“Мин бастакы идэм” бырайыагы билиһиннэрдилэр
Оҕону эрдэттэн идэҕэ, үлэҕэ сыһыарыллыахтаах диэн этэллэрин кэлин элбэхтик истэр буоллубут. Балаҕан ыйыттан Саха сиригэр “Мин бастакы идэм” эрэгийиэннээҕи бырайыагы толкуйдаан олоххо киллэрэн эрэллэр.
Үөрэх үлэһиттэрин атырдьах ыйынааҕы мунньаҕын иитинэн бүгүн “Мин бастакы идэм” (“Моя первая профессия”) бырайыагы орто анал үөрэх тэрилтэлэригэр, оскуолаларга билиһиннэрдилэр. Оҕолор оскуола саҕаттан идэни кытта билсэллэригэр, үөрэнэ туралларыгар анаан 20 тыһ. солк. суумалаах сэртипикээттэри түҥэтиэхтэрэ.
Үөрэх уонна билим миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Присяжнай: “Бырайыак быйылгыттан үлэтин саҕалыаҕа. Быйыл 1000 оҕону хабарбыт сабаҕаланар. Үөрэнээччилэргэ сэртипикээттэр туттарыллыахтара. “Мин бастакы идэм” бырайыак оҕолор саҥа сатабыллары иҥэринэллэригэр, үлэҕэ холонон көрөллөрүгэр, ол түмүгүнэн күүстээх, намыһах өрүттэрин, туохха сыстаҕастарын билэллэригэр, быһаарыы ылыналларыгар көмөлөһүөҕэ” – диэн этэр.
Тэрээһиҥҥэ иһитиннэрбиттэринэн, Саха сиригэр 600-тэн тахса оскуола баарыттан, күн бүгүн 70-ча эрэ оскуола идэҕэ үөрэтиигэ (профобучение) лиссиэнсийэлээх эбит.
Идэҕэ урутаан бэлэмниир киин дириэктэрин солбуйааччы Полина Барахсанова: “Бырайыак иитинэн сыыппара технологиятын, идэҕэ үөрэтэр тэрилтэлэр инфраструктураларын туһанан үрдүкү кылаастар оҕолорун эбии үөрэхтээһин эбэтэр идэҕэ үөрэтии бырагыраамаларыгар үөрэтиэхтэрэ. Кинилэри, сүүмэрдээһини ааспыт үөрэх тэрилтэлэрэ үөрэтиэхтэрэ. Дьокуускай куоракка баар үөрэх кииннэрэ эмиэ тэйиччиттэн көрүҥүнэн, миэстэтигэр тиийэн үөрэтиэхтэрин сөп, биһирэнэр” – диэн быһаарда. Быйыл 1000 оҕону үөрэтэр былааннаах эбит буоллахтарына, 2030 сылга 12 тыһ. оҕо хабар былааннаахтар.
Нерюнгритааҕы мэдиссиинэ кэллиэһэ оҕону идэҕэ туһаайыыга үлэлэспитэ син балачча кэм буолла. Атыттартан уратылара диэн уһуйаан саастаах оҕолортон саҕалыыллар. Кинилэргэ анаан “Айболикка ыалдьыттыыбыт” диэн бырагыраамалаахтар. Онтон оскуолалары кытта үлэлэһиилэрин туһунан киһи этэ даҕаны барбат. Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ кэлэн бэйэлэрин холобурдарын кэпсээтилэр. Итини сэргэ, эмиэ биир балачча куонкурустаах Автодорожнай тиэхиньикум, ханнык идэлэри “Мин бастакы идэм” бырайыакка киллэриэн сөбүн, билигин үлэлиир хайысхаларын, “Алтан” АйТи чааһынай оскуола эбии үөрэхтээһиҥҥэ холобурун, туох уустуктары көрсүбүттэрин туһунан кэлэн үллэһиннилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: