Михаил Протодьяконов: «Бука бары биир сомоҕо буолуохтаахпыт»

Share

“КонкритСтрой” ХЭУо дириэктэрэ Михаил Протодьяконов арҕаа дойдулар тохтообокко салҕана турар уодаһыннаах дьайыыларын тохтоторго дойду салалтата анал байыаннай эпэрээссийэни ыытан, саамай сөптөөх быһаарыыны ылыммытын өйүүр:
— Бу анал байыаннай эпэрээссийэ икки сыалы ситиһиэхтээх: бастатан туран, Малороссия урукку сирдэригэр олохтоох нууччалары фашистыы сүрүннээх нацистартан көмүскээһин итиэннэ, иккиһинэн, НАТО күүстэрэ дойдубут кыраныыссатыгар олох чугас кимэн киириититтэн көмүскэнии. Арассыыйа маннык эпэрээссийэни ыытарыгар куомуннаспыт арҕаа дойдулар бэйэлэрэ тиэртилэр. Урукку өттүгэр ити дойдулар биһиэхэ элбэхтик сэриинэн кэлбиттэрэ, онтуларын күн бүгүн даҕаны төттөрү иэҕэн хатылыы тураллар. Дьэ, ол иһин Арассыыйа салалтата хайа баҕарар дойдуга күүс өттүнэн күөнтээһин, буолаары буолан ядернай сэрии сэптээх дойду куттала суох олоруутугар суоһааһын хайдах да табыллыбатын үчүгэйдик санатарга, өйдөтөргө күһэлиннэ.
Сэбиэскэй кэмҥэ маннык утарыта туруу, күөнтэһии Карибскай кириисис диэн ааттаммыта. Оччолорго биһиэхэ өстөөх дойдулар бэйэлэрин аракыаталарын Турцияҕа аҕалан туруорбуттара. Онно харда быһыытынан ССРС бэйэтин аракыаталарын Кубаҕа илдьэн туруорбута. Билигин хайдаҕый диэн көрдөххө, Турциятааҕар быдан чугас, Арассыыйаны кытта ыаллыы Украинаҕа кэллилэр.
Манан сибээстээн эттэхпинэ, бу анал байыаннай эпэрээссийэни ыытыы сөптөөх уонна наадалаах. Арассыыйа бу киирсиигэ хайаан да кыайыахтаах. Дойду бүттүүнүн олохтоохторо, омугуттан тутулуга суох, бука бары бэйэ бэйэни ытыктаһан, араас итэҕэллэрбитигэр муударайдык, тулуурдаахтык, холкутук сыһыаннаһан, биир сомоҕо буолуохтаахпыт. Арассыыйа састаабыгар олорор бары эрэгийиэннэр бэйэ бэйэлэригэр көмөлөсүһэн, убаастабыллаахтык сыһыаннаһан олороллор, олорбуттара, олоруохтара даҕаны. Маннык салҕанан бара турдаҕына, дойду нэһилиэнньэтэ бу сыһыаннары сыаналыыра бөҕөргүү туруоҕа.
Арассыыйа устуоруйатыгар түүр омуктарын үтүө оруола өрүү баара. Биһиги дойдубут элбэх омуктаах биир ньыгыл норуот быһыытынан үйэлэргэ бииргэ олорон кэлиитэ – кини модун кыаҕа уонна күүһэ. Оттон Европа дойдулара Арассыыйаҕа былыр былыргыттан сэнэбиллээхтик сыһыаннаһалларын күн бүгүҥҥэ диэри дакаастыы, аһаҕастык көрдөрө сылдьаллар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга:  ахсынньы 14 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий?  Ленскэй, Халыма-Индигиир улуустарыгар, күнүс Дьааҥыга…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

11 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

13 часов ago