Салгыы
Михаил Охлопков: «Олорор дьиэни үлэҕэ киллэриигэ сөҕүмэр көрдөрүүлэннибит»

Михаил Охлопков: «Олорор дьиэни үлэҕэ киллэриигэ сөҕүмэр көрдөрүүлэннибит»

20.12.2024, 12:00
Бөлөххө киир:

«Саха сирин тутааччыларын сойуустара» СРО Сүрүннүүр сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, бу тэрилтэ үлэ биэрээччилэр эригийэннээҕи ассоциацияларын бэрэсидьиэнэ, СӨ үтүөлээх тутааччыта, С.Н.Маркин аатынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата Михаил Охлопков санаатын маннык үллэһиннэ:

— Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһа эпииргэ дойду экэниэмикэтин сайыннарыы сүрүн суолтатын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.  Тутуу салаата, үгэс быһыытынан, экэниэмикэ “локомотивынан” ааҕыллар – бу салаа бары эйгэни сайдыыга  көҕүлүүр дьайыылаах. Билиҥҥи уустук кэмҥэ СӨ тутуу комплексыгар олорор дьиэни үлэҕэ киллэриигэ сөҕүмэр көрдөрүүллэннибит. Бу бырабыыталыстыба өйөбүлүн миэрэлэринэн, ол иһигэр Уһук Илин уонна тыа сирин курдук чэпчэтиилээх ипэтиэкэ  бырагыраамаларын көмөтүнэн кыалынна. Бу көҕүлээһин тутуу эйгэтин өйөөн, социальнай эйгэҕэ, дьиэ кэргэн олоҕор-дьаһаҕар үтүө сабыдыалы оҥорор. Биир сүрүн тиэмэнэн үлэ ресурсатын, чуолаан миграция бэлиитикэтин боппуруоһа буолла. Үлэһит тиийбэт буолуута экэниэмикэ араас салаатыгар, ол иһигэр тутууга, уустук дьайыылаах. Дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин үлэ оҥорон таһаарыытын уонна хаачыстыбатын үрдэтэр инниттэн үлэ технологиятын тупсарар соругу туруорда. Бу стратегическай суолталаах хайысха. Үлэ оҥорон таһаарыытын үрдэтии, бородууксуйа хаачыстыбатын тупсарыы, сылы эргиччи үлэлээх буолууну хааччыйыы, исписэлиистэр идэлэрин үрдэтии – сүрүн сорукпут. Хас биирдии таһымҥа бары бииргэ сомоҕолоһон үлэлээтэхпитинэ, өрөспүүбүлүкэ уонна бүтүн дойду олохтоохторун чэгиэн буолуутун, олохторун хаачыстыбатын тупсарыыга көстөр кыһалҕалары быһаарар кыахтаахпыт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: