Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 6 буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит.
Киин куоракка 1993 с.т. улаханнык эчэйэн балыыһаҕа киирбит. Дьокуускайга уонна Мииринэйгэ «Тойота Витц» уонна «Тойота Премио» массыыналары күрэппиттэр. Булуҥ улууһугар түөкүттэр эр киһиттэн 1,7 мөл.солк. уорбуттар, Ленскайга — 1,8 мөл. солк. уоруллубут. Итини таһынан Ленскай оройуонугар иккиһин итирик туруктаах сылдьан суоппар тутулунна.
Дьокуускай куоракка Ойуунускай аатынан уулуссаҕа элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ кыбартыыра умайбытынан бэрэбиэркэ ыытыллар. Үс улахан киһи уонна икки оҕо балыыһаҕа киирбиттэр. Киһи өлүүлээх суол быһылаана бэлиэтэммэтэх.
Мииринэй улууһугар «Анабар» айан суол 13 км 1988 с.т. суоппар итирик туруктаах сылдьан «Хонда Фрид» мааркалаах массыынанан утары балаһаҕа тахсан биэрбит уонна «Мерседес Бенц» массыынаны кытта харсыспыт. «Хонда Фит» пассажира араас эчэйиилээх балыыһаҕа киирбит.
Суукка иһигэр 14 суоппар итирик туруктаах сылдьан тутулунна.
Мэҥэ Хаҥалас улууһа мас тардыһыыга үһүс төгүлүн Федерация Куубагар кыайыылаах таҕыста. Быйыл улуустарынан хамаанданан күрэхтэһии…
Уһук Хоту сиргэ, Муустаах муора кытылыгар, Тумат нэһилиэгэр сүрүн харыйа уота сандаарда. Бу туһунан олохтоох…
Арассыыйатааҕы «Авито» сирэбискэ «Саха сириттэн саамай ыраас хаары атыылыыбын» диэн биллэрии таҕыста. Дьикти табаары атыылааччы,…
Карбонат кальций гормональнай препараттарын уонна микроскопическай чаастарыгар олоҕуран тирии ыарыытын эмтиир саҥа тиһиги Н.Г. Чернышевскай…
Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьокуускайга сабыылаах, искусственнай муустаах хаҥкылыыр сири уонна Саха политехническэй лиссиэй эбии…
Үөһээ Бүлүүгэ ахсынньы ый 14-15 күннэригэр Хапсаҕай Федерациятын Куубага оонньонно. "Үс хоһуун" успуорт комплексыгар хапсаҕай…