«Мин биисинэһим» киин элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн стартабын өйүөҕэ

Share

«Мин биисинэһим» киин «Көдьүүстээх уонна күрэстэһэр кыахтаах экэниэмикэ» национальнай бырайыак чэрчитинэн олоххо киирэр «Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ – дьоҕус биисинэс» үөрэтэр бырайыакка кыттарга сайаапкалары тутуу саҕаламмытын туһунан иһитиннэрэр.

Бырагыраама  балаҕан ыйын 8-12 кк. диэри Дьокуускай куоракка ыытыллыаҕа уонна бэйэ дьыалатын арыйарга эбэтэр сайыннарарга интэриэстээх элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн бэрэстэбиитэллэригэр ананар.

Биэс күннээх үөрэх устата кыттааччылар биисинэс-компетенцияларын сайыннарар кыахтаныахтара:

  • — бэйэ биисинэс-бырайыагын оҥорон көмүскүөхтэрэ;
  • — эрэгийиэн ситиһиилээх урбаанньыттарыгар дьыалабыай сырыыларга кыттыахтара;
  • — уопуттаах эспиэрдэртэн биирдиилээн консультациялары ылыахтара.

Бырайыактар күрэхтэрин кыайыылааҕа биисинэһи олоххо киллэрэргэ уонна сайыннарарга 150 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх гранынан өйөбүлү ылыаҕа.

Кыттарга элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн (18-гар диэри саастаах үс уонна онтон элбэх оҕолоох) чилиэннэрэ – физическэй сирэйдэр, бырагыраама саҕаланар күнүгэр үс сылтан ордуга суох кэмҥэ бэлиэтэммит дьоҕус уонна орто урбаан субъектара, ону таһынан бэйэлэрин дьарыктаах өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо ыҥырыллаллар.  Биир дьиэ кэргэнтэн икки киһи кыттара көҥүллэнэр.

Сайаапканы атырдьах ыйын 27 күнүгэр диэри манан киирэн толоруохха сөп: https://forms.yandex.ru/cloud/6881dd68e010db155054b9e4

«Мин биисинэһим» эрэгийиэннээҕи киин Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Көдьүүстээх уонна күрэстэһэр кыахтаах экэниэмикэ» национальнай бырайыак чэрчитинэн урбаанньыттарга өйөбүлү оҥорор.

Recent Posts

  • Сонуннар

11 ый иһигэр 9,5 тыһ. кырачаан күн сирин көрдө

Саха сиригэр 9514 оҕо төрөөтө. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ 2014 сылтан нэһилиэнньэ ахсаана үрдүү турар Уһук Илин…

9 часов ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирэ дьоруойдарынан киэн туттар

Саха сирэ хорсун-хоодуот дьонунан аатырар. Саха сирэ бэйэтин  устуоруйатыгар элбэх дьоруойу бэлэхтээбитэ, олор истэригэр Аҕа…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх
  • Чэгиэн

Оҕо этигэр-сиинигэр D битэмиин төһө элбэҕин босхо бэрэбиэркэлииргэ этии көтөхтүлэр

Хата бу бэрт этии буолбут. Билигин киһиэхэ ханнык битэмиин тиийбэтин бэрэбиэркэлэтээри дьон хастыы да тыһыынчаны…

9 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Буровой баазатыттан уоран сууттанна

Мииринэй оройуонун суута Ленскэй оройуонун 39 саастаах олохтооҕун улахан уорууга буруйдаата. Буруйдаах киһи тралга суоппардаабыт…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нэһилиэгин бүтүн Арассыыйаҕа ааттатта

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү нэһилиэгин урбаанньыта Иван Иванович Борисов туһунан “Саха сирэ” хаһыат саайтын нөҥүө…

10 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Аҕа дойдуну көмүскээччи – эн үрдүк ааккар сүгүрүйэбит!

Аҕыс уон сыл анараа өттүгэр, аан дойдуну аймаабыт, харах уута тохтуулаах Аҕа дойду Улуу сэриитэ…

10 часов ago