Милена Софронова: «Артыыс идэтэ уустук эрээри, олус интэриэһинэй!»

Милена Софронова: «Артыыс идэтэ уустук эрээри, олус интэриэһинэй!»

Ааптар:
07.10.2022, 12:04
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ “Лена” киинэ тыйаатырыгар Арассыыйа киинэ устааччыларын биир улахан бырайыага — “Сердце Пармы” киинэ сүрэхтэннэ.

Бу Алексей Иванов  “Сердце Пармы” арамааныгар олоҕурбут киинэ. 15 үйэҕэ нуучча былааһа уонна итэҕэлэ Уралга олохтоох итэҕэли, олорор укулааты кытта күөн көрсүһүүтүн хоһуйар историческай быһылааннара сэһэнниир. Уус-уран киинэ урукку үйэлэргэ икки култуура хабыр-хапсыытын, онтон сабыдыалламмыт тыйыс быһылааннары хоһуйар.

Киинэҕэ Саха сириттэн Милена Софронова диэн кыыс биир сүрүн оруолу оонньуур. Оонньуур дьоруойа — вогул биис ууһун хаана Танега тойон оҕото Тичерть. Кини удаҕан айдарыыллаах, олохтоох таҥаралартан күүс ылар, ардыгар бэдэргэ кубулуйар ураты күүстээх.

Милена бэйэтин оруолун үрдүк таһымнаахтык толорбут, кэнники улахан артыыс буолар сибикилээх. Ону киинэ оҥорооччулар бэлиэтээбиттэрин, билигин өссө биир улахан киинэ бырайыагар үлэлии сылдьара туоһулуур. Кэлэр сылга Аркадий Гайдар биир бастыҥ айымньытыгар олоҕурбут “Чук уонна Гек” диэн ааттаах киинэҕэ Милена Софронованы улахан экраҥҥа көрүөхпүт.

Лена” киинэ тыйаатырыгар киинэ сүрэхтэниитин иннинэ Милена саала иннигэр тахсан биир дойдулаахтарын эҕэрдэлээтэ уонна киинэҕэ хайдах уһуллубутун туһунан кэпсээтэ. Бу иннинэ кинини кытта кыра кэмҥэ алтыһан аҕыйах ыйытыылары биэрдим:

— Милена, бу бырайыакка ханна эйигин таба көрөн ыҥырбыттарай?

— Миигин ийэм эдьиийэ кыра эрдэхпиттэн хаартыскаҕа түһэрэр этэ, онон син элбэхтэ сурунаал сирэйигэр тахсар, араас рекламаҕа уһуллар этим. (Милена аймаҕа Есения Софронова Арассыыйаҕа, Саха сиригэр биллэр фотограф). “Сердце Пармы” бырайыак ааптардара мин хаартыскабын таба көрөннөр кастинг ааһарга ыҥырбыттара. Ити курдук вогуллар кинээстэрин оҕотун оруолун оонньуур буолан хаалбытым.

— Киинэҕэ уһуллар төһө уустук эбитий?

— Мин сааспар сөп түбэһэр оҕону оонньообутум, оччолорого 10-11 сааһым этэ. Бастаан кыратык куттанар этим, ол эрэн миигин кытта бииргэ үлэлиир улахан артыыстар өйүүллэр, сүбэлииллэр этэ, ол иһин түргэнник үөрэммитим, толлубат буолбутум. Холобур, Федор Бондарчук куруутун хайдах туттарга-хаптарга сүбэ биэрэр этэ. Оруолум элбэх тыллаах, ону үөрэтэр уустук соҕус этэ.

— Улахан артыыстары кытта үлэлиир хайдах эбитий?

— Бары үчүгэй баҕайы дьоннор, олус эйэҕэстэр, үөрүнньэҥнэр. Мин аҕабын оонньуур Амаду Мамадаковы, кинээс ньээҥкэтин оонньуур Роза Хайруллинаны кытта чугастык билсиспитим, доҕордоспутум.

— Улааттаххына артыыс буолар санаалааххын дуо?

— Билигин даҕаны араас бырайыактарга ыҥыраллар, ээ. Холобур, билигин “Чук и Гек. Большое приключение” диэн киинэҕэ уһуллан бүттүм, эмиэ син улахан оруол. Бу кыһын быракаакка тахсыахтаах. Артыыс идэтэ уустук эрээри олус интэриэһинэй. Онон барыта табылыннаҕына, олоҕум идэтэ буолара буолуо.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: