Хаартыска: minobrnauki.sakha.gov.ru
Үөрэх уонна билим министиэристибэтэ байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр өйөбүл миэрэлэри олоххо киллэрии былааннаах үлэтин салҕыыр. Бу туһунан министиэристибэтэ пресс-сулууспата суруйар.
Үөрэх уонна билим министиэристибэтинэн барыта 11 өйөбүл миэрэ көрүллэр. Бүгүн дьыл кэмиттэн көрдөххө тохсунньу 25 күнүгэр бэлиэтэнэр Устудьуоннар күннэрин иннинэ устудьуоннарга өйөбүл ордук суолталаах. Бу туһунан миниистири бастакы солбуйааччы Михаил Юрьевич Присяжнай нэдиэлэтээҕи брифинг кэмигэр кэпсээтэ.
“Өрөспүүбүлүкэ байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын оҕолоругар 5888 солк. кээмэйдээх истипиэндьийэ көрүллүүтүн салҕыыр. Манна өрөспүүбүлүкэ идэҕэ үөрэтэр тэрилтэрэлин уонна биһиги оҕолорбут үөрэнэр университеттарын, академияларын бары устудьуоннара киирсэллэр. Тустаах миэрэ устудьуон үөрэнэрин тухары көрүллэр. Маны тэҥэ, үчүгэй үөрэҕин иһин эбии истипиэндьийэ ылыан сөбүн бэлиэтээн этэбин”, — диэн иһитиннэрдэ.
Салгыы Михаил Юрьевич устудьуоннар өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүн үбүн суотугар үрдүк уонна орто анал үөрэх тэрилтэлэригэр үөрэниигэ тус сыаллаах үөрэх (целевое обучение) сөбүлэҥин түһэрсэр кыахтаахтарын бэлиэтээтэ. Бүгүҥҥү туругунан 32 устудьуон сөбүлэҥ түһэрсэн олорор. “Ону тэҥэ, тус сыаллаах үөрэххэ сөбүлэҥ түһэрсэр кыах баар. Манна анал истипиэндьийэни сэргэ өссө тус сыаллаах устудьуон (целевик) буоларын быһыытынан эбии истипиэндьийэ төлөнөр уонна үлэҕэ киирэллэрэ хааччыллар”, — диэн миниистири бастакы солбуйааччы эттэ.
80 сыл анараа өттүгэр, ыам ыйын 9, 10 күннэригэр, “Кыым” хаһыакка тугу суруйбуттарай? Бу суруйуулары…
Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн Өлүөнэ кытылын үрдүгэр, Дьоруойдар аллеяларыгар сэрии кэминээҕи таҥастаах эдэркээн кыргыттар, уолаттар…
Бүгүн, ыам ыйын 9 күнүгэр, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылынан “Өлбөт үйэлээх полк”…
Москваҕа буолар Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйдээх параадыгар саха уола кыттарын туһунан үтүө сураҕы бүгүн…
Бүгүн, ыам ыйын 9 күнүгэр, Дьокуускайга Кыайыы болуоссатыгар "Кыайыыны аҕалбыт буойуннар" монумеҥҥа сибэкки дьөрбөтүн ууруу…
Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруорууга 154 исписэлиис үлэлиир диэн суһал ыстаап иһитиннэрэр. Суукка иһигэр барыта…