Мииринэй улууһугар «Бүлүү» массыына суолун 121-с килэмиэтиригэр УАЗ массыына түҥнэһиннэ.
Суол-тырааныспар быһылааныгар биэс киһи эмсэҕэлээбититтэн, хомойуох иһин, биир киһи өлбүт.
Борокуратуура чахчытынан, саахал төрүөтүнэн массыына алдьаммыт көлүөһэтэ буолбут. Суоппар уруулун кыайан туппакка, массыына таһыгар быраҕылынна. Саахал түмүгэр 1971 сыллаахха төрөөбүт эр киһи суорума суолланна. Массыынаҕа олорсон испит өссө 3 киһи уонна суоппар балыыһаҕа киирдилэр.
Ону таһынан ааспыт сууккаҕа Өлүөхүмэ улууһугар 1981 сыл төрүөх уол балыыһаҕа киллэрилиннэ. Кини матасыыкылынан айаннаан иһэн, суолтан туораан эчэйдэ. Саахал кэмигэр итиригэ уонна бырааба суох эрээри матасыыкылга олорбута быһаарылынна.
Санатан эттэххэ, билигин Саха сиригэр «Матасыыкыл» диэн сэрэтии тэрээһиинэ ыытыллар. Бастакы күн полиция үлэһиттэрэ бырааба суох 18 матасыкылыыһы туттулар.
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…