Миколог Саха сиригэр тэллэй төһө өр кэмҥэ диэри үүнэрин быһаарда
Саха сиригэр тэллэй төһө өр үүнүөн уонна балаҕан ыйыгар ханнык көрүҥүн хомуйуохха сөбүн туһунан СИА-ҕа миколог, РАН биологическай проблемаларын институтун научнай үлэһитэ Людмила Михалева кэпсээтэ.
Людмила Михалева этэринэн, тэллэйдэри хомуйуу болдьоҕо чопчу оройууоннарынан уонна күн-дьыл туругуттан тутулуктаах. «Тэллэй бастакы күүстээх тоҥорууга диэри үүнэр. Кыра тоҥоруулар буорга сытар тэллэйдэри таарыйбаттар. Оттон тэллэй от быыһыгар сытар буолан көмүскэллээх. Онон сир сиигинэн уонна уунан хааччынар, сылаас салгын температурата турар буоллаҕына -2..0 С кыраадыска диэри үүнүөн сөп. Ол эрээри -4 С кыраадыс түүҥҥү күүстээх тоҥоруу кэмигэр тэллэй үүнүүтэ тохтуур», – диэн миколог быһаарар.
Людмила Михалева этэринэн, балаҕан ыйыгар чаачахаан, тиит саһархайа, саһылчаан хомуйуохха сөп. Ону кытта араҕас тэтиҥээйи да, дойду хатыҥаайытын да булуохха сөп. Ардыгар ойуур өтөҕүн тэллэйэ үүнэр. Бу иннинэ атырдьах ыйын иккис аҥаарыгар Нерюнгри, Өймөкөөн, Мииринэй, Алдан, Таатта улуустарыгар тэллэй хойуутук үүммүтэ бэлиэтэммитэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: