Микробу утарсар эмтэри сиэрэ суох иһии содула
Сэтинньи 20-26 күннэригэр өрөспүүбүлүкэҕэ Микробу утары охсуһар препараттары сөпкө туһаныы Бүтүн аан дойдутааҕы нэдиэлэтэ (антимикробная резистентность) ыытылла турар.
Ол сүрүн төрүөтүнэн микробу утары охсуһар препараттары сыыһа уонна сиэри таһынан туһаныыны сэрэтии буолар. Дьон үксүгэр антибиотиктары вирус инфекциятыттан босхолоноору иһэр. Ити ыарыһах туруга мөлтүүрүгэр тириэрдэр.
Бу нэдиэлэҕэ быраастар, фармацевтар уонна мэдиссиинэ атын да исписэлиистэрэ антибиотиктары уонна микробу өлөрөр атын препараттары сөпкө иһии туһунан билиилэрин үллэстэллэр, киэҥ араҥаҕа сырдаталлар.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа-Суһал мэдиссиинэ көмөтүн киинин килиниичэскэй фармаколог-бырааһа Станислав Кампеев препараттары хонтуруола суох туһаныы киһи аймахха улахан кыһалҕаны үөскэтиэн сөптөөх содулларын туһунан кэпсээтэ.
– Станислав Станиславович, ханнык түгэннэргэ антибиотиктары аныылларый?
– Бактыарыйа инфекцияларын сибикитэ баарын бигэргэтэр көрдөрүүнэн эрэ аныыллар.
Вирус инфекциятын туһунан этэр буоллахха, антибиотиктары аныыр дуу, анаабат дуу туһунан ыйытыы эмтэнии саҕаламмытын 7-10-с хонугар эрэ туруохтаах. Ол эбэтэр иккис (ойоҕос) бактыарыйа инфекцията холбоһор сибикилэрэ баар буоллахтарына. Холобур, ыарыһах бастаан үтүөрбүт курдук сананар, онтон эмиэ туруга мөлтөөбүт курдук буолар, кыраадыһа үрдүүр эбэтэр бактыарыйа инфекциятын атын килиниичэскэй көрүҥнэрэ биллэллэр (ириҥэлээх силлээх сөтөл, хаан анаалыһыгар уларыйыылар уо.д.а.). Оччоҕо антибиотиктары аныыр туһунан толкуйдуохха сөп, ону быраас кытаанахтык хонтуруоллуохтаах. Тоҕо диэтэххэ, быраас хонтуруола суох эмтэнии уонна антибиотиктары бэйэ билиитинэн иһии – дьиҥинэн, улахан кыһалҕа. Тоҕо диэтэххэ, сыыһа туһаныллар хас биирдии антибиотик киһиэхэ микрофлора тарҕанар кутталын күүһүрдэр. Ол эбэтэр, биһиги бактыарыйаларбыт антибиотикка үөрэнэн хаалаллар, эмтэниигэ бэриммэттэр.
– Ардыгар ыарыһах антибиотик хас да көрүҥүн уонна тута өр кэм устата иһэр. Ол сыыһа дуо?
– Араас антибиотигы дьүөрэлээн, холбуу тутан иһэргэ быраас тустаах ыйыыны-кэрдиини биэрэр, оттон дьүөрэлээһин сороҕор сөп түбэспэт. Ону таһынан антибиотиктар хас да комбинацияларын аныырга төрүөт эмиэ баар буолар. Ону быраас эрэ быһаарар, эмтэнии кууруһун эмиэ кини хонтуруоллуур. Сорох түгэннэргэ уонна инфекция хайдах сайдарыттан көрөн, антибиотиктары иһэргэ биэс күннээх куурус сөп буолар. Ол гынан баран, 10-14 күн иһиллиэхтээх түбэлтэлэр эмиэ бааллар.
– Препараттары хонтуруола суох иһии туох кутталлааҕый?
– Антибиотиктар, ордук хонтуруола суох истэххэ, атын содуллара олус элбэх. Олортон биирдэстэрэ – антибиотиктары олус өр истэххэ, грибковай инфекция үөскээһинэ. Бактыарыйаны утарсар препараттартан киһи бэйэтин ис микрофлората хам баттанар уонна грибковай инфекция саҕаланар. Холобур, айах көҥдөйүн уонна куолай кандидоһун курдук грибковай сыыстарыылар бэлиэтэнэллэр. Онтон дьахталларга омуруун (молочница) баар буолуон сөп.
Үлэм быраактыкатыгар антибиотикоассоциированнай диареяны элбэхтик бэлиэтии көрөбүн. Маннык түбэлтэҕэ оһоҕос микрофлоратыгар уларыйыылар саҕаланаллар: киһи сыптарыйар, иһэ ыалдьар. Хойуу тахсара кэһиллиитэ – өссө арыый чэпчэки көрүҥ. Саамай ыарахан көрүҥэ – псевдомембранознай колит саҕаланыыта. Ити олус кутталлаах ыарыы.
– Антибиотик иһэр оннугар тугу гыныллыахтааҕый?
– Бастатан туран, бактыарыйаны утарсар препараттар наадаларын, наадата суохтарын быһаарыллыахтаах. Онуоха хайаан да бырааска көрдөрүллэр, хаан анаалыһын туттарыллар. Иккиһинэн, билигин биһиэхэ бактыарыйа инфекциятыттан ураты атын элбэх вирус баар (коронавирустан ураты). Ону умнар сатаммат. Кириип, парагрипп, аденовирус уо.д.а. вирустар өссө да бааллар. Вирустаах уонна вируһа суох ыарыылар хайдах саҕаланаллара уратылаах. Өскөтүн эн вирустаах ыарыылаах буоллаххына, элбэх ууну, битэмииннэри, наада буоллаҕына вируһу утарсар препараттары иһэргэ, уопсайынан, ыарыыны утары охсуһар күүскүн бөҕөргөтөргө сүбэлииллэр. Антибиотиктары быраас анаатаҕына эрэ иһиллэр. Онон, антибиотиктары ыксаллаах кэмҥэ эрэ уонна онно мэдиссиинэ көрдөрүүтэ баар эрэ буоллаҕына иһиллиэхтээх дии саныыбын.
– Антибиотиктары этиллибит болдьох иннинэ тохтотуллубат диэн этэллэр. Ити тугу кытта сибээстээҕий?
– Антибиотиктары үксүгэр 5-7 күн иһиллэр. Өскөтүн киһи иккис эбэтэр үһүс сууккатыгар эмин тохтоттоҕуна, инфекцията бүтүннүү сүтүө суоҕун, оччоҕо ыарыыта хос биллэриэн сөп. Өскөтүн бактыарыйаны утарсар препараттары анаабыт буоллахтарына, иһиллэр болдьоҕун кытаанахтык тутуһуллар. Тоҕо диэтэххэ, эрдэ тохтоон хааллахха, эмкэ үөрэнии куттала үөскүүр, оччоҕо аныгыскы сырыыга ити препараттар көмөлөһүө суохтарын сөп.
– Үксүгэр ханнык антибиотиктары аныылларый?
– Чопчу этэр кыаҕым суох. Ол гынан баран, биһиги СКАТ (антимикробнай терапияны хонтуруоллааһын стратегията) бырагырааманан үлэлиибит. Бырагыраамаҕа тастан сылдьан эмтэниигэ уонна балыыһаҕа сытан эмтэниигэ ханнык антибиотиктар туһаныллаллара ыйыллар. Тоҕо диэтэххэ, тастан сылдьан амбулаторияҕа уонна балыыһаҕа сытан эрэ эмтэнии усулуобуйатыгар флора уратылаах.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: