“Мин бастакы идэм” бырайыагы билиһиннэрдилэр

Share

Оҕону эрдэттэн идэҕэ, үлэҕэ сыһыарыллыахтаах диэн этэллэрин кэлин элбэхтик истэр буоллубут. Балаҕан ыйыттан Саха сиригэр “Мин бастакы идэм” эрэгийиэннээҕи бырайыагы толкуйдаан олоххо киллэрэн эрэллэр.

Үөрэх үлэһиттэрин атырдьах ыйынааҕы мунньаҕын иитинэн бүгүн “Мин бастакы идэм” (“Моя первая профессия”) бырайыагы орто анал үөрэх тэрилтэлэригэр, оскуолаларга билиһиннэрдилэр. Оҕолор оскуола саҕаттан идэни кытта билсэллэригэр, үөрэнэ туралларыгар анаан 20 тыһ. солк. суумалаах сэртипикээттэри түҥэтиэхтэрэ.

Үөрэх уонна билим миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Присяжнай:Бырайыак быйылгыттан үлэтин саҕалыаҕа. Быйыл 1000 оҕону хабарбыт сабаҕаланар. Үөрэнээччилэргэ сэртипикээттэр туттарыллыахтара. “Мин бастакы идэм” бырайыак оҕолор саҥа сатабыллары иҥэринэллэригэр, үлэҕэ холонон көрөллөрүгэр, ол түмүгүнэн күүстээх, намыһах өрүттэрин, туохха сыстаҕастарын билэллэригэр, быһаарыы ылыналларыгар көмөлөһүөҕэ” – диэн этэр.

Тэрээһиҥҥэ иһитиннэрбиттэринэн, Саха сиригэр 600-тэн тахса оскуола баарыттан, күн бүгүн 70-ча эрэ оскуола идэҕэ үөрэтиигэ (профобучение) лиссиэнсийэлээх эбит.

Идэҕэ урутаан бэлэмниир киин дириэктэрин солбуйааччы Полина Барахсанова: “Бырайыак иитинэн сыыппара технологиятын, идэҕэ үөрэтэр тэрилтэлэр инфраструктураларын туһанан үрдүкү  кылаастар оҕолорун эбии үөрэхтээһин эбэтэр идэҕэ үөрэтии бырагыраамаларыгар үөрэтиэхтэрэ. Кинилэри, сүүмэрдээһини ааспыт үөрэх тэрилтэлэрэ үөрэтиэхтэрэ. Дьокуускай куоракка баар үөрэх кииннэрэ эмиэ тэйиччиттэн көрүҥүнэн, миэстэтигэр тиийэн үөрэтиэхтэрин сөп, биһирэнэр” – диэн быһаарда. Быйыл 1000 оҕону үөрэтэр былааннаах эбит буоллахтарына, 2030 сылга 12 тыһ. оҕо хабар былааннаахтар.

Нерюнгритааҕы мэдиссиинэ кэллиэһэ оҕону идэҕэ туһаайыыга үлэлэспитэ син балачча кэм буолла. Атыттартан уратылара диэн уһуйаан саастаах оҕолортон саҕалыыллар. Кинилэргэ анаан “Айболикка ыалдьыттыыбыт” диэн бырагыраамалаахтар. Онтон оскуолалары кытта үлэлэһиилэрин туһунан киһи этэ даҕаны барбат.  Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ кэлэн бэйэлэрин холобурдарын кэпсээтилэр. Итини сэргэ, эмиэ биир балачча куонкурустаах Автодорожнай тиэхиньикум, ханнык идэлэри “Мин бастакы идэм” бырайыакка киллэриэн сөбүн, билигин үлэлиир хайысхаларын, “Алтан” АйТи чааһынай оскуола эбии үөрэхтээһиҥҥэ холобурун, туох уустуктары көрсүбүттэрин туһунан кэлэн үллэһиннилэр.

Хаартыска: Людмила Попова.
Хаартыска: Людмила Попова.
What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

3 часа ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

6 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

7 часов ago