Мииринэйгэ суол саахалыгар тоҕус киһи эчэйдэ
Мииринэйгэ суоппар уруулун кыайан туппакка, суолга саахал тахсыбыт. Ол түмүгэр 9 киһи эчэйбит.
Муус устар 3 күнүгэр 17 ч. диэки «Зарница» карьер технологическай суолугар «Камаз» массыына 52 саастаах суоппара, «Scania» көлөнү кытары харсыспыт. Ол түмүгэр, олорсон испит 8 пассажир уонна суоппар эчэйиини ылбыттар. Бу дьону Айхалга балыыһаҕа киллэрбиттэр. «Scania» суоппара эмсэҕэлээбэтэх.
Суоппардар иккиэн курдарын баанан испиттэр, кыраадыстааҕы амсайбатахтар, уруулга олорбуттара 20-тэн тахсалыы сыл буолбут. Буруйдаах быһаарбытынан, иннигэр баран испит көлөнү быылтан мэһэйдэтэн хойутаан көрбүт уонна кыайан туормастаабакка хаалбыт.
Ытыктабыллаах суоппардар, айанныыргытыгар сэрэхтээх буолуҥ! Тырааныспары ыытаргытыгар ыйыллыбыт быраабыланы, ирдэбили тутуһуҥ, суолу уонна күн-дьыл туругун учуоттааҥ диэн Мииринэйдээҕи ГИБДД иһитиннэрэр.
Мииринэй, суолга куттал суох буолуутун хааччыйар иниспиэксийэ (ГИБДД)
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: