Салгыы
Мииринэйгэ Оҕо эбии үөрэхтээһинин киинэ тутуллар

Мииринэйгэ Оҕо эбии үөрэхтээһинин киинэ тутуллар

Ааптар:
17.02.2023, 18:26
СИА. Андрей Сорокин хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Мииринэй куоракка Оҕо дыбарыаһа тутулла турар (эбии үөрэхтээһин киинэ). Манна оҕолор айар үлэҕэ, IT уонна биотехнологияларга үөрэниэхтэрэ. 

Бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев Мииринэйгэ оробуочай сырыытын кэмигэр саҥа эбийиэги тутуу хайдах-туох бара турарын билистэ. Тутуу олус улахан, биир симиэнэҕэ 420 оҕо сылдьыаҕа. Спортивнай, тэхиньиичэскэй, естественнэй уонна научнай хайысхаларга 2500 оҕо дьарыктаныаҕа. Манна «IT-куб» диэн сыыппара киинэ баар буолуоҕа уонна «Кванториум» диэн оҕо технопаарката аһыллан үлэлиэҕэ.  Эбийиэк «АЛРОСА» АХ (ПАО) үбүлээһининэн тутуллар.  Оҕо дыбарыаһа икки куорпустаах, 5 мэндиэмэннээх, уопсай иэнэ 6700 кв. м

Санатар буоллахха, эбийиэги тутуу былырыын ахсынньыттан саҕаламмыта уонна быйыл балаҕан ыйыгар үлэҕэ киириэҕэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
18 марта
  • -14°C
  • Ощущается: -19°Влажность: 72% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: