Мииринэй Светлэйигэр бырамыысаланнас идэлэрин үөрэҕэ аһылынна

Share

Мииринэй оройуонун Светлэй бөһүөлэгэр эрэгийиэннээҕи тиэхиньиичэскэй кэллиэс баазатыгар үөрэх комплекса аһылынна.

Ньиэби уонна гааһы хостуур фабрикаҕа үлэ хаамыытын чэрчитинэн бырамыысаланнас 12 хайысхатыгар анал идэлээх исписэлиистэри бэлэмниэхтэрэ.  Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ.

Роснефть ПАО НК  уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын сөбүлэҥнэригэр олоҕуран, аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир технологиялаах тэрилинэн хааччыллыбыт үөрэх комплекса «Таас-Юрях Нефтегазодобыча» хампаанньа өйөбүлүнэн тэрилиннэ.

«Кэлиҥҥи сылларга эрэгийиэн тэтимнээхтик сайдар — ньиэби уонна гааһы хостооһуҥҥа дойдуга бэһис миэстэҕэ сылдьабыт. Онон бу салааҕа үрдүк таһымнаах идэтийбит исписэлиистэргэ наадыйыы улахан», — диэн бэлиэтээтэ Ил Дархан Айсен Николаев.

“Ньиэп уонна гаас хостооһунун сайыннарыы уонна үлэлэтии” уонна “Ньиэби уонна гааһы переработкалааһын” хайысхаларга үөрэнэр устудьуоннар тренажердарга практическай дьоҕурдарын сайыннарар уонна эбии үлэ идэлэрин — ньиэп уонна гаас хостооһунун операторын, табаар операторын, тууһу ыраастыыр ​​уонна ууну ыраастыыр ​​ установка,  насоснай блок оператора эбии идэни баһылыахтара. Маны таһынан, тренажердарга идэлэринэн үлэлии сылдьар устудьуоннар – электриктэр, механизатор-ремонтниктар, технологическай оборудованиены туруорааччылар, приборостроительнай механиктар, слингердар уонна да атын исписэлиистэр дьарыктаныахтарын сөп.

Кэллиэс бэйэтин баазатыгар «Ньиэп уонна гаас хостооһуна», «Ньиэп уонна гаастаах сир үлэтэ», «Ньиэби бэлэмнээһин уонна тиэйии» анал идэҕэ туһуламмыт чемпионаттары ыытар кыаҕы биэриэҕэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Дьокуускайга бастакы тифло-бэстибээл ыытылынна

Дойду үрдүнэн харахтарынан көрбөт дьоҥҥо туһуламмыт «Үрүҥ торуоска» аахсыйа сылын ахсын алтынньы ый 15 күнүттэн…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл үгэскэ кубулуйда

Быйыл үгэс быһыытынан "Кыһын Саха сириттэн саҕаланар" кыһыҥҥы туризм бэстибээлэ  бэрт  кэрэхсэбиллээх түгэннэри бэлэхтиэҕэ. Ол…

2 часа ago
  • Сонуннар

Урбаанньыт дьахталлар сонун сүүрээннэри торумнаатылар

Бу күннэргэ Дьокуускайга урбаанньыт дьахталлар “Биисинэс эйгэтэ дьахтар көрүүтүнэн” бырайыак олоххо киириитин 10 сыллаах үбүлүөйүн…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үөһээ бүлүүлэр байыастарга баһыылка ыыттылар

Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо байыастарга анаан баһыылкалары бэлэмнээн, икки массыынанан Дьокуускайга ыыттылар. Бу туһунан улуус…

2 часа ago
  • Сонуннар

Таатта улууһун баһылыктарын сэбиэтэ сүбэ мунньаҕы ыытта

Бу күннэргэ баһылыктар сэбиэттэрин уочараттаах мунньаҕар Таатта улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын уонна тэрилтэлэри кытта бииргэ үлэлээһин…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүөхүмэҕэ ойуур кыылларын аһаталлар

Кыһыҥҥы кэмҥэ кыыл-сүөл ордук эбии аһылыкка наадыйар. Эбии аһылыгы, тууһу уонна сэбирдэхтээх талахтары дьиикэй кыыллар…

3 часа ago