Михаил Присяжнай: «Анал стипендия төлөнүөҕэ»

Share

Бүгүн,  алтынньы 11 күнүгэр,   СӨ Үөрэҕин уонна наукатын  миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Присяжнай “Вконтакте” уонна “Одноклассники” социальнай ситимнэргэ  байыаннай сулууспаҕа ыҥырыллыбыт дьон дьиэ кэргэнигэр  өйөбүл миэрэлэрин туһунан кэпсээтэ, дьон ыйытыыларыгар хоруйдаата.

Бастатан туран,  Михаил Юрьевич билигин техникумнарга, кэллиэстэргэ, үрдүк үөрэх кыһатыгар үөрэнэ сылдьар устудьуоннарга икки сүрүн көмө миэрэтэ ылыллыбытын туһунан эттэ. Маҥнайгы миэрэ тус сыаллаах  үөрэххэ   дуогабар түһэрсии буолар. Иккис миэрэ:  үрдэтиллибит анал стипендия төлөбүрэ. “Бу билигин  күнүскү үөрэххэ үөрэнэ сылдьар устудьуоннарга туһаайыллар көмө”, —  диэн миниистир солбуйааччыта тоһоҕолоон эттэ.

Бу көмө миэрэтин ыларга туһааннаах дьон  Госуслуги портал нөҥүө МФЦ-га сайабылыанньа түһэриэхтээхтэр.

“Байыаннай сулууспаҕа сылдьар дьон үөрэнэ сылдьар оҕолоругар  үрдэтиллибит анал  стипендия эрдэ Арассыыйаҕа көрүллүбэтэх. Бу  Саха сиригэр эрэ ылыллыбыт көмө көрүҥэ», — диэн Присяжнай быһаарда.

 — Бу көмөнү ыларга туох докумуон хомуйуох тустаахпыный?

Хоруй: Эһигиттэн МФЦ-га киирбит сайабылыанньа эрэ наада, онтон атын докумуон ирдээбэппит. Ол кэнниттэн атын биэдэмистибэлэртэн сайабылыанньа биэрээччи сулууспалыы сылдьар киһи аймаҕа буоларын туоһулуурун чуолкайдаан баран,  стипендия  ананар.

— Стипендия кээмэйэ төһөнүй?

Хоруй: Ый аайы 5607 солкуобай төлөнөр. Бу академическай, социальнай, үрдэтиллибит уонна да атын устудьуон ыла сылдьар стипендиятын үрдүнэн эбии төлөнөр харчы.

— Чопчу иһитиннэриини хантан ылабыт?

Хоруй:  +74112 50 69 89 нүөмэргэ эрийэн билсиҥ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Мииринэйгэ эр киһи уокка оҕустарда

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, суукка устата буруйу оҥоруу туһунан 12 иһитиннэрии бэлиэтэммит. Ол курдук, Нерюнгри куоракка…

38 секунд ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьирээ суруксут, тыл ууһа

Бу күннэргэ биир дойдулааҕым, Учууталым диэн улахан буукубаттан суруйар, ытыктыыр-сүгүрүйэр киһим Баһылай Сэмэнэбис Сүөдэрэп-Сэмээр Баһылай…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайдааҕы көтөрү иитэр баабырыка 100 мөл. сымыыты ылар былаанын толоруоҕа

Ахсынньы 13 күнүнээҕи туругунан сымыыт былырыыҥҥы кээмэйин -- 97,7 мөл устууканы ыллылар. Сыл бүтүөр диэри…

35 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс түмүктэннэ

Күүтүүлээх-кэтэһиилээх, биэс күн устата барбыт долгутуулаах Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ.…

50 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Кыл Саха» 10 сыллаах дьоро киэһэтигэр «кылыһахтардыын сахалыы кэпсэтэ»

2014 сыллаахха СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин Гранынан,  оччотооҕу миниистир Андрей Борисов өйөөһүнэн, маастардар…

1 час ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Дьокуускай олохтооҕо түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэрбит

Дьокуускай олохтооҕо түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэрэн, 300 тыһыынча солкуобай кэриҥэ харчытыттан мэлийбит. Дьокуускайга 2 №-дээх…

1 час ago