“Мин бэйэм талбытым эрэйдээх бу суолу — сүрэхтэн сүрэххэ айанныыр аналы…”
Бүгүн, балаҕан ыйын 1 күнүгэр, СӨ норуодунай поэта, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Наталья Харлампьева 70 сааһын туолла. Кини Арассыыйа суруйааччыларыгар улаханнык ытыктанар, биллэр, норуоттар доҕордоһууларын олохтуурга, саха литературатын таһаарарга, ийэ тылбыт сайдыытыгар, көлүөнэлэр солбуһууларыгар, атааннаах үйэҕэ кэскил, эрэл хааларыгар олус элбэҕи оҥоро сылдьар киһи, поэзия хонуутугар саадаҕын курданан киирбит Кыыс Ньургун буолар. Хаһыаппыт урукку эрэдээктэрин дьоро күнүнэн эҕэрдэлиибит!
«Көлүөнэм иэһин толордум…»
Атырдьах ыйа эдьиийим,
Мин эйигин таптыыбын!
Кэлбит үһүбүн бу сиргэ
Эн тиһэх хараҥа түүҥҥэр,
Олох устун мэлдьи
Эйигин батыһаары,
Эн курдук холку, дьоһун
Айылгылаах буолаары…
— Наталья Ивановна, алаас аайы кэбиһиилээх от томтойор, уйгу-быйаҥ аллар кэрэ кэмҥэ төрөөбүккүн. Ханнык эрэ түгэҥҥэ, олоххо кэннигин эргиллэн көрөр, толкуйга түһэр кэм баар буолар. Эн айар үлэҕэр ханнык үлэҕин кэбиһиилээх от курдук томтотон, ордук чорботон көрөҕүн?
— Суруйааччыга, ийэҕэ оҕолоро бары күндүлэрин курдук, кинигэлэрэ бары да күндү буоллахтара дии. Ол эрэн, сааһыран олорон санаан көрдөхпүнэ, мин биир улахан сүрүн үлэбинэн “Жизнь замечательных людей” сериянан тахсыбыт Сэмэн Дайыылап туһунан кинигэбин сыаналыыбын. Тоҕо диэтэххэ, учууталбыт Семен Петрович иннигэр мин көлүөнэм иэһин толордум. Иккис өттүнэн, саха литературатын историятын саамай ыарахан кэмнэригэр суруйааччылар хайдах үлэлээбиттэрин, классиктар ааттарын тилиннэрэр туһугар охсуспуттарын туһунан кырдьыгы тиэрдиэхпин баҕарбытым. Бэйэм сыанабылбынан, бүгүҥҥү күҥҥэ үлэлээн кэлбит кинигэлэрбиттэн биир саамай дьоһуннара дии саныыбын.
Саамай элбэх үлэни эрэйбит кинигэм, күүспүн-уохпун ууран, өйбүн-санаабын түмпүт үлэм буолар. Виктор Данилович Михайлов барахсан наһаа үчүгэйдик сыаналаабыт этэ: “Саха литературатын историятын үөрэтэр учебник курдук суолталаах кинигэ” диэн. Барыан аҕай иннинэ рецензия суруйбута. Ону олус үчүгэйдик саныыбын уонна кини бөлүһүөк да, учуонай да быһыытынан сөпкө өйдөөбүт диэн сыаналыыбын.
…Бүгүн мин кэннибэр
Кини турар –
Харыстаабыт, араҥаччылаабыт
Убайдарын аатын сибигинэйэ,
Олоҥхотун сүдү күүһүн
Сөҕө-махтайа,
Сүрэҕин мучумаанынан
Суруллубут хоһооннорун
Дьоно-сэргэтэ
Умнубатын Астына…
Кини тэлбит ыллыгынан,
Кини солообут суолунан,
Кини алгыһын иҥэринэммин,
Кини кэриэһин тутуһаммын
Айаннаан иһэбин!
«Кытаанах да учуутал үтүөтэ тахсан кэлэр»
— Билии күнэ үүммүтүнэн, үөрэппит-такайбыт учууталларгын ахтан-санаан аастаххына…
— 1-кы кылааска киирбиппэр сүрдээх кытаанах, кырыктаах да диэххэ сөп, учуутал түбэспитэ. Оччотооҕу учуутал кымаахтыыра эҥин көҥүллэнэр быһыылааҕа. Тугу эмит өйдөөбөтөхпүтүнэ, наһаа ыарыылаахтык чанчыктыыра уонна кымаахтыыра, онто көҕөрөн тахсара. Биллэн турар, үрдүбүнэн үрүҥ чыычаах көппөтөх киһи, наһаа хомойорум, ытыырым, дьиэбэр кэлэн, “оскуолаҕа аны барбаппын!” диирим. “Хайдах буоллуҥ, атын учуутал суох, үөрэҕэ суох хаалаары гынаҕын дуо” дииллэрэ, ол учууталы кытта хаһан да аахсыбат этилэр.
Оннук кытаанахтык тутуллан үөрэммитим. Аны төһө да кыһаммытым иһин, “3-тэн” ордугу ылбаппын. 5-с кылааска тахсыыбар Сайсарыга аҕам балтыгар киллэрэн олохтоон, 20-с оскуолаҕа киирбитим. Онно олох да “4”, “5” сыанаҕа эрэ үөрэнэр буолан хаалбытым.
Оҕо сылдьан ол бастакы учууталбар төһө да хомойбутум иһин, билигин махтана саныыбын. Чиҥ, кытаанах билиини биэрбит эбит. Оҕо эрдэхпиттэн учуутал, улахан киһи сороҕор кырыктаах, кытаанах буолуон сөп эбит диэн өйдөбүл үөскээбит буолан, кэлин тэҥэ суох тутуу баар да буоллаҕына, онно бэлэм буоларбар ииппит эбит.
Билигин саныыбын: ис-испиттэн тостон биэрбэт майгылаах эбиппин дуу, эбэтэр, төттөрүтүн, ол ыарахаттар мин майгыбын уһаарбыттара дуу? Биллибэт ээ. Онон бастакы учуутал оҕо олоҕор наһаа улахан суолталаах. Маанылаан илдьэ сылдьар эрэ учуутал үчүгэй диэн буолбатах, сороҕор кытаанахтык туппут учуутал да үтүөтэ тахсан кэлэр эбит.
20-с оскуолаҕа бары тыа сириттэн кэлбит оҕолордоох кылааска түбэспитим. Ол саҕана куоракка көһөн кэлии “бэргии” сылдьыбыт кэмэ быһыылаах. 5-с кылаастан 10-һу бүтэриэхпитигэр диэри Евдокия Петровна диэн, Бүлүүтээҕи Бубякиннар педдинастияларын бэрэстэбиитэлэ кылааспыт салайааччыта этэ. Бааһынайдыҥы дьүһүннээх, уу сахалыы саҥарар, наһаа үчүгэй учуутал, киһи быһыытынан эмиэ кэрэ киһи этэ. Кини миэхэ аан бастаан литератураҕа, поэзияҕа интэриэһи үөскэппитэ. Бэйэтин идэтин наһаа таптыыра, олус элбэҕи биэрэ сатыыра, элбэх кинигэни доргуччу ааҕара уонна ситэри кэпсээбэккэ, “ааҕаарыҥ” диирэ. Оннук бэйэтэ туспа ньымалардаах этэ.
Нуучча тылын, литературатын наһаа үчүгэйдик биэрбитэ. Нуучча передвижниктарын хартыыналарынан өйтөн суруйууну тэрийэрэ. Ол мин саамай сөбүлүүр уруоктарым этэ. Онно дьэ, фантазиям сайдан, хас да лииһи суруйарым. Ону Евдокия Петровна наар холобур оҥосторо, уруоктарга ааҕара. Билигин ол нуучча передвижниктэрин хартыыналарын көрдөхпүнэ, билэр дьоммун көрбүт курдук буолабын. Учууталым ол курдук ускуустубаҕа интэриэһи үөскэппит эбит.
“Северная трасса” хаһыакка бастакы эрэдээктэрим Юрий Андреевич Остапенко диэн баара. Аҕам өлбүтүн кэннэ, кэтэхтэн үөрэнэ сылдьан, бастаан корректорынан кэлбитим. Биир сыл үлэлээн баран, литүлэһит буолбутум. Кини наһаа элбэҕи ааҕар, кинигэтин эрэдээксийэҕэ аҕалан аахтарар идэлээҕэ уонна ырытыһыыны тэрийэрэ. Эдэр киһи буоллаҕым, ол ырытыһыылары кулгаах-харах буолан истэр, иҥэринэр этим.
Кини айар дьоҥҥо олус болҕомтолоох киһи этэ. Суруйааччылары, ордук Сергей Шевкову кытары табаарыстаһара. Сахалыы хоһооннору суруйарбын билэн баран, Эдэр суруйааччылар сүбэ-мунньахтарыгар бар диэн модьуйан, тэрийэн ыыппыта. Онон испииһэккэ киирбэккэ да эрэ, мунньахха тиийэн, ырытыллан, онтон ыла аатым биллибитэ диэххэ сөп. Юрий Андреевич мин туспар үтүөтэ элбэх. Тугу ааҕыахтаахпын эрдэттэн толкуйдаан, кинигэлэри аҕалан аахтарар, ырытыһар этэ. Ол кини интеллектуальнай оскуолата миэхэ сүрдээх туһалаах буолбута.
Дьэ уонна Семен Даниловы ахтыбатахпына, хайдах да табыллыбат. Кини мин бастакы хоһооннорбуттан бэлиэтии көрөн, дьиэтигэр ыҥыран кэпсэтэн, анаан-минээн бүөбэйдэспит эбит. “Оннук-маннык суруй” диэн кэпсэтии суох буолара, олохдьаһах, поэзия, поэттар тустарынан кэпсэтэрбит. Уопсайынан, кини бүтүн көлүөнэни иитэн таһаарбыт: Николай Лугинов, Ньукулай Урсун, Тумат, Ойуку, Харысхал, мин – кини кынатын анныттан тахсыбыт дьон буоллахпыт.
Эдэр сааска киһи бэйэмсэх, “бэйэм бэрпинэн таҕыстым” дии саныыгын. Ким эрэ кэтэхпиттэн өйүү сылдьара буолуо диэн толкуйдаабаккын. Семен Петрович барбытын эрэ кэннэ, үгүс түгэннэри билбитим, хайдах миигин өйөөбүтүн. Суох буолбутун кэннэ, кини кэпсэппит нууччалыы тылбааһым кинигэтэ “Молодая гвардия” издательствоҕа тахсыбыта. Ити курдук элбэҕи кэпсиэххэ сөп.
“БОБОН-ХААЙАН ТУҺА СУОХ”
Сахалыы билбэт саханы
Үөхтүлэр төрөөбүт тылынан,
Кини сэрэйэ эрэ санаата
Тыллар тымныы суолталарын.
Сүлүһүнүн, уоҕун, сэнэбилин
Ситэ кыайан өйдөөбөтө,
Өбүгэлии сэргэх дууһатын туох да аймаабата…
— Билигин тыа сиригэр да оҕолорбут нууччалыы эрэ саҥарар буоллулар. Хайдах гынан оҕолорбутун сахалыы саҥаҕа, өйгө-санааҕа тардабыт?
— Ити миэхэ бэйэбэр олус чугас боппуруос. Икки сиэннээхпин, кинилэри сахалыы саҥардар сыал-сорук турар. Биллэн турар, төһөнөн сайдыылаах эйгэ (көмпүүтэр оонньуулара, мультиктар) баарын тухары, технология быһыытынан да инники иһэргэ оҕо тардыһар. Ол иһин нууччалыы саҥараллара үксээн иһэр. Итини хайдах да бобон-хаайан тохтотор кыахпыт суох. Утары тугу эрэ уунуохтаахпыт, муҥ саатар, мультиктары тылбаастаан.
Дьиэ кэргэн иһигэр оҕо сахалыы тыллаах буоларын анаан, оҥостон туран, тэрийиэхтээхпит. Бэйэтин дьаалатынан ыытан кэбистэххэ, оҕо сахалыы тылламмат күнэ-дьыла үөскээтэ. Улахан сыал-сорук туруорунан, сороҕор дьарыйан, сороҕор күүскүнэн хамсатан эрэ сахалыы саҥардыахха сөп. Омук менталитета, уратыта дьиэ кэргэҥҥэ иитиллэр. Тылы билиини таһынан, итэҕэлбитин, айылҕаҕа сыһыаммытын оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн иҥэрэргэ кыһанар наада.
Саха тылын тыыннаах хаалларар туһугар охсуһуу, үлэ дьиэ кэргэнтэн саҕаланыахтаах. Нуучча тылын боппокко эрэ, дьиэ кэргэҥҥэ оҕо икки тылынан саҥарарын курдук ситиһэр ордук буолсу. Оннук методикабыт да суох курдук. Нуучча тылын саха тылыгар утары туруорбакка эрэ, иккиэннэрин тэҥҥэ тутар методика баар буолуохтаах дии саныыбын. Биллэн турар, төрөөбүт тылын хайаан да билиэхтээх диэн сөпкө дьаһаннахпытына, кыаллара буолуо дии саныыбын.
“ЧЫПЧАХХАЙ ДИЭНИ БИЛЭН УЛААППЫТЫМ…”
Аҕаа, эн сииктээх буорга тиксибэтэх
Санааҥ сорҕото, дууһаҥ кыыма буоламмын,
Омуннаах бааллаах орто дойду олоҕор
Ааккын ааттата, дьүһүҥҥүн саната сылдьабын…
— Ийэҕиттэн-аҕаҕыттан ханнык үтүө хаачыстыбаларын ылбыппын дии саныыгыный?
— Мин айар кутум уонна олоҕу болҕомтолоохтук, уобарастаан көрүүм ийэбиттэн дии саныыбын. Кини аҕата олоҥхоһут этэ. Улуу Сыһыы кыыһа, бэйэтэ сүрдээх уус тыллаах, элбэх кэпсээннээх, араас былыргы үһүйээннэри билэр уонна биһиэхэ остуоруйа курдук кэпсиир идэлээҕэ. Оҕо эрдэхпиттэн онно бигэнэн улааппыт киһибин. Кини, арааһа, тылга тардыһарбын уонна онно туох эрэ дьоҕурдаахпын өйдүүр быһыылаах эбит. Анаан-минээн тыл күүһүн, тыл дьайыытын туһунан элбэҕи кэпсиир этэ. Күннээҕи олоххо уустук, сороҕор ыарырҕатыах да сөптөөх түгэннэргэ кини көрүдьүөс өттүн көрөн уонна урут буолбуту кытары ситимнээн, хайдах эрэ киһини уоскутар, бэйэтэ да уоскуйар майгылааҕа.
Биһиги хойукку, ороһу оҕолорбут, икки огдообо дьон 40 саастарыгар холбоһон, ыал буолбуттар. Ийэм миигин 42-гэр, бырааппын 47-гэр төрөппүт. Онон мааны, күндү оҕолор буоллахпыт. Биһиги доҕотторбутун наһаа үчүгэйдик көрсөр этэ. Билигин саныыбын, 50-чэ сыл табаарыстаспыт дьүөгэлэрбин кытары өйдөһүүм, күн бүгүнүгэр диэри доҕордоһо сылдьарым — ити ийэм тэрийбит тэрээһинэ эбит. Билиҥҥи үйэҕэ хонсуу диэн үгэс суох буолла дии. Биһиэхэ Ма5аҥҥа куораттан 4-5 кыыс тахсан хонор буолара. Бу санаатахха, барыларын аһатыахха, хонноруохха наада буоллаҕа дии. Ыарырҕатыан да сөп этэ. Ону кини хаһан да утарбат, ыарырҕаппат этэ. Онон кини мин киһи буолар эйгэбин тэрийбит эбит дии саныыбын.
Аҕам барахсан олус эрдэ, мин 18-пар өлбүтэ. Кини олус үлэһит киһи этэ. Нам улууһугар Көдөһү диэн сиргэ төрөөбүт-үөскээбит киһи. Хос эһэм Намҥа Бүлүүттэн кэлбитэ биллэр. Ону ситэри хасыһа иликпин. Аҕам Ма5аҥҥа киирэн, олус эдэригэр аттакыларга күһүн-саас үлэлэһэр эбит. Кини аҕата эрдэ өлөн хаалбытыгар, ийэтин, балтыларын Ма5аҥҥа көһөрөн киллэрэн, олохсуйбут.
Билигин өйдөөтөхпүнэ, аҕам бэйэтэ түгэх сиртэн нууччаларга киирэн, үлэлэһэн, олох тутулун, дьон сыһыаннаһыытын олох атыннык ылыммыт, өйдөөбүт киһи эбит диэн сыаналыыбын. Киниэхэ доҕотторо, нуучча оҕонньотторо кэлэн, кэпсэтэллэрэ, сүбэлэһэллэрэ. Ону кыра эрдэхпиттэн көрө үөрэммит киһи буоллаҕым. Арааһа, киниттэн миэхэ “толерантность” диэн өйдөбүл, атын омук диэн атыҥыраабат өй-санаа бэриллибит буолуон сөп.
Ааттаах-суоллаах аймах бэрдэ
Суолбун тэлэн биэрбэтэҕэ,
Бэйэм эрэлим, санаам күүһэ
Олохпор сирдээбитэ.
Дьонтон ордук мындыр өйдөөх
Дэнэргэ ымсыырбатаҕым,
Тыыннаах сылдьан улуу буолар
Аналга тардыспатаҕым…
Нуучча, омук суруйааччыларын кытары ыкса доҕордоһор.
— Оҕо эрдэҕинээҕи, саамай үчүгэй, умнуллубат өйдөбүллэриҥ?
— Оо, элбэх буоллаҕа дии. Сураҕа, оҕо сылдьан наһаа мэник эбиппин. Наар олбуор, күрүө үрдүнэн хаамар идэлээҕим. Ол сылдьан наар таҥаспын алдьатарым. Онон чыпчаххай диэни билэн улааппыт киһибин. Маанытын мааны этим да, буруйу оҥордохпуна, чыпчаххай да ыалдьыттыыра. Ийэм илиибин таһыйа-таһыйа: “аһыы дуу, ньулуун дуу?” диэн ыйытара. Ону мин балачча өһөс быһыылаахпын, “ньулуун, ньулуун” дии турарбын өйдүүбүн…
Тэлиэгэлээх этибит. Онно сытан, халлааны одуулаһарбын таптыырым. Былыттар хайдах усталларын көрөбүн, онно-манна маарыннатан, бүтүн остуоруйаны толкуйдаан таһаарабын. Ону ийэм бопсор этэ: “Олох халлааны көрүмэ, арааһы көрүөҥ!” диэн ааттыыра. Ону истиэм дуо, син биир көрбүтүм курдук көрөр буоллаҕым. Билигин санаатахпына, мин кыра эрдэхпинэ былыттар быдан интэриэһинэйдик усталлара… Оҕолуу фантазиям тугу эрэ омуннаах соҕустук ойуулаан көрөрө буолуо.
Аҕабын кытта букатын кырабыттан окко сылдьарым. Кыраабылынан от мунньан, омурҕаннаан, тэҥҥэ үлэлиирбит. Улахан туһам суох быһыылааҕа да, наар илдьэ барара. Чэй оргутан баран, туоһунан тордуйа оҥороро. Убаҕас сүөгэйи илдьэ баран, чэйин үүттүүрэ. Ону соччо сөбүлээбэппин, наһаа хойуу курдуга. Ол эрээри туох эрэ олус ураты амтаннаах, сыттаах буолара. Ол наһаа сырдык, уйаҕас өйдөбүл билигин да сүрэҕим-быарым ортотунан киирэн ааһар…
“ИЙЭ, ЭБЭ БУОЛАР ДЬОЛУ СЫАНАЛЫАХХА”
Кыра уолу маанылыахха,
Далбарга илдьэ сылдьыахха,
Олох үрдүк өйдөбүллэрин
Киниэхэ иҥэриэххэ!
Кыыһа Надяны кытта.
— “Эбээ Натааһа”, иһирэх ийэ хайдах киһиний?
— Соҕотох кыыстаахпын. Оҕом Саха национальнай гимназиятын бүтэрбитэ. Бастакы идэтэ пиарщик, Санкт-Петербурга үөрэммитэ. Ол идэтин соччо сөбүлээбэккэ, бэйэтэ баҕатынан эксээмэн туттаран, МГИМО-ҕа киирбитэ. Иккис идэтэ юрист, ол идэтинэн үлэлиир.
Оҕо эрдэҕинэ миэхэ туох да кыһалҕаны үөскэппэтэх киһи. Билигин бэйэтэ күлээччи: “Ийэбинээн интэринээккэ курдук олорбуппут” диэн. Миэхэ куруук быраатым, эдьиийим оҕолоро, балтыларым олорон үөрэммиттэрэ, онон куруук эдьиийдэрин кытары алтыһан улааппыта. Куоракка олорор саха ыала бары да ааспыт суола буолуохтаах.
Надя 4-5 сыл устата Хатылаевтар “Тэтим” ансаамбылларыгар барабааҥҥа дьарыктаммыта. Бэрээдэккэ, эппиэтинэскэ, дьиссипилиинэҕэ, түргэн-тарҕан буоларга онно сылдьан үөрэммитэ. Бэйэтэ ити дьарыгын наһаа сөбүлүүр этэ. Онон мин Хатылаевтарга махтанабын, оҕолорго сыһыаннара сүрдээх үчүгэй этэ уонна наһаа кыһаллан дьарыктыыллара. Лондоҥҥа баран, фольклорнай бэстибээлгэ гранпри ылан тураллар. Ол кинилэргэ дойдуларынан, омуктарынан киэн тутталларыгар улахан кыаҕы биэрбитэ, бэйэтэ сахалыы тыыннаах туспа оскуола курдук этэ. Кыыһым ол эйгэҕэ сылдьыбытын иккиэн олус үчүгэйдик ахтабыт.
12-лээх, 6-лаах сиэннэрим иккиэн уолаттар. Кырата “Туллукчаан” уһуйааҥҥа сылдьар. Сахалыы тылланарыгар бары дьиэ кэргэнинэн турунан туран үлэлэһэбит. Ийэ быһыытынан кытаанах, ирдэбиллээх соҕус ийэ быһыылаах этим. Интэринээт курдук олорбут оҕолорго кыратык хамандыырдыы сыһыаннастахха, дьыала бэрээдэктэнэр этэ. Бэйэм оҕобун онтон туспа туппакка, барыларыгар биир тэҥ сыһыаны олохтуур быһыылааҕым.
Көтөҕөн ылар мин дьолум,
Көмүс туорааҕым, сиэним,
Бу курдук судургутук
Тиийэн кэлэргин билбэтэҕим.
Билбэтэҕим мин олоҕум
Эн мичээргинэн туолуоҕун,
Эн төбөҕүн сыллаан ылар
Үрдүк үөрүү тосхойуоҕун…
Сиэннэрбэр, биллэн турар, олох атыммын. Сиэнчээннэрбин маанылыахпын, кинилэр баҕаларын толоруохпун, көрө иликтэрин көрдөрүөхпүн, билэ иликтэрин биллэриэхпин наһаа баҕарабын. Ол иһин атаахтатар эбээбин. Икки уол диэн дьылҕа бэлэҕэ буоллаҕа. Хойутаан эбээ буолбутум, мин саастыылаахтарым хос эбээ буолан олороллор.
Маҕаҥҥа даачалаахпыт, онно сиэннэрбин кытта тахсан сайылыыбыт. Саамай үчүгэй түгэннэр онно буолаллар – куорат оҕолоро айылҕаттан тэйиччи сылдьар буоланнар, онно тахсан туох баар үөнү-көйүүрү, чыычааҕы чугастан көрөн-билэн, олус интэриэһиргииллэр. Оҕуруот үлэтигэр көмөлөһөллөр. Сиргэ-буорга чугас буолалларыгар кыһаллабын. Сыыс оту үргэһэн, тиэргэн отун мунньуһан, сир астаһан – судургу үлэҕэ кыттыахтаахтар. Оттон урут 11-12-лээх оҕолор сопхуос биригээдэтигэр оттоһо барар дьон буоллахтара дии. Билигин оҕону үлэттэн олус тэйиттибит.
Ааҕалларын туруорса сатыыбын. Ааҕан иһэн, ортотугар тохтооммун, улахан уолу ааҕыыга син чугаһаттым. Кыра уол саҥа ааҕан эрэр. Оҕо кинигэттэн тэйбитэ биир улахан кыһалҕа. Наһаа мультиктарынан үлүһүйэн, оҕо саататар-аралдьытар эрэ өттүгэр баран хаалар, бэлэми, чэпчэкини, саататары эрэ ылынар буолар. Ол олус элбээн бардаҕына, оҕо сайдыытыгар мэһэйдээх диэн көрөбүн. Ааҕан, кыһаллан, дьоруойдары кытары тэҥҥэ ытаан-ыллаан, туох эрэ санааҕа ылларара диэн суох буолар. Биһиги кинигэҕэ улааппыт дьон онтон хомойор буоллахпыт. Оҕону аахтарыахха наада.
Ийэ да буолуу, эбэ да буолуу — улахан дьол. Ол дьолу сыаналыахха, дуоһуйа иҥэриниэххэ, өрө тутуохха наада. Наһаа түбүккэ түспүт ийэлэр баар буолааччылар, оҕом улаата оҕустун эрэ диэн баҕалаахтар. Оннук гынан оҕоҥ үтүө сааһынан манньыйбакка хаалаҕын. Миэхэ да оннукка маарынныыр баар этэ, билигин дьэ, сиэннэрим саҥаны билэллэринэн, өйдүүллэринэн саастаах киһи манньыйабын даҕаны, ол онтон киһи олоҕо уһуура да буолуо дии саныыбын…
…Бу мин!
Ылыныҥ, ылынымаҥ,
Иччилээх тылларым
Күүһүгэр уйдаран,
Үйэни уҥуордуур
Айаммар турунан,
Сирдээҕи аналым
Кустугун аннынан – бу мин!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: