Бүгүн, сэтинньи 15 күнүгэр, Мииринэй куоракка 1 №-дээх орто осуола эбии тутуута үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна.
Бу – 2030 сылга диэри Мииринэй улууһун сайдыытын туһунан Саха сирин Ил Дархана 2022 сыллааҕы Ыйааҕын чэрчитинэн тутуллубут бастакы эбийиэктэртэн биирдэстэрэ.
Үөрэнээччилэри уонна учууталлар кэлэктииптэрин Айсен Николаев эҕэрдэлээтэ. Кини бэлиэтээн эппитинэн, саҥа куорпус кэнники сылларга Мииринэйгэ үлэҕэ киллэриллибит оскуола тутууларыттан бастакыларынан буолла.
«Мииринэй үүнэр-сайдар. Куоракка саҥа оскуолалар тутуллубатахтара ыраатта. Бу олус наадалаах уонна дьоһуннаах эбийиэк. Манна актовай саала, тренажердардаах успуорт саалата уонна остолобуой бааллар. Биир тылынан эттэххэ, үөрэнээччилэр бары өттүнэн сайдалларыгар барыта баар. Оҕолор – биһиги өрөспүүбүлүкэбит инники кэскиллэрэ. Саҥа үчүгэй усулуобуйа баар буолбутунан кинилэр элбэх ситииһэлэнэллэригэр уонна улаатан баран төрөөбүт Мииринэйдэрин улууһугар уонна Саха сиригэр элбэх туһалааҕы оҥоруохтарыгар эрэнэбин”, — диэтэ Айсен Николаев.
Саҥа куорпус тутуутун АЛРОСА хампаанньа Үүнэр көлүөнэ тус пуондатын “Во имя будущего” пуондатын нөҥүө өйөөтө.
«Биһиги хампаанньабыт өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх оробуочай үлэ миэстэтэ, саҥа эбийиэктэр уонна усулуобуйалар баар буолалларын туһугар үлэлиир. Күндү оҕолор, үчүгэйдик үөрэниҥ уонна биһиги эһигини оскуоланы бүтэрдэххитинэ күүтэбит”, — диэтэ хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Павел Маринычев.
Билигин оскуолаҕа 860 үөрэнээччи икки симиэнэнэн үөрэнэр. Айсен Николаев актовай сааланы акустичестическай систиэмэнэн сэбилииргэ оскуолаҕа 500 тыһыынча суумалаах сэртипикээти туттарда.
«Биһиги ыра санаабытын олоххо киллэрсибит дьоҥҥо барыгытыгар махталбытын этэбин. Саҥа куорпуспут аныгы тэриллэринэн сэбилэннэ, ол үөрэх бырагыраамаларын уонна үөрэхтээһин инновацияҕа ньымаларын олоххо киллэрэрбитигэр саҥа кыахтары арыйыаҕа. Биһиги санаабытыгар, ити үөрэх хаачыстыбатыгар үчүгэйдик дьайыаҕа уонна үөрэнээччилэрбит талааннарын, дьоҕурдарын арыйалларыгар кыах үөскүөҕэ” – диэн Мииринэй 1 №-дээх оскуолатын дириэктэрэ Екатерина Зятькова бэлиэтээн эттэ.
Кырдьаҕас Табаҕа таһынан Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста тутуута кыһыҥҥы кэми аахсыбакка бара турар. [gallery ids="168010,168011,168012,168013,168015"]…
Бэйиэт, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, "Алта" кинигэ кыһатын салайааччы, СӨ бэчээтин туйгуна Зинаида Архипова "Көс…
Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатыра сэтинньи 14 күнүгэр Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр …
Үлэ тэрилтэлэрин каадырга отделлара сэтинньигэ-ахсынньыга эһиилги сылга уоппуска графигын оҥороллор. Уоппуска төлөбүрэ хайдах оҥоһулларый? Уоппуска…
Сэтинньи 13-22 күннэригэр Сылдьыһыынан бэриллэр инфекционнай ыарыылары (ИППП) сэрэтэр үлэ дэкээдэтэ биллэрилиннэ. Өрөспүүбүлүкэтээҕи тирии-венерологическай диспансер…
Саха сиригэр сылыйыыны аҕалбыт циклон баран, Дьокуускайга, киин уонна да атын улуустарга биллэ тымныйда. Сарсын,…