Мииринэйдээҕи киин балыыһаҕа хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар
Ил Дархан Айсен Николаев тохсунньу 28 күнүгэр Мииринэй оройуонун киин балыыһатын хапытаалынай өрөмүөнүн үлэтин хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ.
Улахан дьон поликлиникаларын бастакы этээһигэр өрөмүөн ыытылла турар. Манна холл, регистратура, фойе, таҥас устар сир бааллар. Киирэр ааны, 1-кы этээс уҥа өттүн оҥороллор. Инбэлииттэргэ кэлээскэни көтөҕөр анал тэрил оҥоһуллуоҕа.
— Таһырдьа өттүттэн пандус баар, ол эрээри ис өттүгэр кирилиэскэ түһэргэ-тахсарга эрэйдэнэллэр этэ. Сиэстэрэлэр, регистратордар кэлээскэлээх инбэлииттэри түһэрэргэ-таһаарарга көмөлөһөллөрө, ол ыарахан этэ. Онон иһирдьэ көтөҕөр тэрили туруораллара олус үчүгэй. 2024 сыл балаҕан ыйыгар хапытаалынай өрөмүөн ыытылларыгар дуогабардаспыппыт, сэтинньиттэн үлэ саҕаламмыта. 1-кы кыбаартал бүтүүтэ былаан туолан, үлэ бүтүө диэн эрэнэбит, — диэн киин балыыһа кылаабынай бырааһа Вера Тарасова кэпсээтэ.
Ил Дархан 2030 сылга диэри Мииринэй оройуонун сайыннарыы туһунан ыйааҕыгар олоҕуран, доруобуйа харыстабылын эбийиэктэрин хапытаалынай өрөмүөннээһин ыытыллар. Барыта 14 эбийиэк, ол иһигэр киин балыыһа 12 эбийиэгэ, Айхал куорат балыыһатын 2 эбийиэгэ киирбиттэрэ.
Билигин киин балыыһа стационарыгар уонна дьахтар консультациятыгар хапытаалынай өрөмүөн түмүктэннэ. «АЛРОСА» көмөтүнэн, мэдиссиинэ тэрилэ саҥардыллар. 2024 сыллаахха саҥа тэрил көмөтүнэн, өрөспүүбүлүкэ балыыһаларыгар эрэ оҥоһуллар эпэрээссийэлэри (холобур, лазернай урологияны) оҥорор буолбуттара.
Айхал балыыһата саҥа рентген-аппарааттары, маммограф, флюорограф уонна УЗИ аппарааттарын туппута.
Маны тэҥэ, Мииринэй оройуонун киин балыыһатыгар уонна Айхал куорат балыыһатыгар тырааныспардар, «суһал көмө» массыыналара саҥардыллаллар. Сорох массыыналары Сүлдьүкээргэ уонна Алмазнай бөһүөлэккэ ыыппыттара.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: