Салгыы
Мииринэй олохтооҕо түөкүттэргэ албыннаппыт

Мииринэй олохтооҕо түөкүттэргэ албыннаппыт

Ааптар:
07.08.2024, 13:30
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:

Түөкүттэр бииртэн-биир араас угаайылара элбиир. Дьону албыҥҥа-көлдьүҥҥэ киллэрэллэрин тохтоппоттор. Арааһа, ол туһугар утуйалларын да умналлар быһыылаах!

Ол курдук, түөкүттэр угаайыларыгар 40 саастаах Мииринэй олохтооҕо киирэн биэрбит, үс мөлүйүөҥҥэ чугаһыыр харчыны кинилэргэ ыыппыт. Бу туһунан СӨ ИДьМ пресс-сулууспата суруйар.

Быһаарыллыбытынан маннык буолбут. Киниэхэ билбэт нүөмэриттэн эрийбиттэр, суотабай сибээс оператора аатырбыт уонна нүөмэринэн туһанарыгар дуогабары уһатар наадатын эппит. Салгыы эмсэҕэлээччигэ кодтаах смс-иһитиннэриилэр кэлбиттэр. Кини ону аферистарга этэн испит. Онтон салгыы аны Росфинмониторинг үлэһитэ аатыран эрийбиттэр. Кирэдьиит оҥоһулларыгар сайаапка түһэрилиннэ диэбиттэр. Онуоха эмсэҕэлээччи баан сыһыарыытыгар киирэн көрбүтэ, кирэдьиит ыларга сайаапка түһэриллибит эбит. Ити кэм устатыгар сибээһи тута сылдьыбыт түөкүттэр Росфинмониторинг аатыгар сайабылыанньа суруйарыгар сүбэлээбиттэр, сотору онтон үлэһит эрийиэҕин эппиттэр. Сотору кэминэн дьахтар эрийбит уонна көмөлөһүөх буолан эрэннэрбит, саҥа төлөпүөн атыылаһарыгар уонна Mir Pay сыһыарыыны туруорарга эппит. Ол кэнниттэн «зеркальнай кирэдьиит» оҥорорго, ол эрэ түөкүттэр иннилэрин быһа түһэн быыһыырын быһаарбыта буолбут. Эмсэҕэлээччи үс күн устата ол «куттала суох счекка» түөкүттэргэ үс мөл. кэриҥэ харчыны ыыппыт. Хас күн аайы анарааттан төлөпүөннүүллэр эбит. Эмсэҕэлээччи тэлэбиисэргэ түөкүттэр тустарынан биэриини көрөн эрэ баран, албыҥҥа киирэн биэрбитин өйдөөбүт.

Өрөспүүбүлүкэ ытыктабыллаах олохтоохторо! Түөкүттэртэн сэрэниҥ! «Суотабай оператордарын үлэһиттэрин», «баан үлэһиттэрин» о.д.а. аатыран эрийдэхтэринэ, кинилэр ыйыыларынан-кэрдиилэринэн биллибэт счекка харчыгытын ыытымаҥ. Төлөпүөннээтэхтэринэ кэпсэтимэҥ уонна түргэнник ИДьМ биллэриҥ.

СӨ ИДьМ пресс-сулууспата

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: