Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, суукка устата буруйу оҥоруу туһунан 12 иһитиннэрии бэлиэтэммит.
Ол курдук, Нерюнгри куоракка 1975 с. т. эр киһини эчэппит буруйдааҕы булбуттар.
Дьон харчытыгар суудайар түөкүттэр түөрт киһиттэн 2,8 мөл солкуобай харчыны ФСБ, Росфинмониторинг, Биэнсийэ пуондата, сибээс опеатора буолан кубулунан, сойбоппуттар.
Дьокуускайга даҕаны түөкүн 13000 солк. харчылаах кумааһынньыгы уоран ылбыт. Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар наркотигынан эргинии бохсуллубут.
Дьокуускайга уонна Алдан оройуонугар итирик туруктаах сылдьан тырааныспары хаттаан ыытан тутуллубуттар.
Суолга киһи өлүүлээх быһылаан тахсыбатах. Ол эрээри аҕыс суоппар итирик туруктаах сылдьан тырааныспары ыыппыт.
Хомойуох иһин, Мииринэй куорат Арҕааҥҥы уот ситимин ыстаансыйатын территориятыгар өрөмүөн үлэтин ыыта сылдьан 1980 с.т. эр киһи уокка оҕустаран, суорума суолламмыт.
Култуура киинэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээххэ тутулла турар. Үлэ хаамыытын Саха сирин бастакы вице-премьерэ…
СӨ үбүн министиэристибэтэ "Арассыыйа - мин историям" түмэлин пуондатыгар байыаннай дьайыы эспэнээттэрин туттарда. Манна байыаннай…
Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…
Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…
Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…
... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка, күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…