Бэс ыйын 4 күнүгэр Мииринэйгэ түүҥҥү кулууп иннигэр 20 саастаах эр киһини саанан ыттылар. Билигин киһини өлөрүүгэ уорбаланааччыны көрдүүллэр. Ол туһунан Саха сирин силиэстийэлиир кэмитиэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Силиэстийэ дааннайынан, эр киһини саанан искэ ыппыттар. Кини миэстэтигэр өлбүт. Бу чахчынан силиэстийэ уорганнара «Киһини соруйан өлөрүү» ыстатыйанан холуобунай дьыала тэрийдилэр.
Буруйу оҥоруу түгэнэ тас видеонан кэтээн көрөр камераҕа уһуллубут.
Быраабы араҥаччылыыр уорганнар үлэһиттэрэ урут сууттана сылдьыбыт 1986 сыллаахха төрөөбүт Үөһээ Бүлүү Далыр сэлиэнньэтиттэн сылдьар Петр Акимовы көрдүүллэр.
Кини ханна баарын билэр дьону бу нүөмэрдэргэ эрийэн этиҥ диэн этэллэр: 8(41136) 47210, 112, 02.
Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…
Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…
Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…
Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…
Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…
Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…