Михаил Николаевы үйэтитэр хамыыһыйаны Ил Дархан салайыаҕа
Бүгүн, атырдьах ыйын 9 күнүгэр, күнүс 13 чаастан Ил Дархан Айсен Николаев “Саха” ГТРК ханаалыгар быһа эпииргэ тахсан, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун ыйытыыларыгар хоруйдаата.
Ил Дархан бүгүҥҥү биэриигэ эппитинэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев туһунан өйдөбүнньүгү үйэтитэргэ тэриллэр хамыыһыйаны салайыаҕа.
“Биһиги улуу киһи, Саха сирин уонна Арассыыйа улуу уолун туһунан өйдөбүнньүк хас да сүүһүнэн сылларга хааларын туһугар барытын оҥоруохпут”, — диэтэ Айсен Николаев.
Кини Михаил Николаев олохтон барыыта – тугунан да толуйуллубат сүтүк буоларын бэлиэтээтэ.
«Михаил Ефимович ыыппыт үлэтэ, өйө-санаата барыта инники кэскилбит туһунан этэ. Кини билиҥҥи кыһалҕаларга тохтоон хаалбат туһунан этэрэ. Ол кыһалҕалары, биллэн турар, быһаарыахха наада. Онуоха былаас уорганнара бааллар. Ол гынан баран, лиидэр сүрүн соруга – инники соруктары быһаарыы, кэлэр олохпут ыҥырыыларыгар бэлэм буолуу, иннибит диэки көрүү, ыччаттар сайдыылара Саха сирин сайдыытыгар көмөлөһөрүн курдук, эдэр көлүөнэни, оҕолору кытары үлэни ыытыы”, — диэтэ Ил Дархан.
Ил Дархан ыарахан 90-с сылларга саҥа оскуолалар, Саха судаарыстыбаннай университетын дьиэлэрэ тутуллубуттарын, Муусука үрдүкү оскуолатын, хореография училищетын, өрөспүүбүлүкэ Цииркэтин курдук саҥа тэрилтэлэр баар буолбуттарын бэлиэтээтэ.
Ону таһынан Михаил Ефимович көҕүлээһиниэн “Азия оҕолоро” успуорт аан дойдутааҕы оонньуулара аан бастаан Дьокуускайга ыытыллыбыттара. Ил Дархан эһиил Дьокуускайга ыытыллар аан дойдутааҕы успуорт VIII оонньууларын кэмигэр Михаил Николаевы хайаан да өйдөөн-санаан ааһыахпыт диэн эрэннэрдэ.
«Кини биһиги инники көлүөнэбит сайдыытыгар кылаата олус улахан. Ол судургута суох, олус уустук 90-с сылларга туох оҥоһуллубутун өссө да өйдүүр кэммит кэлиэҕэ. Кини эрдэттэн билиитэ, өтө көрүүтэ билигин эрэллээхтик тутуһан сылдьарбытыгар, элбэх хайысхаҕа биһиги дойдубутугар инники иһэрбитигэр көмөлөһүөҕэ”, — Ил Дархан Айсен Николаев.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: