Салгыы
Михаил Присяжнай тус сыаллаах үөрэх устудьуоннарын кытта көрүстэ

Михаил Присяжнай тус сыаллаах үөрэх устудьуоннарын кытта көрүстэ

18.11.2022, 17:30
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Үөрэх уонна билим миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Присяжнай Дьокуускайдааҕы технология уонна дизайн кэллиэһигэр креативнай индустрия хайысхатыгар тус сыаллаах үөрэнэр устудьуоннары кытта көрүстэ.

Тэрээһиҥҥэ Дьокуускайдааҕы технология уонна дизайн кэллиэһин дириэктэрэ Елена Яковлева, министиэристибэ билимҥэ, профессиональнай үөрэхтээһиҥҥэ уонна тус сыаллаах бэлэмнээһиҥҥэ судаарыстыбаннай бэлиитикэтин департаменын исписэлиистэрэ Туйаара ПетроваАлиада Федорова кытыннылар.

Көрсүһүүгэ тус сыаллаах үөрэх дуогабарын усулуобуйатын толоруу уонна үөрэхтэрин бүтэрбиттэр үлэнэн хааччыллыыларын туһунан кэпсэттилэр. Михаил Юрьевич тус сыаллаах үөрэх боппуруостарын нормативнай баазаларын, уратыларын, баһыйар өрүттэрин сиһилии кэпсээтэ.

Дьокуускайдааҕы технология уонна дизайн кэллиэһэ быйыл балаҕан ыйыттан креативнай биисинэскэ анаан каадырдары бэлэмниир саҥа систиэмэни олохсуппута. Креативнай индустрияҕа кэллиэстэри тэрийии бырайыага дойду бэрэсидьиэнин сорудаҕынан олоххо киирэр. Бырайыак федеральнай операторынан Идэҕэ үөрэтиини сайыннарар институт буолар.

Дьокуускайдааҕы технология уонна дизайн кэллиэһигэр устудьуоннар алта хайысханан үөрэнэллэр: «информационнай систиэмэ уонна бырагыраамалааһын», «анимация (көрүҥнэринэн)», «эрэкэлээмэ», «муусука тыаска-ууска маастарыстыбата», «хаартыска тиэхиньикэтэ уонна искусство», «дизайн (салааларынан)». Устудьуоннары бэлэмнээһин саҥа ыстандаарта, креативнай индустрия аныгы мадыалын кэллиэһин тэрийэр соруктаах федеральнай бырайыакка кыттыы суотугар олоххо киирэр. Бу туһунан Үөрэх, билим министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: