Михаил Присяжнай: «Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоро бастакы кылааска, орто анал, үрдүк үөрэхтэргэ киирэргэ ураты балаһыанньанан туһаналлар»
Бу туһунан атырдьах ыйын 19 күнүнээҕи брифиҥҥэ үөрэҕирии уонна билим миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Присяжнай эттэ.
“Сайыҥҥы үлэ биир сүрүн хайысхатынан байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолорун бастакы кылааска ылыы буолар. Үөрэхтээһин управлениета байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин оҕолорун кытта биирдиилээн үлэлэһэллэр”, – диэтэ бастакы солбуйааччы.
Билигин орто анал, үрдүк үөрэхтэргэ ылыы бара турар. Михаил Присяжнай санаппытынан, үрдүк үөрэх кыһаларыгар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр оҕолоругар туспа миэстэ көрүллүбүт – хас биирдии идэ эбэтэр бэлэмниир хайысха төлөбүрэ суох миэстэтин уопсай ахсааныттан 10-ча бырыһыан.
Михаил Присяжнай, Үөрэхтээһин уонна билим министиэристибэтэ “Аҕа дойду көмүскээччилэрэ” Судаарыстыбаннай пуонда филиалын кытта ыкса үлэлэһэллэрин эттэ. “Госпуонда филиалыгар министиэристибэ икки исписэлииһэ үлэлиир”, – диэтэ кини, диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: