Мииринэйгэ саҥа аэропорт тутулла турар
Тохсунньу 28 күнүгэр Айсен Николаев Мииринэйгэ командировкаҕа бара сылдьан, саҥа аэропорт комплексын тутуутун бэрэбиэркэлээтэ.
Бу иннинэ үлэ Магистральнай инфраструктураны саҥардыы, кэҥэтии кэлим былаанынан ыытыллыбыта, билигин саҥа «Эффективная транспортная система» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар.
Бу былааҥҥа киирбит атын аэропортартан уратыта диэн, Мииринэйгэ аэропорт олох саҥаттан тутуллар, урукку аэропорт хас да килэмиэтирдээх сиргэ баар.
Урут көтөр-түһэр балаһаҕа сир аннынааҕы усулуобуйа бэрдэ суох буолан, үлэ тохтуу сылдьыбыта, билигин сири тоҥорор технология булуллан, үлэ салҕанар.
Быйыл 8 тыһыынча тоҥорор тэрил туруоруллуохтаах. Ол кэнниттэн балаһаны бетоннааһын үлэтэ салҕаныаҕа.
«АЛРОСА» хампаанньа үбүнэн аэровокзал комплексын тутуу салҕанар. Дьиэтэ тутуллан, канализация, элэктэриичэстибэ, ититии, уот ситимнэрин тардыыны, ис-тас үлэлэрин ыыталлар. 2026-2027 сылларга үлэҕэ киирэрэ былааннанар. Манна чааска 300 пассажир киирэн тахсыан сөп, ол икки төгүл элбэх.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: