Мииринэйгэ элбэх кыбартыыралаах түөрт дьиэ лиибин оборудованиетын өрөмүөннээтилэр

Share

Биллэрин курдук, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ лииби туһаныы болдьоҕо 25 сылга тэҥнэһэр. Саха сирин хапытаалынай өрөмүөҥҥэ пуондата бу өттүгэр үлэни тэрийэр.

Ол курдук, Мииринэй куоракка хапытаалынай өрөмүөн эрэгийиэннээҕи бырагырааматынан лиип оборудованиетын өрөмүөннээһин Аммосов уулусса 100,  96/1 уонна 98/1, Өктөөп 50 сылын проспегын 14/1 нүөмэрдээх дьиэлэригэр былааннааммыта.

Онно аукциоҥҥа “Лифтремонт” ХЭТ кыайбыта. Пуонда сүрүн инженерэ Василий Кулаковскай этэринэн, үлэлэр ааспыт сыл алтынньытыттан саҕаламмыттара уонна билиҥҥи туругунан, “Лифтремонт” ХЭТ үлэни болдьоҕун иннинэ түмүктээбит.  Тутар хамыыһыйа бу дьыл муус устар 11 күнүгэр үлэни тутта. Саҥа лииптэр аныгы технологиянан таҥыллыбыттар, түргэннэр.

“СӨ Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри хаптытаалынайдык өрөмүөннээһиҥҥэ пуондата” усунуоһу хомуйууттан үлэ кэмигэр ыытыллара тутулуктааҕын санатар. Онон усунуоскутун кэмигэр төлүүргүтүгэр көрдөһөр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

5 часов ago