Салгыы
Михаил Николаевка мемориальнай комплекс оҥоһуллуоҕа

Михаил Николаевка мемориальнай комплекс оҥоһуллуоҕа

01.11.2024, 21:33
Хаартыска: А.Сорокин (СИА)
Бөлөххө киир:

Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев Ил Дархан иһинэн архитектура уонна куораты тутуу управлениетын салайааччы Любовь Папогы уонна «GRD:» АЮ бэрэстэбиитэллэрин кытары көрүстэ.

Кинилэр куонкурус түмүгүнэн Хаҥалас улууһун Өктөм сэлиэнньэтигэр Михаил Николаев кэриэһигэр мемориальнай комплексы оҥорооччуларынан буолаллар. Көрсүһүү чэрчитинэн мемориал хас да бырайыагын билиһиннэрдилэр.
Өрөспүүбүлүкэ баһылыга мемориал  ис хоһоонугар сыһыаннаах кэккэ сорудахтары биэрдэ уонна комплекс Михаил Ефимович олоҕун сүрүн түгэннэрин көрдөрүөхтээҕин бэлиэтээтэ. Кини эппитинэн, ураты болҕомто бастакы бэрэсидьиэн өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар кылаатыгар ууруллуохтаах. Мемориалы оҥорорго кини биир санаалаахтарын уонна уопсастыбаннас этиилэрэ учуоттаныахтара, ону сэргэ эспиэрдэри кытары сүбэлэһиэхтэрэ.
«Сорох кэрчиктэр учуоттаммыттара, билигин хамаанда бырайыак-смета докумуонун бэлэмнээһиҥҥэ ылсар. Докумуону оҥоруу быйыл  түмүктэнэрэ былааннанар, ол кэнниттэн бырайыагы тутууга сыананы олохтур эрэгийиэннээҕи кииҥҥэ ыытыахтара. Үчүгэй түмүк тахсар түгэнигэр комплексы олоххо киллэрии саҕаланыаҕа», -– диэн Любовь Папок иһитиннэрдэ.
Ону сэргэ сотору кэминэн Дьокуускайга Роман Дмитриев аатынан кытыл үлэҕэ киллэриллиэхтээх. «Роман Дмитриев аатынан кытыл – сынньанарн сэргэ, манна дьон көрсөр, бириэмэтин дьиэ кэргэнин кытары атаарар сиринэн буолуоҕа. Саҥардыллыбыт кытыл Дьокуускай аныгы куорат быһыытынан сайдарыгар көмөлөһүөҕэ». -– диэн Саха сирин кылаабынай архитектора бэлиэтээн эттэ.
Кини эбэн эппитинэн, Саха сиригэр Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын бырайыагар архитектура аһаҕас куонкуруһа биллэриллибитэ. Куонкуруска үлэлэр биир ый устата ылыллыахтара уонна кыайыылаах биир түһүмэххэ быһааарыллыаҕа. Пааматынньык Дзержинскэй уонна Федор Попов уулуссаларын быһаа охсуһууларыгар туруоруллара былааннанар.

+1
1
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -27°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 76% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: