«Мин эйгэбин» педагогика мастарыскыайа — 15 сыла (видео)

Share

Дьиэ кэргэн педагога Любовь  Аргунова оҕону иитии боппуруостарыгар бэйэтин үөрүйэҕин, саҥа көрүүлэрин куруук биир санаалаахтарын кытары   үллэстэр, саҥаттан саҥа тэрээһиннэри ыытар, улуустарынан сылдьан тарҕатар. 

Бэс ыйын 8 күнүгэр, даачатын  тиэргэнигэр дьаабылака маһын сибэккитэ ситэн турдаҕына,  “Мин – эйгэбин” педагогическай мастарыскыайга биир санаалаахтарын санаа үллэстиитигэр, инники былааннары торумнуурга  ыҥырда.

Көрсүһүүгэ СӨ Үөрэҕириигэ министиэристибэтиттэн, сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэртэн, бибилэтиэкэлэртэн оскуолалартан бииргэ үлэлэһэр дьоно уонна кини ыытар тэрээһиннэрин, бырайыактарын сэҥээрээччилэр, өйөөччүлэр, дьүөгэлэрэ, аймах билэ дьоно өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан муһуннулар.

Любовь Аргунова бэйэтэ этэринэн, маннык көрсүһүүлэри аан бастаан Саргы Олесова тэрийиэҕиттэн үтүө үгэскэ кубулуйда. Ол да иһин, сайын кэлиитэ, айылҕа тиллиитэ  дьиэ кэргэн сүбэһитэ Любовь Семеновна даачатын тиэргэнигэр ыытыллар дьоро күҥҥэ кубулуйда.

Быйылгы көрсүһүү “Мин – эйгэбин” педагогика мастарыскыайа үлэлээбитэ 15 сылыгар ананна. 80 сааһын томточчу туолбут Любовь Аргунова “Мындыр саас” бырайыагар сааһырыы култууратыгар санаалара, этиилэрэ ханнык баҕарар киһини кырдьар сааска бэриммэккэ көҕүлүүллэригэр махтанан уонна “СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ” үрдүк ааты ылбытынан  элбэх эҕэрдэ тыллар этилиннилэр.

Дьоро күн сайыны көрсө салама баайыытыттан саҕаланан баран, ыһыаҕы көрсө оһуохайынан түмүктэннэ.

БЫҺААРЫЫ:

 Любовь АРГУНОВА — Учууталлар учууталлара,  СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ норуотун  педагогикатын ассоциациятын чилиэнэ, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, педагогическай үлэ бочуоттаах бэтэрээнэ, дьиэ кэргэн педагога, социальнай эколог, Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Төҥүлү бочуоттаах олохтооҕо, Саха сирин үөрэҕириитин ситимин бочуоттаах попечитела, “Гражданскай килбиэн”, “Мэҥэ ааттар” бэлиэлэринэн наҕараадаламмыта.

Дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитиигэ 10-тан тахса кинигэ ааптара. Кини үтүөлээх сынньалаҥҥа тахсан баран ыалга ананар суруйууларын  “Олох ситимнэрэ” диэн ийэтигэр анаабыт ыстатыйаттан саҕалаабыта.  Онтон ыла “Далан “Тыгын Дархан” арамаана оҕо иитиитигэр” (2003 с.), “Айылҕа – дьоһун педагог” (2004 с.), “Эдэр ыалга сүбэлэр” (2005 с.), “Искусство быть родителем” (2007 с., 2015 с.), “Ыал дьонун араҥаччылаан” (2015 с.), “Киһи, ыал, удьуор утума” (2018 с.), “Оҕо сааһы одуулуубун” уо.д.а. кинигэлэр күн сирин көрбүттэрэ.

Хаартыска: Л.Аргунова тиксэриилэрэ

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга 15-с №-дээх оскуолаҕа миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрбиттэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай куорат 15-с №-дээх оскуолатыгар миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрии киирбит. Бу…

34 минуты ago
  • Сонуннар

Ситэриилээх былаас кэлэр сыллааҕы отчуотугар бэлэмнэнэни саҕаланна

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов бүгүн Үөһээ Бүлүү уонна Чурапчы улуустарын баһылыктарын, ону…

55 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Таиланд уонна Филиппины боксердара Дьокуускайга кэллилэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай аэропордугар Таилантан уонна Филиппиныттан кэлбит боксердары көрүстүлэр. Спортсменнар ахсынньы 14…

1 час ago
  • Бэрээдэк

Усуйаана олохтооҕо светильнигинэн кырбаан киһини өлөрбүт

Усуйаана улууһун 50 саастаах олохтооҕо билэр киһитин тимир светильнигинэн кырбаан өлөрбүт. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Искусственнай интеллект эйгэтигэр анаммыт тэрээһин үлэтин саҕалаата

Ил Дархан Айсен Николаев  “Искусственнай интеллект эйгэтигэр айан” норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ кыттыыны ылла. Суолталаах тэрээһиҥҥэ…

2 часа ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга «Руслан» маҕаһыын умайда

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускайга "Руслан" тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна саппаас чаастары атыылыыр маҕаһыын умайда.…

2 часа ago