Салгыы
Миитэрэй Баппаҕай быйылгы сыл бэлиэтин куобаҕы оҥордо

Миитэрэй Баппаҕай быйылгы сыл бэлиэтин куобаҕы оҥордо

21.12.2022, 21:32
Бөлөххө киир:

Үөһээ Бүлүү улууһун биир биллэр-көстөр киһитин, бары өттүнэн дэгиттэр, ураты дьоҕурдаах, биллиилээх спортсмен, худуоһунньук, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Дмитрий Михайлович Баппаҕайы-Миитэрэй Баппаҕайы Бүлүү бөлөххө, өрөспүүбүлүкэҕэ даҕаны билбэт киһи ахсааннаах буолуо.

Кини былырыын сыл бэлиэтин баабыры оҥорон бассаап ситимин толорон, Саха сиригэр аптаах бырааһынньык чугаһаабытын биллэрбит буоллаҕына, быйыл онтон итэҕэһэ суох, кэлэр сыл бэлиэтин – чөмпүйүөн куобаҕы хаарынан оҥорон дьонун-сэргэтин үөртэ.


Норуокка биллэринэн Миитэрэй Баппаҕай диэн, кини уран тарбахтаах, ураты дьоҕурдаах киһи, сыл аайы хаарынан араас дьэрэкээн оҥоһуктары оҥорон, бар дьонун үөрдэр идэлээх.

Санатан эттэххэ, устар ууну сомоҕолуур уус-уран тыллаах-өстөөх, ураннык туойар хомуһуннаах хомустаах, сахалыы мындыр толкуйдаах Миитэрэй Баппаҕай саха киһитэ сахалыы ааттаах буолуохтаах диэн былырыын 65 сааһын көрсө Баппаҕай Дьулусхаан Баппаҕай Уола диэн уу сахалыы ааты ылыммыта.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 апреля
  • -6°C
  • Ощущается: -12°Влажность: 58% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: