Салгыы
Мииринэйгэ «сылаас муостаттан» дьиэ умайа сыста

Мииринэйгэ «сылаас муостаттан» дьиэ умайа сыста

Ааптар:
11.11.2024, 12:22
СИА хаартыската.
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, сэтинньи 10 күнүгэр, Мииринэйгэ элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ баһаар буолла. Ол төрүөтүнэн «сылаас муоста» буолуон сөп диэн СӨ ЫБММ управлениета иһитиннэрэр.

Ойуунускай уулуссатыгар турар дьиэттэн 15:09 чааска иһитиннэрии киирбит. Баһаарынайдар тиийиилэригэр, биир кыбартыыра муостата умайа турар эбит. Уот биир кв.м. иэннээх сири ылбыт. Кыбартыыраны быыһаабыттар.

Баһаар электричествоҕа холбонор «сылаас муостаттан» барбыт буолуон сөп диэн сабаҕалыыллар.

Буруйдаахтары уонна хоромньуну быһаараллар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
6 декабря
  • -24°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: