Мииринэйгэ элбэх кыбартыыралаах түөрт дьиэ лиибин оборудованиетын өрөмүөннээтилэр
Биллэрин курдук, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ лииби туһаныы болдьоҕо 25 сылга тэҥнэһэр. Саха сирин хапытаалынай өрөмүөҥҥэ пуондата бу өттүгэр үлэни тэрийэр.
Ол курдук, Мииринэй куоракка хапытаалынай өрөмүөн эрэгийиэннээҕи бырагырааматынан лиип оборудованиетын өрөмүөннээһин Аммосов уулусса 100, 96/1 уонна 98/1, Өктөөп 50 сылын проспегын 14/1 нүөмэрдээх дьиэлэригэр былааннааммыта.
Онно аукциоҥҥа “Лифтремонт” ХЭТ кыайбыта. Пуонда сүрүн инженерэ Василий Кулаковскай этэринэн, үлэлэр ааспыт сыл алтынньытыттан саҕаламмыттара уонна билиҥҥи туругунан, “Лифтремонт” ХЭТ үлэни болдьоҕун иннинэ түмүктээбит. Тутар хамыыһыйа бу дьыл муус устар 11 күнүгэр үлэни тутта. Саҥа лииптэр аныгы технологиянан таҥыллыбыттар, түргэннэр.
“СӨ Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри хаптытаалынайдык өрөмүөннээһиҥҥэ пуондата” усунуоһу хомуйууттан үлэ кэмигэр ыытыллара тутулуктааҕын санатар. Онон усунуоскутун кэмигэр төлүүргүтүгэр көрдөһөр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: