Андрей Сорокин хаартыската, СИА.
Бүгүн, сэтинньи 15 күнүгэр, Мииринэй оройуонугар «Анаабыр» массыына эрэгийиэннээҕи суолугар баар Чуоналыыры туоруур муостаны арыйдылар. Бу муоста өрөспүүбүлүкэҕэ бүтэһик алта сылга тутуллубут 55-с муостанан буолар.
Эбийиэги РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак иитинэн туттулар. Тутууга диэн 476 мөл.солк. көрүллүбүтэ. Бу иннинээҕи 1970-с сылларга тутуллубут туоруур сир саахалланар туруктаах этэ.
«Биһиги өрөспүүбүлүкэбит киэҥ сиринэн тайаан сытар буолан, массыына суоллара улахан суолталаахтар. Биллэн турар, муостаны тутуу сайдыыга суолталаах үлэнэн буолар. Бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ бүтэһик алта сылга тутуллубут 55-с муостаны арыйдыбыт. Муостаны туппут, барыйыак олоххо киирэригэр үлэлээбит бар дьоҥҥо махтанабын», — диэн СӨ Баһылыга Айсен Николаев үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ эттэ.
Саҥа муоста Удачнай бөһүөлэги уонна Мииринэй куораты ситимниир, Анаабыр, Өлөөн оройуоннарыгар сырыыны хааччыйар.
Олунньу 14-15 күннэригэр Дьокуускай куорат “Модун” спорт уораҕайыгар Гаврил Десяткин - Күүстээх Дэһээккин кэриэһигэр мас…
Байыаннай дьайыыга сырдык олоҕун толук уурбут, Күндэйэ хорсун буойуна Андриан Николаевка аналлаах быыстапкаҕа дьон-сэргэ тоҕуоруһа…
Дьокуускай куорат дьаһалтатын планеркатыгар иһитиннэрбитинэн, олунньу 16 күнүнээҕи туругунан, ОРВИнан уонна гириибинэн сибээстээн Физико-тиэхиньиичэскэй лиссиэй…
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр буруйу оҥоруу икки түбэлтэтэ тахсыбыт. Манан процессуальнай бэрэбиэркэни ыытыыны уонна холуобунай…
Саха сиригэр араас эрэгийиэннэртэн, ону ааһан тас дойдулартан туристар бөлөҕүнэн, биирдиилээн кэлэ тураллар. Швейцарияттан кэлбит…
Бу нэдиэлэ Күрүлгэн бэлиэтиттэн Балыктар бэлиэтигэр көһөр. Ол аата харчыга сыһыаннаах боппуруостарга бастаан "саҥа сүүрээннэр",…