Миитэрэй Кустуурап: “Мин хамнас эрэ туһугар үлэлээбэтэх эбиппин…”
Саха суруналыыстыкатын сүдү классига, саарына, биһиги – суруналыыс аймах – ытыктабыллаах бэтэрээммит, хас эмэ көлүөнэ хаһыатчыттар, бэчээт үлэһиттэрэ сыаналыыр, сүгүрүйэр киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, П.А.Ойуунускай аатынан итиэннэ Суруналыыстыкаҕа Судаарыстыбаннай бириэмийэлэр лауреаттара, ССРС, СӨ бэчээтин туйгуна, Томпо, Таатта улуустарын бочуоттаах гражданиннара Дмитрий Васильевич Кустуров бүгүн, сэтинньи 8 күнүгэр, ытык-мааны, олох муудараһынан толору 95 сааһын туолар.
Үйэ аҥаарыттан ордук кэмҥэ аналитик, публицист суруналыыс, суруйааччы быһыытынан сүрүн тиэмэ оҥостон Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Саха сирин олохтоохторун дьоруойдуу бойобуой сырыыларын, тыылга күлүмэх үлэлэрин сыралаһан сырдатыыга, бэлиитикэ, экэниэмикэ, устуоруйа, култуура тиэмэлэригэр, бэлитиичэскэй эрэпириэссийэ содулларын, ыар дьайыытын чинчийиигэ, кырдьыктаахтык дьоҥҥо-норуокка тириэрдиигэ, тосту уларытыылаах 90-с сылларга саҥа Саха сиригэр бэрэсидьиэн былааһа олохтонуутун, саҥа тутулу араас саба түһүүлэртэн хорсуннук, сорунуулаахтык көмүскээһиҥҥэ, сайдыы таба суолларынан инники дьулуһууга бар дьону көҕүлээһиҥҥэ ахсаабат айымньылаах үлэтинэн уһулуччулаах кылаатын киллэрэн кэллэ.
Биһиги, икки үйэни ситимнээбит сааһырбыт суруналыыстар, аныгы үйэ дьоно, эдэр көлүөнэ биир идэлээхтэрэ саҥа үйэ, саҥа олох туруорар соруктарын олоххо киллэриигэ Дмитрий Васильевич – Улуу Дьаалы убайбыт Кус Миитэрэй оскуолатыгар үөрэнэн, кинилиин бииргэ үлэлээн, алтыһан кэлбиппитинэн киэн туттабыт, махтанабыт. Ытык кырдьаҕаспыт, Учууталбыт төһө да дөйө кырдьар сааска тиийдэр, билигин да өйө-санаата ырааһыттан, чэм курдугуттан, хаһыаты, кинигэни ачыкыта суох эт хараҕынан ааҕарыттан, тэлэбиисэр көрөрүттэн астынабыт, үөрэбит.
ӨҺӨС МАЙГЫМ КИҺИ ОҤОРБУТА
“Кыым”, “Саха сирэ” хаһыаттарга 40-ча сыл, кэлин биэнсийэҕэ тахсан да баран алтыстарбыт, миигиттэн 20 сылынан аҕа, аҕам курдук киһини Миитэрэй диэн ааттыахпын хайдах да тылым тахсыбат. Онон сир түннүгэ муударай кырдьаҕас, Миитэрэй Баһылайабыс, үрдүк өйөнөрдөөх сымнаҕас кириэһилэтигэр чөм түһэн олорон сэниэтэ суох сэһэнин ытыспын кулгаахпар даҕайан олорон иһиттим. Дьиҥинэн, инньэ ааспыт үйэ 80-с сылларын саҥаларыттан Миитэрэй Баһылайабыс араас тиэмэлэргэ, араас таһымнаах, ис хоһоонноох лиэксийэлэрин “кулгаахтарым дьөллүөхтэригэр” диэри истэн кэлбит киһибин.
– Мин өһөспүн, хадаардастахпына, хадаар да киһибин. Оҕо сылдьан, 8 сааспыттан, сэрии, сут-кураан ыар кэмнэригэр, оонньооботох оҕо саастаах бэйэм көлүөнэм курдук, хара өһөспүнэн туруулаһан, аччыктаан, тоҥон-хатан кутуйах хасааһын хасыһан, тутум саҕа үүнэр нэчимиэн бурдугу баайан, кирпииччэ үктээн, оттоон, сүөһү көрөн, кыһынын былыргы Томпо оройуонун 1000 нэһилиэнньэтин аһатар-таҥыннарар таһаҕас таһыытыгар сылгы, оҕус иччитэ буолан борбуйбун көтөхпүтүм. Түөртээх-биэстээх сылдьан нууччалыы наадабын быһаарса саҥара үөрэммитим, били «алдьархайтан ас таһаарбыт» диэн этэллэрин курдук, – Улуу Дьаалы ол былыргы үйэтээҕини, кыракый уолчааны харахтарын симириктээн тыыннаахтыы көрөн олорон кэпсиир.
Оччолорго Уус Ньараҕа көмүс көстөн, хостооһун үлэлэр саҕаланан, олорго таһаҕас таһар 5-6 ууга түһэр сөмөлүөт Кириэс Халдьаайыга базаланан, тохтоон көрүнэн-истинэн, сапыраапкаланан ааһара. Дима уол лүөччүктэртэн арахпат, аны ГУЛАГ хаайыылаахтарын харабыллыыр “Дальстрой” лааҕыр үлэһиттэриниин алтыһар, кэпсэтиһэр, интэриэһиргиир-ыйыталаһар буолан барбыта.
– Көр, оннук нууччалыы саҥара үөрэнэн, бэл оскуолаҕа Юмина диэн соҕурууттан саҥа кэлбит учуутал кыыска уруокка тылбаасчыттыыр буолбутум. Нууччалыы билбэтим буоллар, кэлин МГУ курдук улахан үөрэх кыһатыгар туттарсар да кыаҕа суох буолуом этэ, – оччотооҕу муор-туор, тулаайах уолчаан эрэйдээх тобуллаҕас өйүн-мэйиитин, үөрэҕи ылынымтыа дьоҕурун сөҕөн кэбиһэҕин.
САП САҔАТТАН САЛҔАНАН ҮӨРЭХХЭ, СЫРДЫККА
– Соҕотох, сааһырбыт ийэбин көрүөм-харайыам диэн үлэлиир санаалаах сырыттахпына, ийэм эрэйдээх өсөһөн туран, күүһүнэн үөрэххэ ыыппыта. Тырыттыбыт ыстаанынан тобуктара кытара сылдьарын арынан көрдөрө-көрдөрө: «Үлэҕэ дьол баар дииллэрэ сымыйа. Үйэм тухары үрүҥ харахпын өрө көрбөккө үлэлээбитим түмүгэ бу баар. Дьол диэн үөрэххэ буолуо. Миэхэ кыһаллыма, туох да буолуом суоҕа. Хайаан да үөрэнэ бар», – диэн, бастыҥ үлэтин иһин бириэмийэлэммит сүөһүтүн 6000 солкуобайга атыылаан, онон үптээн-харчылаан Дьокуускайга утаарбыта. Онон, 1944 сыллаахха, 7-с кылаас кэнниттэн эҕэ-дьаҕа буолан, Дьокуускайга педагогическай учуулуссаҕа үөрэнэ киирбитим.
Оччолорго арҕаа түөрт сылы быһа сэрии күүдэпчилэнэ турара. Аас-туор, тииммэт-түгэммэт олох, туохха барытыгар карточнай систиэмэ этэ. Килиэп күннээҕи нуормата үлэһит киһиэхэ 800, оттон устудьуоҥҥа 450 кыраам буолара. Арыы, саахар, туус, о.д.а. бородуукта барыта толуонунан бэриллэрэ. Төһө да оннук ыарахан усулуобуйа буоллар, үөрэҕи ылынар дьоҕурдаах Дмитрий Кустуурап учуулуссатын ситиһиилээхтик бүтэрбитэ.
Анал орто үөрэхтээх, сүүрбэччэлээх уол ити курдук олох оскуолатыгар балачча үөрэнэн, эриллэн сиппит-хоппут санаалаах-көрүүлээх, санаабытын кубулуппат дьиппиэн майгыланан, эдэр сааһыгар эрэллээхтик үктэммитэ.
ТААТТАЛАРЫ СОҔУРУУ ҮӨРЭХХЭ ЫЫППАТ КЭМНЭРИГЭР
Дмитрий Кустуурап улуу өсөһүгэр таһыччы сымыйалаан туран, Москватааҕы Судаарыстыбаннай үнүбэрситиэккэ үөрэххэ киирэн турар. Ити 1950 сыллаахха этэ. Саха интэлигиэнсийэтин чулуу бэрэстэбиитэллэрин буржуазнай националистарынан буруйдуур БСК(б)П КК-тин Сэкирэтэрийээтин 1928 сыллаах сүлүһүннээх уурааҕа тахсыаҕыттан, Саха сиригэр хаста да төхтүрүйэн «националистары», «норуот өстөөхтөрүн» эрэпириэссийэлээһин долгуна саба халыйбыта өссө да уоста илигинэ, көбөн тахсыбыт «Таатта дьыалатынан» сибээстээн, ити оройуонтан үрдүк үөрэх киин кыһаларыгар биир да киһини ылбат, үөрэттэрбэт кытаанах дьаһал баара. Баартыйа обкуома ону кыраҕытык кэтиирэ.
– Соҕуруу үөрэнэ барааччылар нууччалыы билиилэрин таһымын бэрэбиэркэлээн дьыктаан дуу, өйтөн суруйуу дуу суруйтараллара. Онно бараары хомуна сырыттахпына, Уоһук Чарин диэн билэр киһим: «Нохоо, дьэ, Тааттабын диэн өлөөйөххүнүй. Ыытыахтара суоҕа. Туора сотон кэбиһиэхтэрэ», – диэн сэрэтэн сэрэппитэ. Кырдьык, оннук буолбута. Өйтөн суруйууну суруйа олордохпуна Баһылай Сэмэнэп диэн биллэр хапсаҕайдьыт, учуонай бэрэпэдэбээтэл чугаһаан кэлэн: «Хантан сылдьар киһигиний, доҕоор?» – диэн бэрт ылбаҕайдык ыйыппытыгар: «Куораттан», – диэн ону эрэ кэтэһэн олорбут киһи курдук, «чап» гыннарбытым. Инньэ гынан, биллэр бартыыйынай үлэһит, баартыйа Бүлүүтээҕи, Намнааҕы райкомнарын бастакы сэкирэтээрдэринэн үлэлээбит Михаил Егорович Кустуровка балыйтаран, кини аймаҕа дии санааннар, үөрэххэ аһарбыттара, – диэн Улуу Дьаалы кырдьаҕас санаата кэлэн астына ахтар.
ОЛОХХО АТЫН КӨРҮҮЛЭРДЭЭХ
Дмитрий Кустуурап МГУ-га үөрэммит сыллара – улахан олоҕун саамай сырдык, эрчимнээх эдэр сааһын сөҕүрүйбэт чаҕылхай кэмнэрэ.
– МГУ-га үөрэнэ сырыттахпытына, атын дойдулар баһылыктара, бэйэбит миниистирдэрбит, аатырбыт суруйааччылар, артыыстар, оччотооҕу олоҕурбут үгэһинэн, үгүстүк ыалдьыттыыллара. Индияттан Неру, Эмиэрикэттэн Никсон, Ирантан Реза Пехлеви курдук үгүс улуу да, үтүө да дьону кытта көрсүһүү биһиэхэ иккис үнүбэрситиэккэ үөрэммиккэ тэҥнээҕэ. Холобур, миниистир Владимир Мацкевич кэпсээниттэн, Англияҕа, Эмиэрикэҕэ тыа хаһаайыстыбатын таһыма үрдүгүн, 25 тыһыынча кууруссалаах пиэрмэҕэ тыраахтар көлөлөөх соҕотох киһи үлэлиирин аан бастаан билэн сөхпүппүт. Оттон Индия вице-бэрэсидьиэнэ Радхакришна: «Европа дойдулара илин дойдулары халаан сайдыбыттара. Ол кэскилэ суох. Дьиҥнээх сайдыы илин дойдулартан тахсыаҕа», – диэн оччолорго аһаҕастык этэрэ, – Дмитрий Васильевич сөҕө, бэркиһии кэпсиир.
Устудьуон Дмитрий Кустуров сайыҥҥы каникулларыгар бииргэ үөрэнэр доҕотторун кытта Арассыыйа киин уобаластарынан анаан-минээн кэрийэ, ону-маны үлэлээн харчылаһа, нуучча тыата хайдах олорорун, олох таһыма төһө сайдыылааҕын-хаалыылааҕын илэ көрө, боростуой норуоту кытта алтыһа, санаатын билсэ айанныыр, кэрийэр этэ. Итинник сырыылара, аан дойду, дойду биллиилээх бэлитиичэскэй, судаарыстыбаннай, уопсастыбаннай диэйэтэллэрин этиилэрин-тыыныыларын иҥэриниитэ, бэйэтэ этэринэн, «иккис үнүбэрситиэтэ» эдэр киһи олоҕу көрүүтүн, олоххо сыһыанын, идеология, бэлиитикэ боппуруостарын сыаналааһынын тосту уларыппыта. МГУ-ну бүтэрбит атын өйдөөх-санаалаах киһи дойдутугар эргиллибитэ.
ДЬОРУОЙ ҮРДҮК ААТЫН ТУРУУЛАҺЫЫ
Дмитрий Кустуров Ф.М.Охлопков бойобуой сырыыларын туһунан докумуоннары, матырыйааллары икки сайын (1963-1964 сылларга) Подольскайга архыыпка сылдьан хомуйбута. Федор Охлопков туһунан бэчээккэ 132 араас матырыйаал, уочаркаттан информацияҕа тиийэ тахсыбыт. Араас сирдэринэн тэлэһийэн, кини бииргэ сэриилэспит, кинини билэр дьону көрсүтэлээн ахтыыларын, хаартыскалары, докумуоннары оҥоойугу толорор курдук хомуйсубута.
– Сэрии кэмигэр снайпер Охлопков туһунан элбэҕи суруйбут байыаннай кэрэспэдьиэни, майор Попелы Казахстаҥҥа Кырыс сир телеграфнай ааҕыныстыбатыгар булан көрсөн, элбэҕи чуолкайдаспытым. Архангельскайга олорор байыаннай фотокэрэспэдьиэн Коробицын түһэрбит, Охлопков снайперскай бинтиэпкэлээх олорор биллэр хаартыскатын ылбытым. Ити барытын түмүгэр 80-тан тахса страницалаах ыспыраапканы 1965 сыллаахха бэлэмнээбиппит.
Аатырбыт снайпер Федор Охлопков Дьоруойга бастаан 1944 сыл бэс ыйын 23 күнүгэр түһэриллибит. Дьоруой сулуһун оннугар Бойобуой Кыһыл Знамя уордьаны туттарбыттар. Онон наҕараадаламмытынан ааҕыллыбыт. Ону мин Дьоруойга иккиһин түһэриллибит докумуонун буламмын, Саха АССР уобаластааҕы байыаннай хамыһарыйаата докумуону иккиһин түһэрэригэр төһүү буолбутум. Оччолорго, Улуу Кыайыы 20 сыллаах үбүлүөйүнэн сибээстээн, дойду үрдүнэн 12 400 киһи Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун үрдүк аатыгар түһэриллибит этэ. Олус элбэх буолан, дьыала хамсааһына бытаана. Биһиги түһэрбит докумуоммут 1965 сыл муус устар 11 күнүгэр диэри Иркутскайга тиийэн иҥнэн сытара. Ону түргэтэтээри, дьыаланы иккистээн толорон баартыйа илиинньэтинэн ыытыахха наада буолбута. ССКП обкуомун бастакы сэкирэтээрэ С.З.Борисов этиини ылынан, түргэтэтэргэ дьаһайбыта. Докумуон оҥоруутун Гавриил Чиряев салайбыта, Иван Спиридонов диэн учуонай, бэчээт секторын үлэһитэ уонна мин буолан үлэлээбиппит. Онон 1965 сыл муус устар 20-21 күннэригэр докумуону бэлэм оҥорбуппут. Ити кэмҥэ Гайсмен диэн манна кэлэ сылдьар ССКП Киин Кэмитиэтин инструктора оруобуна Москвалыырыгар докумуону сиэбигэр уган ыыппыппыт.
Инньэ гынан, Федор Матвеевич Охлопков Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун үрдүк аатыгар түһэриллэр дьыалата кэмигэр тириэрдиллэн, сөптөөх быһаарыы ылынылларыгар быһаарар суолталаммыта. Сэбиэскэй Сойуус маршала И.Х.Баграмян саха чулуу уола, Аҕа дойду Улуу сэриитин аатырбыт снайпера Федор Матвеевич Охлопков Дьоруой үрдүк аатын сүкпүтүнэн аан бастакынан саха норуотун эҕэрдэлээбитэ. Оттон маршал И.С.Конев: «Арассыыйа улуу снайпера» диэн ааттаан тэлэгирээмэ ыыппыта, – Улуу Дьаалы суруналыыс, хаһыатчыт Дмитрий Кустуурап дойдутун, норуотун туһугар оҥорбут улуу дьыалатын, түбүктээх, түмүктээх үлэтин туһунан күннээҕи дьыала курдук бэрт холкутук кэпсиир.
ХОРСУН ХАҺЫАТЧЫТ СОТУЛЛУБАТ СУОЛА
– Биһиги хаһыаппыт, “Саха сирэ”, өрөспүүбүлүкэҕэ бэрэсидьиэн былааһа олохтонуоҕуттан ыла, ол былаас дьаһалларын норуокка тириэрдэн, саҥа үйэ хаһыатын оруолун толорор аналлааҕа. Оннук үрдүк аналын муна-тэнэ барбакка, эрэллээхтик саҕалаабыта диэн ураты тутан этиэх тустаахпын. Ол курдук, туох былаас кэлбитин, тугу халбаҥнаабат сорук быһыытынан ылынарын норуоппутугар биллэрэ-өйдөтө охсуохтаах этибит.
Оччолорго мин биэнсийэҕэ тахсыбыт, хайыы-үйэ 61 сааспар үктэммит кэмим этэ. Ол да үрдүнэн кэл, үлэлээ диэбиттэригэр тута сөбүлэммитим. Онуоха бэрэсидьиэн былааһа диэн тугун өйдөтүһэр үс ыстатыйаны ол эрэ иннинэ таһаартарбытым сылтах буолбута. Бастакы ыстатыйаларбын дьон хайдах ылыммытын субу диэн чопчу этэр кыаҕым суох. Оттон бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Николаев ыҥыран ылан, миигин кытта кэпсэтэн турардаах. Онно мин – урукку былаастан үтүрүллэ сылдьыбыт киһи – ону бэрэсидьиэнтэн кистиирим сатаммат этэ. Михаил Ефимович: “Истибитим”, – эрэ диэн кэбиспитэ. Сотору иккиһин көрсөн уһуннук, балтараа чаастан ордук кэпсэппиппит.
Онтон ыла, 1991 сылтан 2002 сыл үүнүөр диэри, тус үлэм таһынан, бэрэсидьиэн туох дьаһалы таһаарар да, ону дьон ылынарыгар олук үктээн, суруналыыс хараҕынан көрөн ырытар түбүккэ түспүтүм. Ол түбүгүрүүм икки өрүттээҕэ: соҕурууҥҥу киин бэчээт, олохтоох оппозиция, чуолкайдаан эттэххэ, уруккуларыныы санаалаах бэйэбит хомуньуустарбыт киириилэрин-тахсыыларын утарыахтаах этим. Кэрэспэдьиэн быһыытынан, соҕурууҥҥу киириигэ-тахсыыга хардаран, арааһа, сүүстэн тахса ыстатыйаны суруйбут буолуохтаахпын. Сорохтор автономияны букатын да эстэрэр санааны сорук оҥостон тиийэн кэлитэлииллэрэ. Оннук дьээбэни-баабаны кэм-кэрдии ирдэбилинэн сөпкө утарбыт эбиппин диэн билигин, кырдьан олорон, астына саныыбын.
Бастакы бэрэсидьиэммит М.Е.Николаев бар дьонугар саҥалыы дьаһанан, саҥалыы үлэлээн, кэскилбитин уһаныаҕыҥ диэн биирдэ эрэ эппэтэҕэ. Кини үтүөтүн бар дьоно умнубаттар диэн түмүкпэр өссө төгүл санатыахпын баҕарабын. Кини – Арассыыйа дьиҥнээх федерализмҥа киириитин хааччыйбыт дойду бас-көс дьонноруттан биирдэстэрэ этэ, – бастакы бэрэсидьиэммит М.Е.Николаев соратнига, саха суруналыыстыкатын аксакала, публицист, аналитик хаһыатчыт Дмитрий Васильевич Кустуурап, үөрүйэҕинэн, санаатын аһаҕастык үллэстэр.
ХАҺЫАТ, БЭЧЭЭТ НААДАТЫН ОЛОХ БЭЙЭТЭ КӨРДӨРҮӨҔЭ
Олох муудараһынан толору, идэтийбит хаһыатчыт бөлүһүөктүүрэ оруннаах: “Ону-маны интэриэһиргиир буоламмын, хаһыаттары сурутабын, ааҕабын. Кэнникинэн бэчээттэнэр кумааҕы хаһыат атарахсытыллан, устунан олох да тахсыа суоҕа, сүтүө диэн этэллэрин олох ылыммаппын. Оннук буолара сатаммат. Дьон ааҕарын таптыыр, сахалар хаһыаты ааҕарбыт хааммытыгар баар төрүт дьарыкпыт, үтүө үгэспит. Ону туора сотор, эмискэ бырахтарар сыыһа. Норуот тылын, суругун-бичигин – духуобунай баайын суох оҥоруу, норуоту эһэргэ, симэлитэргэ тэҥнээх бырастыы гыныллыбат ыар буруйу, аньыыны оҥоруу буолар. Аныгы сайдыылаах салайааччылар өйдүөхтэрин наада. Бэчээт, хаһыат наада буоларын олох бэйэтэ көрдөрүөҕэ, ирдиэҕэ”.
“Мин хамнас эрэ туһугар үлэлээбэтэх эбиппин”, – диэн астына саныыбын. Дьон олоҕо тупсарын, дьон кыһалҕата быһаарылларын туһугар, төрөөбүт-үөскээбит Сахам сирин туһугар бу улахан олохпун анаатым, – диэн уһун-киэҥ сэһэргэһиибитин түмүктээн, 95 саастаах Миитэрэй Баһылайабыс-Улуу Дьаалы Кустуурап убайбыт илии тутуһан, “эдэр дьон кытаатыҥ, айан-тутан, үлэлээн-хамсаан биэриҥ” диэн алгыы, атаара хаалла.
Иван КСЕНОФОНТОВ-СИЛИГИ,
“Кыым”, “Саха сирэ” хаһыаттарга бииргэ
үлэлээбит үөлээннээҕэ, үөрэппит-такайбыт уола.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: