбаннаһын күнүн көрсө, Хаҥалас улууһун Өктөм сэлиэнньэтигэр уопсастыбаннас үөрүүлээх мунньаҕа ыытылынна.
«Быйыл биһиги өрөспүүбүлүкэбит бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев төрөөбүт дойдутугар — Хаҥалас улууһун Өктөм сэлиэнньэтигэр мунньахтаатыбыт. Бу олус суолталаах буолар. Ааспыт уон сыл устата дойдубутун кытары улахан суолу аастыбыт. Бүгүн Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ экэнэмиичэскэй сайдыыга — лиидэр. Биһиги элбэх омуктаах өрөспүүбүлүкэбитинэн уонна олохпут бары эйгэтигэр ситиһиилэрбитинэн киэн туттабыт. Сайдыы тэтимин оннунан хаалларбакка салҕыы улаатыннаран иһэбит.
Хас биирдиибитигэр төрөөбүт Сахабыт сиригэр олорор, үөрэнэр, үлэлиир — дьол! Сахабыт дьонун кэлэн иһэр бырааһынньыганан эҕэрдэлиибин. Бары бииргэ кэскилгэ!», — диэн Ил Дархан Айсен Николаев бэйэтин телеграм-ханаалыгар суруйда.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: